Уруккуну билиҥҥилиин ситимниир сир түннүгэ киһи

17.08.2017
Бөлөххө киир:

Таатта улууһугар тиийэн, Чөркөөх алаастарынан, сайылыктарынан сылдьарбытыгар уонна Ытык Күөлгэ диэри «атах тардыстарбытыгар» суоппар, сирдьит, гид оруолларын биир киһи толордо. Кини – «Саха сирин политическай сыылката» Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай музей (музей комплекса) сэбиэдиссэйэ Николай Ефимович Попов. Айаммыт-сырыыбыт былаһын тухары сир түннүгэ киһи сэһэнэ-сэппэнэ сэллээбэтэ.

edersaas.ru


Олоҕун олуктара

1945 сыл сэтинньи 21 күнүгэр Баайаҕаҕа холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

1967 – 1972 сс. – П.Алексеев аатынан сопхуоска хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ.

1975 – 1976 сс. – П.Алексеев аатынан сопхуос дириэктэрин хаһайыстыбаннай чааска солбуйааччы.

1976 – 1977 сс. – “Таатта” сопхуоска рабочкомнуур.

1977 – 1984 сс. — Таатта оройуонугар култуура управлениетын сэбиэдиссэйэ.

1984 – 1985 сс. – Таатта оройуонунааҕы ситэриилээх кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

1985 – 1990 сс. – ССКП Таатта оройуонунааҕы кэмитиэтин сэкирэтээрэ, II сэкирэтээрэ.

1990 – 1994 сс. – «Холбос» потребсойуус Тааттатааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ.

1995 – 1998 сс. – Таатта (Ытык Күөл) нэһилиэгин баһылыга.

1998 – 2000 сс. – Алдан оройуонунааҕы потребсойуус бэрэссэдээтэлэ.

2000 – 2001 сс. – Уолба нэһилиэгин баһылыга.

2001 – 2005 сс. – Таатта улууһунааҕы социальнай харысхал управлениетын начаалынньыга.

2006 сылтан Чөркөөхтөөҕү политсыылка музей-комплексыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.

Сэмсэ тыл

Егор Шишигин, Ем. Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай холбоһуктаах музейын дириэктэрэ:

– Н.Е.Попов эдэр эрдэҕиттэн Суорун Омоллооннуун бииргэ алтыһан, эллэһэн үлэлээбит уонна ытык кырдьаҕас баҕа санаатын барытын олоххо киллэрбит киһи. Николай Ефимович курдук музей дьыалатыгар баай уопуттаах, бэриниилээх үлэһит өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биэс тарбах иһинэн хаалла. Маннык дьон көлүөнэлэри, уруккуну билиҥҥи кэмниин ситимниир сүдү суолталаахтар.

«Ойохтонуон иннинэ уордьаннаммыт уол»

Николай Ефимович, саха сиэринэн маҥнай кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын билиһиннэр эрэ.

– Баайаҕа нэһилиэгэр холкуостаах Попов дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Төрөппүт ийэм П.А.Ойуунускай хаан аймаҕа. Кырабыттан Дьүлэй нэһилиэгэр Седалищев Баһылай диэн огдообо аҕаҕа иитиллэн улааппытым. Кини тохсус сүһүөх тимир ууһа этэ, Кээрэкээн ойуунтан сыдьааннаах. Үөрэммит сирим – Игидэй, үлэһит буолбутум – Алдан нэһилиэгэ (Уус Таатта). Онон «норуот уолабын» дэниэхпин сөп.

  • Туох идэлээххин, үөрэхтээххин?
  • Маҥнайгы идэм техник-лесовод диэн. Аармыйаттан 1965 с. кэлээт, сыл аҥаара кууруска үөрэнэн, парашютист-баһаарынньык уонна хайа үлэтигэр дэлби тэптэрээччи идэлэрин ыламмын үлэлии сырыттахпына, 1967 сыл сэтинньитигэр Петр Алексеев аатынан сопхуоска хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн ыҥырбыттара. Тэрилтэм соцкуоталаһыыга кыайан, 1971 с. «Бочуот бэлиэтэ» уордьанынан наҕарадааламмытым. Табаарыстарым онон «ойохтонуон иннинэ уордьаннаммыт уол» диэн күлээччилэр. Ол эһиилигэр үрдүкү партоскуолаҕа үөрэнэ киирбитим уонна кэлиҥҥи куурустарга кэтэхтэн көһөн, үлэлии-үлэлии, үөрэнэн бүтэрбитим. Ити курдук бартыбыалламмытым үйэ аҥаара буолла.

— “Киһи – оҕотуттан” диэн сахаҕа иһэ истээх этии баар. Бука, туох эмит сыһыаннаах, санаалаах буолаҥҥын музей дьыалатыгар ылыстаҕыҥ…

— Кырдьык, бу олороммун ааспыты эргитэ-урбата санаатахпына, түбэспиччэ буолбатах быһыылаах. Дьүлэй начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирэрбэр оскуолабыт сэбиэдиссэйэ, сүрдээх үчүгэй учуутал Тимофей Петрович Кириллин музей тэрийбит этэ. Оскуолабытыгар өссө “Тыыннаах муннук” баара. Мин, алааска сүөһү-сылгы ортотугар улааппыт оҕо, онно аан маҥнай кууруссаны, куруолугу, сибиинньэни сөҕө-махтайа көрбүппүн төрүт умнубаппын ээ. Аны, иккиһинэн, оскуола алын кылаастарыгар үөрэнэ сырыттахпына, Петр Алексеев музейын экспонаттарынан байытаары куонкурус биллэрбиттэригэр ийэм чэй кутар-хаһаанар чараас ылтаһынтан оҥоһуллубут дьэрэкээн иһиттээҕин биэрбитим, онтум билиҥҥэ диэри көрдөрүүгэ турар. Үсүһүнэн, хомсомуолум чилиэнэ Уйбаан Айанньыытаптыын 1968 с. Аал Луук мас охтон сытарын туруорбуппут. Ити маска “абааһылаах”, “ойуун маһа” диэн ким даҕаны чугаһаабат этэ. Кэмэ оннук буоллаҕа.

— Дьэ-дьэ (Николай Ефимович сэһэргэһэ олорон, сэҥээрдэҕинэ итинник саҥа аллайарын үтүктэбин), ол туох маһый?

— Дьүлэй нэһилиэгэр (Туора Күөлгэ) Булгунньахтаах алааска кинээс Мииккэ Абрамов XIX үйэ саҥатыгар туруортарбыт. Аал Луук мас айылҕа маһыттан оҥоһуллар. Бу мас үчүгэйгэ эрэ туттуллар. Олоҥхо дойдутун ис хоһооно көстөр: лабааларыгар көтөр-сүүрэр чочуллан оҥоһуллар, оттон маска бэйэтигэр киһи-сүөһү төрүүр-ууһуур төрдө ойууланар. Холобур, оҕобун эбэтэр сиэммин аҕалан көрдөрдөхпүнэ, “Орто дойду оҥоһуута маннык эбит” диэн өйдөбүллээх барыахтаах. Дьэ, ити мас сэрии иннинэ аҕай охтубутун кытарар кыһыл хомуньуус Ылдьаа Барыыһап туруортарбыт, онтон иккиһин биһиги, уоттаах хомсомуоллар, туруорабыт.

Суорун Омоллоон Чөркөөххө музей тэрийэригэр ол Аал Луук маһы Ньукулаайап (Николаевскай) таҥара дьиэтин иһигэр киллэрэн туруортарбыта. Онно орулуур отут сыл турбутун кэнниттэн кырдьаҕаспыт: “Сыыстарбыт эбиппин”, — диэбитигэр 2007 с. төттөрү таһаарбыппыт. Инньэ гынан, олохтоох сиригэр, Булгунньахтаахха, үһүстээн турбута. Хата, дьиэ иһигэр туран үйэтэ уһаата. Биллиилээх мындыр уус Эрнст Алексеев Аал Луук маска кырыыһа уонна күрүө тутан биэрбитэ. Маһы боробулуоханан тартаран, хам баайбыппыт.

Көрүнньүк Аал Луук мастар

— Олоҥхо ыһыаҕын аайы тутан туруорар Аал Луук маспыт оччоҕо тугуй?

— Дьэ-дьэ. Аал Луук мас, эппитим курдук, айылҕаҕа үүнэн турар мастан оҥоһуллар. Оттон биһиги аныгы уустарбыт туга биллибэт дьэрэкээн оҥоһугу бас быстар сыанатыгар чочуйан таһаараллар. Мөлүйүөнүнэн харчыны ыһыахтарга, ырыаҕа-үҥкүүгэ, көргө-нарга кутуох оннугар култуура нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ угар тоҕо сатамматый. Көрүнньүккэ олус охтон, үлүһүйэн эрэбит. «Мировое дерево» диэн өйдөбүл баар. Ол мас нөҥүө норуоттар итэҕэлгэ, таҥараҕа ытыктабылларын көрдөрөллөр. Оттон биһиэнэ ону утарарга дылы. Куоталаһа-куоталаһа сиэдэрэйдик оҥороллоро – соччонон сыаналаах…

  • Тохтобулга, Былатыан Ойуунускай оҕо сылдьан оонньообут сайылыгар, Ойуун өйдөбүнньүгэ турар
  • Ис дьиҥин билбэт киһи ити эн этэр Аал Луук маскын ойуун маһыгар майгынната көрүөн сөп буолбатах дуо?
  • Суох, атын-атыттар. Ойуун кыырарыгар туттар маһа кэрэх дэнэр. Дмитрий Кононович: «Ойуун кэрэҕин уонна Аал Луук маһы хаһан даҕаны бииргэ тутумаҥ», – диэн сүбэлиирэ. Ити эрээри, ойуун барыта куһаҕан буолбатах. Боотуруускай улууска 170-тан тахса ойуун, биир оччо удаҕан бааллара үһү. Ойууттар – улуу дьон, саха норуотун түмэн олорбуттара, дьону халаабатахтара-уулаабатахтара. Биир эмит байбыт-тайбыт ойуун баарын истибитиҥ дуо? Суох! Суорун хара ойууннааһыны утарара.
  • Суорун православнай итэҕэли ордук өрө тутар этэ дии?
  • Православие Айыы итэҕэлин утарбат, сөп түбэһэр, ситэрэн биэрэр. Итэҕэл сокуонунан олорор буоллахха, хайата баҕарар туһалаах эрэ буолуон сөп. Төттөрүтүн, итэҕэлэ суох дьон – кутталлаахтар. Суорун бэйэтэ дьиэлэри көтүртэрэригэр сахалыы сиэр-туом толороро. «Үчүгэй тыыннаах киһиэхэ биһиги итэҕэлбит көмөлөөх», – диэччи. Кырдьаҕас бэлэспэр силлээн, 2006 с. Владимир кинээс сүрэхтэммит купелыгар сүрэхтэнэн турабын.

Чөркөөх музейа 40 сааһын туолла

— Николай Ефимович, үлэҥ баай биографиятыттан көрдөххө, музейга хойутуу кэлбит эбиккин…

  • Чөркөөх музейыгар 2006 с. ол саҕана улуус баһылыгынан үлэлии олорор М.А.Протодьяконов модьуйуутунан, С.П.Ойунская көрдөһүүтүнэн, Суорун Омоллоон ыҥырыытынан кэлбитим. Дьиҥэр, музей дьыалатыгар оройуон култууратын салайыахпыттан, ол эбэтэр 1977 сыллаахтан, кыттыстаҕым. Дмитрий Кононович ити сыл Чөркөөх музейын төрүттээбитэ. Онон быйыл 40 сылын туолар. РСФСР култууратын миниистирэ Ю.С.Мелентьев кэлэ сылдьан, миигин «министр культуры» диэн турар. Суорун оҕонньор көнньүөрдэҕинэ эмиэ «култуура миниистиринэн» ааттааччы, оттон санаата алдьаммыт кэмигэр «буржуазно-бюрократический стиль работы» диэн кириитикэлээн турдаҕына даҕаны көҥүлэ буолааччы. Дьиктитэ баар, Чөркөөх музейын «Суорун Омоллоон аатынан» диибит эрээри, билиҥҥэ диэри уурааҕынан-дьаһалынан бигэргэнэ илик. Суоттутааҕы музейга иҥэриллибитин иһин биэрбэттэрэ дуу…
  • Тааттаҕа кыраайы үөрэтээччи хаһыаҕытый?
  • Сүүһүнэн киһи баар. Дьон нэһилиэктэрин сырдатыыга күүскэ үлэлэстилэр. Дьүлэй уонна Октябрьскай нэһилиэктэрин чорботон бэлиэтиибин. Баҕар, соһуйуоҥ. Тааттаталар сир аайы музей бөҕөнү тэрийдибит гынан баран, кыраайы үөрэтэр-көрдөрөр музейбыт суох. Улуус таһымыгар диэн этэбин. Нэһилиэктэргэ бааллар. Баайаҕа, Туора Күөл, Чымынаайы, Чычымах куһаҕана суох музейдаахтар. Чөркөөх киэнэ политсыылканы көрдөрөр-кэпсиир “историко-мемориальнай” диэн ааттаах, аналлаах. Ытык Күөлгэ бэйэтигэр тэрийэр кыах баар. Улууспут баһылыга Михаил Соров бу хайысхаҕа үлэни ыыта сылдьар.

Ааспыт кэм алдьархайа – хара уоспа суоһуур

Эйигин, история уонна култуура пааматынньыктарын үйэтитиигэ үлэлии сылдьар киһини, бүгүн ордук туох долгутарый?

— Дьүлэйгэ Тэлэн диэн сиргэ олоҥхоһут Табаахырап сытар тумула, күөлүн уута сыл аайы эбиллэн иһэр буолан, сиҥнэ турар. Онон күөл кытылын бөҕөргөтөр үлэ ыытыллыан наада. Уҥуоҕун Эрнст Алексеев эргийбитэ. Эмиэ ити нэһилиэккэ Кэрэхтээх диэн эмтээх уулаах, бадарааннаах күөл уута куотарыгар тиийдэ. Сэмэн Жирков хаһаайыстыбата өссө холкуос эрдэҕинэ, 1960-с сыллар саҥаларыгар, Булгунньахтаахха турар Ньукулаайап (“Николаевскай” дэнэр) чочуобунатын таһыгар Петр Алексеевка күрүөлээх чочуобуна туттарбыта. Ити улахан чочуобуна тулатыгар өбүгэлэрбит көмүллэн сыталлар. Ол миэстэттэн сайын аайы сиҥнэн чугаһаан иһэр дүөдэ 7 миэтэрэ хаалла. Киһи ордук дьиксинэрэ баар – олор икки ардыларыгар былыр уоспаҕа өлбүт 60-ча киһи бииргэ көмүллүбүт ииннэрэ баар, итинтэн дүөдэ 2 эрэ миэтэрэ… Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Е.А.Чекиҥҥэ суруйбутум кэнниттэн хамыыһыйа кэлэн көрөн барда.

Тохтобул сайылыкка П.А.Ойуунускай 1920 с. тыл эппит тырыбыынатын 2006 с. иккистээн чөлүгэр түһэрбиттэрэ

Ойуунускайбыт төрөөбүтэ 125 сылыгар бэлэмнэнэбит

  • Бэлиэ кэрдиис кэмҥитин, 40 сылгытын, хайдах бэлиэтиир былааннааххыт?
  • Улууспутугар балаҕан ыйын 14-гэр, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүт күнүгэр, «төгүрүк остуол» тэрийиэхпит. Онно ыччаты интернациональнай-патриотическай өйгө-санааҕа иитии үлэтин тупсарыыны уонна чугастааҕы кэмҥэ үлэлиэхтээх соруктарбытын кэпсэтиэхпит. Үөрэх, наука уонна казачество бэрэстэбиитэллэрин барыларын кытыннарыахпыт.

Маны таһынан биһиги Ойуунускайбыт 125 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнэбит. Г.И.Данчикова бырабыыталыстыбаҕа олорон, кини кэнниттэн Е.А.Чекин кэлэн бардылар. Музей уһаайбатыгар 28 эбийиэк баар. Суорун көһөртөрөн аҕалбыт история уонна култуура пааматынньыктарыттан үгүстэрэ эргэрдилэр. Онон элбэх өрөмүөн үлэтэ ыытыллара эрэйиллэр. Хас биирдии балаҕан үрдүгэр ардахтан, күн уотуттан хаххалыыр бүрүөһүн оҥотторуохпун баҕарабын. Элбэх киһилээх тэрээһиҥҥэ устан ылар гына. Аныгы матырыйаал үйэтигэр табыллар ини. Өтөхтөргө хаалбыт тутуулар ыһыллан-тоҕуллан бүттүлэр ээ. Кырдьаҕаспыт кэмигэр хомуйан, элбэх сыаналаах эбийиэги харыстаан тутан хаалбыппытыгар билигин махтанабыт эрэ.

  • Музей инникитин хайдах көрөҕүн?
  • Үүнэр көлүөнэни иитиигэ музей оруола сүҥкэн. Атын омуктардыын алтыһарга тирэхпит – бу! Тыла суох аҕытаатар, бырапагандыыс турдаҕа. Өйдөөх киһи сүүстэ истибитинээҕэр биирдэ көрбүтүн ордук ылынар. Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салайааччыларыгар – бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е.Николаевка С.Омоллоон үлэтигэр көмөтүн-өйөбүлүн, В.А.Штыровка быыстапкалыыр сааланы, Е.А.Борисов Ойуунускайга аналлаах Судаарыстыбаннас музейын туттарбыттарын иһин дириҥ махталлаахпын этэбин.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

Мария ВАСИЛЬЕВА  (СИА) хаартыскаҕа туһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0