Кулун тутар 8 күнэ – Аан дойду дьахталларын күнэ. Үйэ анараа өттүгэр дьахтар эр киһилиин тэҥ быраабы көрдөөн модьуйуу тыҥааһыннаах кэмэ этэ. Ити кэм биир саамай сөбүлээн туттуллар тылынан “прогресс” буолбута. Сайдыы быраап өттүгэр даҕаны, тиэхиньикэ да өттүгэр кымньыыламмыт курдук аан дойду үрдүнэн иннин диэки ыстаммыта. Уон сыл эрэ анараа өттүгэр эр киһини утары көрөртөн дьулайар дьахталлар, кыргыттар биир кэккэҕэ туран “эр киһи сатыырын биһиги итэҕэһэ суох кыайар кыахтаахпыт!” диэн биллэрбиттэрэ.
Сайдыы инники кирбиитигэр
ХХ үйэ маҥнайгы аҥаарыгар саҥа олохтоммут Сэбиэскэй Сойуус аан дойду туох-баар сайдыылаах бачыымнарын инники кирбиитигэр сылдьара. Ол иһигэр, дьахтар тэҥ быраабын көмүскүүр сокуоннары ССРС маҥнайгылары кытта ылыммыта. 1917 сыллаахха Сэбиэскэй Арассыыйаҕа дьахталлар куоластыыр уонна талыллар быраабы толору ылаллар. 1918 сыллаахха ылыллыбыт дойду Конституциятыгар дьахталлар уонна эр дьон тэҥ бырааптаахтара сүрүн сокуонунан бигэргэнэр.
Биир сүдү суолталаах декретинэн – “О привлечении работниц и крестьянок к работе в советских учреждениях» буолбута. Бу сокуон ылыллыбытын кэнниттэн, үйэлэр тухары төлөбүрэ суох дьиэ үлэтинэн эрэ дьарыктана сылдьыбыт тыа сиригэр олохтоох дьахталлар маассабайдык араас үлэҕэ тэҥ төлөбүр аахсан үлэлээн бараллар, араас сийиэстэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ дэлэгээтинэн талыллаллар, эрдэ санаммат үрдүк чыпчаалларга дабайан бараллар. Ити иннинэ учуутал, атыыһыт, буҕаалтыр, агроном уо.д.а. идэлэргэ дьахтар үлэлиирэ олуона курдук көстөр эбит буоллаҕына, кэрэ аҥаардар үлэ араас эйгэтин эрэллээхтик баһылаан бараллар.
Паша Ангелина бачыыма
Үйэ саҕаланыыта Арассыыйаҕа бааһыналар суханан тиэриллэр этилэр. Онон Сэбиэскэй Сойуус маҥнайгы сылларыгар тырахтарыыс идэтэ биир саамай сайдыылаах дьарык этэ. Уустук тиэхиньикэни баһылыырга бэҕэһээҥҥи бааһынайдар оҕолоро түһүммүттэрэ. Кинилэри кытта биир тэҥҥэ аныгы кэм кыргыттара саҥа идэҕэ үөрэнэн барбыттара. Оччотооҕу кэм үгэһинэн тыһыынча киһиттэн биир киһини чорботон, бастыҥ холобур оҥорбуттара. Ол курдук, 1929 сыллаахха тырахтарыыстар куурустарын ситиһиилээхтик түмүктээбит 16 саастаах Прасковья Ангелина аата дойду үрдүнэн ньиргийбитэ. 1933 сыллаахха Паша Ангелина тэрийбит дьахтар тырахтарыыстар биригээдэлэрэ хаһыат сирэйиттэн түспэт буолбута, уонна, биллэн турар ССРС үрдүнэн тыһыынчанан кыргыттарга холобур буолбута.
Саха сирин тырахтарыыс кыргыттара
Саха сиригэр тыраахтары ыытарга үөрэнэ маҥнайгы тырахтарыыстар өрөспүүбүлүкэ таһыгар баран кэлэллэрэ. Маҥнайгы тыа мэхэньисээтэрдэрин үөрэтэр куурустар Саха сиригэр 1930 сылга арыллыбыттара. 1934 сыллаахха арыллыбыт Тыраахтар биригэдьиирдэрин уонна мэхээнньиктэр оскуолатын маҥнайгы 26 устудьуонун иһигэр Мэгэдьэктээҕи МТС-тан ананан кэлбит Александра Попова Саха сирин маҥнайгы үөрэхтээх дьахтар тырахтарыыһа буолбута. Туйгун үөрэхтээх хомсомуолка кыыс куурус бастыҥ үөрэнээччилэрин иһигэр сылдьыбыта. 1936 сыл муус устар 10 күнүгэр маҥнайгы выпуск үөрэҕин түмүктээбитэ, түөрт эксээмэнин “туйгун” сыаналаах бүтэрбит устудьуоннартан биирдэстэринэн Александра буолбута.
Саха сирин кыргыттара тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин маассабайдык 40-с сылларга баһылаан барбыттара. Холобур, 1939 сыллаахха тырахтарыыстар куурустарыгар 9 кыыс үөрэнэ сылдьыбыт эбит буоллаҕына, 1940 сыллаахха хайыы үйэ 25 кыыс уустук тиэхиньикэни баһылыырга үөрэнэ сылдьара. Онтон кэлэр сылларга мэхэньисээтэр буолуон баҕалаах дьахталлар ахсааннара элбээн эрэ испитэ: 1941 сыл – 100, 1942 сыл – 179, 1943 сыл – 187. Биллэн турар, маннык маассабай көстүү биир сүрүн төрүөтүнэн сэрии ыар сыллара буолбуттара. Фроҥҥа барбыт эр дьону солбуйан тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр кэрэ аҥаардар туруммуттара.
Сэрии ыар сылларыгар
Саха сирин аатырбыт мэхэньисээтэр дьахтара, тыраахтары, комбайны үйэтин-сааһын тухары ыыппыт Февронья Дмитриевна Соловьева ити кэмнэр туһунан бу курдук ахтан суруйбута: “Боруоҥҥа барбыт эр дьону солбуйаары өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыттан 72 дьахтар тырахтарыыска үөрэнэ кэлбиппит. Ый эрэ курдук үөрэнэн баран бары үлэ боруонугар түһүммүппүт. Мин Карл Маркс аатынан холкуоспар төннүбүтүм. Миигин кытта дьүөгэм Христина Корякина үлэлиирэ. Кыһыннары-сайыннары хара сарсыардаттан түүҥҥэ диэри үлэлиирбит. Тоҥуу-хатыы, аччыктааһын, билигин санаатахха, амырыын сыллар этилэр. Биирдэ, тырахтарыыс идэлээх киһи көстүбэккэ, бурдук ыһыытын үгэнигэр, солбуйар киһитэ суох үлэлииргэ күһэллибитим. Киэһээтин, сэниэм эстэн, тыраахтарбыттан түспэккэ, уруулбар умса түһэн утуйан хааларым. Дьэ онно сэбиэккэ “тырахтарыыс кыыс быстар сылайбыт, балаһыанньаны көннөрүөххэ” диэн боппуруос туруоран, Алексей Дьоскуоскай диэн ааттаах солбуйар уолу анаабыттара. Онтон син сынньанан, арыычча буолбутум”.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Тыраахтар биригэдьиирдэрин уонна мэхээнньиктэрин оскуолата 1348 үлэһити үөрэтэн таһаарбыта. Ити иһигэр: 58 мэхээнньик, 161 биригэдьиир, 634 тырахтарыыс, 183 комбайнер, 37 комбайнер көмөлөһөөччүтэ, 46 силиэсэр, 12 туокар, 20 суоппар. Көстөрүн курдук, тырахтарыыс идэтэ ордук наадалаах буолан бэрт элбэх исписэлиис ити идэни баһылаабыт.
Түмүккэ
Бүгүн киһи аймах кэрэ аҥаара тырахтарыыс тыйыс идэтин соччо кэрэхсээбэт, кини кыаҕар, сатабылыгар ордук табыгастаах, үрдүк хамнастаах идэлэр билигин элбэхтэр. Билигин тиэхиньикэҕэ сыстаҕас кыргыттар эр дьонтон итэҕэһэ суох элбэхтэр, массыына ыытан иһэр дьахтар кими даҕаны соһуппат буолбута ыраатта. Куорат, улуус аайы массыына ыыталларын сөбүлүүр кыргыттар түмсүүлэрэ баар, кимнээҕэр көхтөөхтөр, араас уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ кытталлар, бэйэлэрин бырааптарын туруорсаллар. Кэнники кэм бэлиэтэ – ыраах айаннаах сүүнэ улахан “большегрузтары” ыытар кыргыттар элбээбиттэрэ буолар. Урут кэтэх санаата суох туттуллар “киһи аймах мөлтөх аҥаара” диэн өйдөбүлү саҥарар кыбыстыылаах курдук буолла. Ол да буоллар, эр дьоннор, кэрэ аҥаардарбытын харыстыаҕыҥ, көмүскүү, ытыспыт үрдүгэр тута сылдьыаҕыҥ!
Егор Карпов, «Саха сирэ»