Урукку докумуоннары хантан көрдүүбүт?

Ааптар: 
29.01.2022
Бөлөххө киир:

Сахалар Сэбиэскэй былаас кэлиэн иннинэ түҥ былыргыттан төрүттэрин ааҕаллара. Дэлэҕэ кэлбит-барбыт киһи аайыттан «кимтэн кииннээх, хантан хааннаах» буоларын туоһулаһыахтара дуо? Билигин, хомойуох иһин, эһээ, эбээ кэнниттэн кэлэр өбүгэлэрин билэр киһи ахсааннаах. Ол эрэн, кэнники сылларга бу билиини хаҥатар, төрүччү сурунар үтүө үгэс үөскээтэ, бэрт киэҥник тэнийдэ. Ол эрэн, төрүччү суруйуу бэрт элбэх сыраны уонна үбү ирдиир уустук тэрээһин. Араас дойду архыыптарын, мусуойдарын, таҥара дьиэлэрин кэрийиигэ олус элбэх бириэмэ ирдэнэр, сыра-сылба даҕаны баранар. Маны дьон араас ньыманан быһаарар — сорохтор бу дьыаланы идэ оҥостор дьону наймылаһар, сорохтор бэйэлэрэ дьарыгыраллар.

Сүрүн көрдүүр сир — Национальнай архыып   

Дьиҥэр, олохтоох сэбиэттэн саамай ырааппыта хос эһээ, эбээ хаһан, ханна төрөөбүтүн буларга көмөлөһүөн сөп. Онтон салгыы, бары суоллар биир сиргэ тиэрдэллэр – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар. Манна холкуостааҕы испииһэктэр, ЗАГС докумуоннара,17 үйэҕэ тиийэ таҥара дьиэлэрин “церковно-приходской” кинигэлэрин суруктара мунньуллан сыталлар. Архыып дьиэтин таһынан бары даҕаны бэрт элбэхтэ ааспыт буолуохтаахпыт, ол эрэн иһигэр киирэн үлэлиир туһунан кыһалҕалаах эрэ киһи толкуйдуур. Онон хайдах быһыылаахтык, төһө төлөбүргэ бу дойдуга хасыһыахха сөбүн туһунан үгүспүт билбэт.

Архыыпка үлэлээһин төлөбүрү ирдээбэт. Бу туһунан Арассыыйа сокуоннара чопчу быһаарар балаһыанньалара баар – ханнык баҕарар дойду гражданина сайаапка түһэрэн, босхо үлэлиир бырааптаах. Докумуоннары кытта үлэ архыып ааҕар саалатыгар ыытыллар.

Архыыпка төрүччүнү таҥыы таһынан, үлэлээбит стажкыт устатын, урукку кэмҥэ ылбыт хамнаһын кээмэйин туоһулуур докумуоннары көрдүөххэ сөп. СӨ Национальнай архыыбыгар сайаапка түһэрэн ирдиир докумуоннаргыт туһунан справка ылыахха сөп. 2021 сылтан ыла  маннык сайаапканы «Госуслуги» порталы туһанан СӨ Национальнай архыыбыгар эбэтэр муниципальнай архыыптарга ирдэбил түһэриэххэ сөп. Ирдээһини толоруу болдьоҕо 30 күнүнэн быһыллар.

 

АИС «ЭЛАР-Архив» көмөтүнэн

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыба АИС «ЭЛАР-Архив» программаны туһанан үлэлииргэ бэйэтин саайтыгар көҥүл биэрбитэ. Бу программаҕа регистрацияланан баран архыып пуондатыгар электроннай форматка көһөрүллүбүт докумуоннары кытта ирдэбил ыытан үлэлиэххэ сөп. Онлайн көрүөххэ сөп маннык докумуоннар электроннай куоппуйалара бааллар:

Ыал буолуу туругун Саха сирин киин оройуоннарын 1927-1928, 1909-1920 сыллааҕы испииһэктэрэ;

Якутскай уобалас таҥара дьиэлэрин 1896-1904 сыллаах метрическэй кинигэлэрэ;

Якутскай уобалас  1768-1858 сыллааҕы “ревизскай сказкалара”;

ЯАССР  оройуоннааҕы военкоматтарын 1941-1945 сс. сэрии кэминээҕи докумуоннара.

Бу докумуоннары кытта хайдах АИС Элар-Архив көмөтүнэн архыып саайтыгар үлэлиир туһунан быһаарыы суругу аахтахха, эрдэ маннык үлэни кытта көрсүбэтэх да киһи бэрт түргэнник быһаарсыан сөп. Бу программаны хайдах булар, үлэлиир туһунан 43-95-52 төлөпүөҥҥэ эрийэн ыйыталаһыахха сөп.

 

Урукку кэм хараллыбыт күлүктэрэ

Урукку кэм кинохроникалара, биһиги көлүөнэҕэ урукку кэми илэ хараҕынан көрөр, эт кулгааҕынан истэр кыаҕы биэрэллэр. Бэйэтин кэмигэр бэрт элбэх эриэккэс кинохрониканы СССР кэминээҕи оператордар, киинэни таптааччылар хааларбыттара биллэр.

Бу докумуоннары хантан булуохха сөбүй? Киинэ уонна аудио докумуоннары харайыынан Саха сиригэр аналлаах туспа тэрилтэ дьарыктанар. Жараев аатынан Саха сирин норуоттарын аудиовизуальнай (киинэ, видео, фото) нэһилиэстибэлэрин киинигэр олус сыаналаах, эриэккэс матырыйааллар мунньуллан сыталлар. Тэрилтэ пуондатыгар 1924 сылтан саҕаланар 36 тыһыынча кэриҥэ киновидео-докумуон баар. Илэ тиийэн кэпсэтиэн баҕалаахтар Дьокуускай куорат  С. Данилов аатынан уулусса 13 дьиэтигэр тиийэн билсиэхтэрин сөп. Интернет нөҥүө сайааапка ыытарга тэрилтэ электроннай почтатыгар:  gnhkd@mail.ru суруйуоххутун сөп, эбэтэр  44-89-91 төлөпүөҥҥэ эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп. Пуондаҕа ордук Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сыаналаах дии санаабыт видео-архыыпкытын ыытан харайыыга туттарыаххытын эмиэ сөп.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0