«Уруйдан, улуу Олоҥхобут»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Олоҥхо дэкээдэтин сонуннара тиһигин быспакка кэлэ тураллар.

«Уруйдан, улуу Олоҥхобут» уон бэһис төгүлүн ыытыллыбыт бэстибээлгэ, Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин киэн туттар ытык дьоно ситиһиилээхтик кыттаннар, биһигини, дойдулаахтарын улаханнык үөртүлэр. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, алгысчыт, оһуохайдьыт,  СӨ үтүөлээх этээччитэ, «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» бөлөх салайааччыта Афанасий Николаевич Попов П.Е.Решетников -Көһөҥө Бүөтүр «Тоҕус көс сири туйаҕын анныгар туората үттүүр, аҕыс көс сири атаҕын анныгар аралдьыта үттүүр ала-дьоруо аттаах Уордаах Кылыннаах Уордайа Хаан бухатыыр» олоҥхоттон быһа тардыыны толорон 1 истиэпэннээх лауреат, Валентина Петровна Харайданова -эбээ Валя А.М.Егасова-Дьохсоҕон кыыһа «Сыыдам сырыылаах ахсым аттаах Дуула бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыыны толорон анал аат, махтал сурук,бириис тутаннар дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ыллылар.

Харбалаахха иккис төгүлүн ыытыллыбыт аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүт ситим» олоҥхону дьиэ кэргэнинэн олоҕурбут ньыманан толорууга удьуор утум Харайдановтар Валентина Петровна, кыыһа Евдокия Харайданова, сиэн күтүөт Петр Васильев, сиэннэрэ Айыына, Дайаана Даниловалар, хос сиэннэрэ Уйусхаан, Эрхаан Николаевтар, түөрт көлүөнэ кыттан «Лыҥкынас кылыһахтаах, чоҥкунас куоластаах олоҥхоһуттар» диэн анал ааты сүктүлэр.

Туора-Күөлгэ «Табаахырап ааҕыылара» оҕолорго аһаҕас олоҥхо толоруутугар Дайаана Данилова 2 үрдэли ылан дьонун-сэргэтин үөртэ.
Олоҥхоһут, алгысчыт, мас, тимир ууһа С.Г.Алексеев — Уус уола Уустарабыс төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан Олоҥхо ассоциацията, Горнай улууһун култуураҕа салаата, солоҕоннор өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо күрэһин тэрийдилэр. Бу күрэскэ Харайданова В.П.- эбээ Валя кыттан 1 үрдэлгэ таҕыста уонна 3 тыһ. харчынан бириэмийэлэннэ. Анал zoom-кэмпириэнсийэҕэ ыҥырыллан, кыттыыны ылла. Санатар эбит буоллахха, былырыын бу күн Арчы дьиэтигэр М.Н.Ионова-Андросова төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо күөн күрэһигэр эбээ Валя эмиэ 1 үрдэли ылан турардаах уонна «Олоҥхо Ытык сүбэтин» чилиэнинэн киллэриллибитэ.


Быйыл Валентина Петровна, Иван Григорьевичтыын ыал буолан бур-бур буруо унаарыппыттара 55 сылларынан, «Олоҥхо Ытык сүбэтин» салайааччыта Бүөтүр Тихонов — Тэрчи дириҥ ис хоһоонноох Махтал суругун тутан үөрдүлэр, махталларын биллэрдилэр. Харайдановтар дьиэ кэргэн толорор олоҥхолоро биир дойдулаахпыт Акулина Егасова-Дьохсоҕон кыыһа «Сыыдам сырыылаах ахсым аттаах Дуула бухатыыр». Билиҥҥи кэм олоҥхо айааччыта Акулина Михайловна оҕолорго аналлаах «Үрүҥ Аар тойон ыйааҕынан Күн Сырал» олоҥхонон айымньыта оҕо аймахха утары уунар бэлэҕэ буолуоҕа.


Уус-Тааттаҕа «Дайыыла алгыстаах аартыга» фольклор күрэһигэр «Чыыбы-чобуо Дьохсоҕоттор» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө 2 үрдэлгэ таҕыста. Тойукка Лариса Попова туоһу сурук тутта.
Биһиги нэһилиэкпитин, Дьохсоҕону, урукку кэмнэргэ Таатта аатырбыт олонхоһута Дарыбыан Дабыыдап улаханнык аатырдыбыта, икки төгүл куоракка буолбут олоҥхолорго кыттан кыайан бириэмийэлэнэн.
Билигин олоҥхо аан дойду үрдүнэн биллибит кэмигэр, нэһилиэкпитигэр олоҥхону толоруунан утумнаахтык дьарыктанар «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» бөлөхтөөхпүт, салайааччы А.Н.Попов. Нэһилиэкпитигэр Улуу Олоҥхону айар сэдэх талааннаах киэн туттар киһилээхпит — А.М.Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа. Айыллыбыт Олоҥхолору толорон дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэрэр кыахтаах, талааннаах, көмүс сиэннэригэр, хос сиэннэригэр дьиэ кэргэнинэн толорорго уһуйар ытык Эбэлээхпит — В.П.Харайданова. Онон биһиги нэһилиэккэ олоҥхо сайдар, тэнийэр кэскиллээх. Олоҥхону өрө тутар кэнчээри ыччаттар бааллар. Олоҥхону айар, толорор дьоммут төрөөбүт тапталлаах нэһилиэктэрин киэҥник аатырда, суон сурахтыы, кэтит кэскиллии турдуннар!

Изабелла Жараева, Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ,

Дьохсоҕон, Таатта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0