Урсун бүгүн 75 сааһын туолла

Ааптар: 
13.04.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 13 күнүгэр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт, прозаик, литературнай кириитик, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай, Казахстан «Алаш» литературнай бириэмийэлэрин лауреаттара, Таатта уонна Нам улуустарын бочуоттаах гражданина Николай  Винокуров-Урсун бүгүн 75 сааһын туолла.

edersaas.ru

Николай Егорович Таатта оройуонун 2-с Байаҕантай (билиҥҥинэн Алдан) нэһилиэгэр «Чуппу» диэн сиргэ төрөөбүтэ. 1972 с. — Саха судаарыстыбаннай университетын,  1975 с. — Тыл, литература уонна история Институтун аспирантуратын,  1987 с.  Новосибирскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуола суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбитэ. «Күөрэгэй» диэн бастакы хоһооно  1961 с. «Бэлэм буол» хаһыакка бэчээттэммитэ. 1980 с. «Аларга» диэн бастакы кинигэтэ тахсыбыта.

Николай Егорович «Хотугу сулус» сурунаал поэзияҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн, «Чолбон» сурунаал кылаабынай редакторынан, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Билигин П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музей научнай-сырдатар салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.

Ытыктабыллаах Николай Егорович!

Эйигин, саха биир бөдөҥ талааннаах суруйааччытын, публициһын, литературнай кириитигин, тылбаасчытын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин, П.А. Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреатын, Таатта уонна Нам улуустарын бочуоттаах гражданинын, сүгүрүйэр, киэн туттар биир дойдулаахпытын олоҕуҥ бэлиэ кэрдииһинэн —  75 сааскынан үөрэн-долгуйан туран эҕэрдэлиибит!

Эн айар үлэ алгыстаах аартыгынан кимиилээхтик-хотуулаахтык айаннаан бар-дьонуҥ билиниитин, махталын ылыаххын ылаҕын. Оҕо-туҥуй эрдэххиттэн ийэ тылгын эккэр-хааҥҥар иҥэринэн, сымсаппакка, сыыһырдыбакка араҥаччылыы сылдьаҕын. Ааҕааччылар эн бары айымньыларыҥ — хоһоонноруҥ, кэпсээннэриҥ, ыстатыйаларыҥ, ахтыыларыҥ  дириҥ көрүүлээхтэрин, ураты эйгэлээхтэрин, уйан тыыннаахтарын, туспа философиялаахтарын бэлиэтээн кэрэхсии-астына ааҕаллар. Эн олоҕу хайдах баарынан хоһуйар, тиэрдэр айымньыларгар төрөөбүт-үөскээбит дойдуга таптал, Ийэ айылҕа уйгута-быйаҥа, оҕо саас ахтылҕана ордук иэйиилээхтик бэриллэр. Сахалар «Быралыйбат былыргыбытын», «Умнуллубат уруккубутун» түөргүлүүр баай матырыйааллаах чинчийиилэриҥ, сабаҕалааһыннарыҥ, суоллааҕы бэлиэтээһиннэриҥ чөмчөтүллэн тахсыбыттара биһиэхэ барыбытыгар ураты суолталаах үйэлээх бэлэх буолан туһалыыр, туһалыа да турдаҕа.

Ытыктыыр , сүгүрүйэр күндү Киһибит Николай Егорович! Саргылаах санааҕынан, кэскиллээх өйгүнэн норуотуҥ кутун-сүрүн харыстыы, уйулҕатын байыта сылдьарыҥ иһин, маны сэргэ биһиэхэ, таатталарга, куруук бөҕө тирэх, самныбат дурда-хахха буоларыҥ иһин эйиэхэ ис сүрэхпититтэн махтанабыт!

Айар баҕаҥ, айар дьалыҥыҥ аҕырымнаабатыгар, киэҥ ыырдаах суолуҥ-ииһиҥ «өргө диэри көстөн дьэрэлийэригэр» бигэ эрэллээхпит!

Таатта улууһун киин бибилэтиэкэтин кэлэктиибэ.

Ытык Күөл.  2020 сыл, муус устар 13 күнэ.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ»  хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0