Урсун 75 сааһын икки саҥа кинигэлээх көрүстэ. Кинини Ил Дархан эҕэрдэлээтэ!

13.04.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн, 2020 сыл муус устар 13 күнүгэр, саха биллиилээх бэйиэтэ, кириитик, тылбаасчыт, П.А.Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин  судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин “Алаш” литературнай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта, Нам  улуустарын Ытык киһитэ Николай Егорович Винокуров-УРСУН 75 сааһын туолла!

Николай Егоровиһы олоҕун бу кэрэ-бэлиэ даататынан сарсыардаттан чугас дьоно, биир идэлээхтэрэ-суруйааччылар, суруналыыстар, доҕотторо, биир дойдулаахтара-таатталар, махталлаах ааҕааччылара истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа баһылыгын аатыттан Николай Егорович истиҥ тыллардаах бырабыыталыстыбаннай эҕэрдэ-тэлэгирээммэни тутта.

Ытыктабыллаах Николай Егорович!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эйигин 75 сааскын туолбуккунан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Эн – Улуу Кыайыы саастыылааҕа, дойдубут дьиҥнээх патриота буолаҕыҥ! Эн олоҕуҥ тухары бу биһиги хотугу сирбит  духуобунай нэһилиэстибэтин араҥаччылыырга, байытарга туох баар билиигин-көрүүгүн, күүскүн, эрчимҥин анаан кэллиҥ. Бу үтүө-бэлиэ күҥҥэ, сахабыт литературатын, култууратын сайдыытыгар киллэрбит тус кылаатыҥ, үгүс сыллаах үтүө суобастаах үлэҥ иһин махтал тылларын этэбин!

Эн талааннаах айымньыларгын дьон-сэргэ таптаан ааҕар, эйигин ытыктыыр. Олоххо баай уопутуҥ, мындырыҥ уопсастыбаны түмүү, үүнэр ыччаты сиэр-майгы өттүнэн иитии боппуруостарын быһаарыыга улахан көмөлөөх, туһалаах буолалларыгар эрэнэбин! Үтүө доруобуйаны, айымньылаах үлэҕэр саҥа ситиһиилэри, Эйиэхэ уонна чугас дьоҥҥор этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.

Николай Егорович, элбэх кинигэ ааптара, уопсастыбаннай диэйэтэл, бу быйылгы үбүлүөйдээх сылын 2 саҥа кинигэлээх көрүстэ. Ол курдук, “Бичик” национальнай кинигэ кыһата “Хараҥа сискэ” диэн кэпсээннэрин хомуурунньугун уонна М.К.Аммосов аатынан ХИФУ бибилэтиэкэтэ суруйааччы Урсун биобиблиографическай ыйынньыгын бэчээттээн таһаардылар.

Бу Николай Егорович аан бастакы биобиблиографията буолар. Суруйааччы биографията, поэзията, тылбаастара, эрэдээктэр быһыытынан үлэлэрэ, хомуйан оҥоруулара, айар үлэтин, олоҕун о.д.а. чахчылара тус-туһунан анал түһүмэхтэринэн бэриллибиттэрэ бэрт интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох. Бэйиэт бэйэтэ этэринэн, манна кини псевдонимнарын туһунан анаан суруллубута эмиэ улахан суолталаах.

—Литературнай кириитикэҕэ бу иннинэ 2 кинигэлээхпин, онтубун салгыыбын. Тылбааска үлэм элбээтэ, кинигэ оҥорор баҕалаахпын. Уонна, динэбиньиикпин сурунабын, хас күн аайы. Сүүрбэччэ тэтэрээт буолла.., — диэн сэмэйдик хоруйдаата мин ыйытыыбар үбүлүөйдээх Николай Егорович Винокуров-Урсун.

Биһиги ытыктыыр суруйааччыбытыгар, хаһыатчыттар истиҥ доҕорбутугар, истиҥ эҕэрдэлэргэ кыттыһан туран, киниэхэ айар үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, туох баар кэрэни, үтүөнү баҕарабыт!

Татьяна МАРКОВА.

Хаартыскалар интэриниэт ситимиттэн.

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0