РФ Цифровой сайдыыга уонна сибээскэ министиэристибэтэ тэрийэн ыытар «Цифра уруога» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа 2019-2020 үөрэх дьылыгар үөрэнээччилэри кыттарга ыҥырар. Бу тэрээһин оҕолор цифровой экэниэмикэҕэ уонна информационнай технология өттүнэн идэлэри быһаарыналларыгар көмө буолар сыаллаах ыытыллар.
Тэрийээччилэр олунньу 3-23 күннэригэр ыытыллыбыт «Цифра уруога» аахсыйаҕа көхтөөх кыттыыны ылбыт эрэгийиэннэргэ махтаналлар.
Аны кулун тутар 10-23 күннэригэр «Безопасность будущего» диэн тиэмэҕэ уруок ыытылларын туһунан иһитиннэрэллэр. РФ Цифровой сайдыыга уонна сибээскэ министиэристибэтин таһынан, тэрийээччилэринэн Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтэ, «Цифровая экномика» АНО уонна «Лаборатория Касперского» хампаанньа буолаллар.
Тэрээһиҥҥэ кыттыһыан баҕалаахтар Валентина Александровна Куренкова кытта билсиҥ. Төлөпүөнэ: 8 (926)209-00-12, e-mail: vkurenkova@data-economy.ru.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1