Урбаанньыттарга — 4,44% чэпчэтиилээх сойуом

28.12.2019
Бөлөххө киир:

2012 сыллаахха Ньурбаҕа Биисинэс-инкубатор тутуллан, улуус урбаанньыттара 4,44% сыллааҕы бырыһыаҥҥа үс сылга чэпчэтиилээх биир мөлүйүөҥҥэ диэри сойуом ылар кыахтаахтар. Ону таһынан, бэйэ дьыалатын саҕалыырга үөрэнэллэр, тэрилтэ арыйарга дьиэ-уот буларга тустаах көмөнөн туһаналлар. 

edersaas.ru

2019 сыл тоҕус ыйын көрдөрүүтүнэн, Ньурба улууһугар 683 урбаанньыт баар, дьоҕус тэрилтэҕэ 417 киһи үлэлиир. Сыл бастакы аҥаарыгар тэрилтэлэр 37 миллиард солкуобайы киллэрбиттэр, дьоҕус тэрилтэлэр 472,2 мөлүйүөн солкуобайы оҥорбуттар. Тоҕус ый иһигэр 363,5 мөлүйүөн солкуобайга төлөбүрдээх өҥө оҥоһуллубут, онтон 61,2% дьоҕус урбаан ылар.

Инкубатор резиденнэрэ 37 үлэ миэстэтин тэрийэн, 45,8 мөлүйүөн солкуобайдаах дохуот киллэрбиттэр, 4,4 мөлүйүөн солкуобайдаах нолуок, усунуос төлөөбүттэр.

Ньурбаҕа урбааны сайыннарарга, үлэ миэстэтин тэрийэргэ улуус дьаһалтата улахан көмө оҥорор. Быйыл улуус хааһыната 20,5 мөлүйүөн солкуобайы көрөн, улахан нэһилиэктэргэ иккилии, кыраларга биирдии мөлүйүөнү биэрбит. Куонкуруска 17 нэһилиэктэн 22 бырайыак кыттыбытыттан, улахан аҥаара олоххо киирбит. Улуус үбүлээһинигэр муниципальнай тэриллиилэр 1,9 мөлүйүөнү, урбаанньыттар 2,4 мөлүйүөнү кыттыгас эбэн биэрбиттэр.

«Ол курдук, Таркаайыга мастарыскыай, Мархаҕа, Малдьаҕарга бэкээринэ, Сүлэҕэ ателье, Хаҥаласка үрүҥ аһы астыыр сыах үлэлээн эрэр. Дьиикимдэҕэ оҕуруот аһын харайар сир оҥоһулунна, хортуоппуйу хостуур, наардыыр тэрил атыыластылар. Чаппандаҕа куорпуснай миэбэл таҥыахтара, Мэҥэдьэккэ ыраас ууну уонна гаас баллонун сакааһынан таһаллар.

Сүлэҕэ уустар итии уонна тымныы ньыманан араас тэриллэри уһаарыахтара. Антоновкаҕа уот холбонноҕуна, бу сотору төгүрүк сыл үлэлиир тэпилииссэ аһыллыаҕа. Ньурбачааҥҥа эһиил «Ньырбакаан» этническэй киин, Хорулаҕа хотон үлэҕэ киириэҕэ.

Ньурба пааркатыгар аттракционнары туруорарга 2 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ эрээри, бүгүҥҥүтэ аукциоҥҥа ким да кытта илик. 22 бырайыактан аҥаардара номнуо үлэҕэ киирэн эрэллэр, атыттар уот холбонорун, кыһыҥҥы суолунан табаардара кэлэрин күүтэллэр», — диэн кэпсиир Ньурбатааҕы Биисинэс-инкубатор дириэктэрэ Ньургуйаана Михайлова.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0