Урбаанньыт кырдьаҕастарга ас-үөл наборун туттарда

Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Атамай нэһилиэгин кырдьаҕастара, дьоно-сэргэтэ улаханнык үөрэн, сэргэхсийэн олороллор.

edersaas.ru

Урбаанньыт Дмитрий Филиппов коронавирус дьаҥынан, дьон-сэргэ дьиэтигэр хааччахтанан олорор кэмигэр, үтүө санаа аахсыйатын тэрийэн,  аан маҥнай, биириттэн 17-гэр диэри саастаах элбэх оҕолоох ыалларга, ыам ыйын саҥатыгар, иккилии, барыта 72 сибиэһэй килиэби түҥэппит.  Дмитрий Александровичка  уонна биллэриини ватсабынан тарҕатан, бу үтүө санааҕа үөрүүнэн кыттыспыт кини дьиэ кэргэнигэр атамайдар махтаналлар.

Онтон Кыайыы күнүгэр Дмитрий Александрович нэһилиэк кырдьаҕастарыгар, бэтэрээннэргэ  ас-үөл наборун бэлэх оҥорон туттартаабыт.

Дмитрий Александровичка уонна кини дьиэ кэргэнигэр улахан да улахан махталбытын тиэрдэбит. Бу үтүөнү оҥорон дьоҥҥутун-сэргэҕитин үөрдүбүккүт, бэйэҕитигэр хас эмэ бүк үчүгэйинэн эргийдин. Бүтүн нэһилиэккит дьонун сандал сааһынан улаханнык сэргэхситтигит. Эһиэхэ туох баар бары үчүгэйи баҕарабыт. Маннык дьонноох буоламмыт, ханнык да харгыһы этэҥҥэ туоруубут, — дииллэр нэһилиэк олохтоохторо.

Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0