Урбаанньыт ахсаана элбиир

Бөлөххө киир:

Саха сирин урбаанньыттара бу сыл саҕаланыаҕыттан 1 миллиард солкуобайтан тахса сууманы бэйэлэрин биисинэстэригэр иэс ылан, киллэрбиттэр. Урбаан сайдыытын пуондатын мэктиэлээһининэн, аччыгый, орто биисинэскэ 1,1 миллиард солкуобай суумалаах 72 кирэдьиит бэриллибит.

Пуонда үлэтин биир хайысхата – партнер-бааннарга мэктиэлээччи (поручитель) буолар. Онон кирэдьиит элбиирин ситиһэр.

Партнер-бааннар испииһэктэрин кэҥэтии өссө элбэх урбаанньыт кирэдьиит ылан, биисинэһин кэҥэттэригэр туһалыаҕа, — диэн урбаан, атыы-эргиэн, туризм миниистирэ Тимур Ханды этэр.

Атырдьах ыйын 29 күнүгэр Урбаан сайдыытын пуондатын генеральнай дириэктэрэ Петр Максимов «Промсибээсбанк» Уһук Илиннээҕи бэрэстэбиитэлин кытары бииргэ үлэлэһэргэ илии баттаата.

Бүгүҥҥү күҥҥэ пуонда 10 партнер-бааннаах: «Алмазэргиэнбаан», «Сбербаан», «Азиатскай-Тихоокеанскай баан», «ВТБ», «Солид Баан», «МСП Баан», «ФК Открытие», «Альфа баан», «Ланта Баан», «Промсибээсбаан».

“Промсибээсбааҥҥа” мэктиэлээһин уопсай суумата 100 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Айсен Николаев сорудаҕынан, биисинэһи өйүүргэ кэккэ миэрэлэр ылыллыбыттара, онон урбаанньыттар ахсааннара аҕыйыахтааҕар, эбиллибитэ. Онон Саха сирэ дойдуга бу көрдөрүүнэн 10 бастыҥ иһигэр киирэр. Бэс ыйынааҕы туругунан, урбаанньыттар ахсааннара — 122 270 киһи, бэйэ дьарыктаах дьон — 22 024 киһи.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0