Урбаан уонна хамсык

04.05.2021
Бөлөххө киир:

Кэнники икки сылга аан дойдуну аймаабыт хамсык олохпут урукку укулаатын тосту уларытта. Экэниэмикэ түһүүтүн биир сүрүн биричиинэтинэн, урбаан мөлтөөбүтэ буолар. Саха урбаанньыттара бу балаһыанньаҕа тугу дьаһаннылар?  Бу туһунан салгыы аах.

Урбаан ханнык салаата ордук улахан хорумньуну ылбытын, хамсык саха урбаанньыттарыгар тугу “бэлэхтээбитин” туһунан «ФокусПро» консалтинговай киин төрүттээччититтэн Джулустан Ивановтан ыйыталастым.

— Урбаанньыттарга күүс-көмө, өй угар, тирэх буолар тэрилтэ салайааччытаҕын. Хамсык саха урбааныгар туох уларыйыыны киллэрдэй?

—Балаһыанньа дойду киэнин курдук. Биһиги биисинэһи сэттэ улахан араҥаҕа араарабыт. Ас, дьиэ-уот, хомунаалынай өҥөлөр – бастакы бөлөххө киирсэллэр. Таҥас-сап, тырааныспар, бытовой химия  иккис бөлөххө киирэллэр. Үһүс бөлөх – сааратар өҥөлөр, ол эбэтэр, рестораннар, кэнсиэрдэр, киинэ о.д.а. Биисинэс бастакы бөлөҕөр киирсэр көрүҥнэр хамсык саҕалыммытыгар күүһүрдүлэр, улахан тэрилтэлэргэ кубулуйдулар диэххэ сөп. Ол дьон дьиэтигэр олорон, аска, ууга-хаарга наадыйар буолбутуттан диэн биллэр. Иккис бөлөх хамсык саҕаланыаҕыттан төттөрүтүн хорумньуну ылла.  Дьон дьиэтигэр олорон, таҥас-сап атыылаһара аҕыйаатаҕа. Бэл диэтэр, саппараапкаҕа бензин куттуута аҕыйаабыта. Ол эрээри, үһүс бөлөх, ол эбэтэр сааратар эбийиэктэр саамай улаханнык эмсэҕэлээтилэр. Кинилэр дьэ билигин кыралаан чөллөрүгэр түһэн эрэллэр.

Онлайн эрэсиимҥэ көспүт, саҥа технологияны баһылаабыт тэрилтэлэр төттөрүтүн олус сайыннылар. Оттон нэһиилэ үлэлии  турбут биисинэстэр, биллэн турар, сабылыннылар. Ол аата уларыйыыга бэлэмнээх дьон төттөрүтүн сайыннылар, оттон уруккунан олорор дьон отоойкоҕо олорон хааллылар диэн этиэххэ сөп. Биисинэс ырыынагар ыраастааһын буола турар диэххэ сөп.

—Билиҥҥи усулуобуйаҕа биисинэс ханнык көрүҥэ ордук дохуоттаах буолуой?

—Үөһээ эппит бөлөхтөрбүттэн, билиҥҥи кэмҥэ саамай дохуоттаах хомунаалынай биисинэс буолан турар. Ол курдук, уу таһыыта, дьиэ-уот хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах көрүҥнэр.

—Биисинэс билимигэр билгэлээһин тугу этэрий?

—Чинчийээччилэр этэллэринэн, билигин дойду үрдүнэн экэниэмикэбит саамай намыһах көрдөрүүтүгэр сылдьар. Эппитим курдук мөлтөх тэрилтэлэр сабыллаллар, саҥа көрүүлээх, кыахтаах биисинэстэр балысханнык сайдаллар. Холобура, хамсык саҥа саҕаламмытын кэнниттэн, харчы эргийэрэ 30 %-ҥа диэри түспүтэ. Билигин бу көрдөрүү сыыйа тахсан,  5-10 %-ҥа диэри таҕыста. Ол эрээри, киһи тугу да өтө көрөн этэрэ кыаллыбат, күн-түүн барыта уларыйа турар. Сарсын туох буолан турара биллибэт.

Виктория Бястинова, edersaas.ru саайт, «Саха сирэ» хаһыат. 

Хаартыска Джулустан Иванов тус архыыбыттан. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0