Өрөбүл күннэргэ СӨ Инвестицияҕа уонна предпринимаельствоҕа миниистирэ Антон Сафронов тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө аан дойдутааҕы «Тымныы полюһа» туризм брендин сайыннарар соруктаах быйылгы кыһыҥҥы туризм бэстибээлин ыытарга олохтоох предпринимателлэри кытта сүбэлэһэн кэллэ.
edersaas.ru
«Тымныы полюһугар айан» туризм бэстибээлэ кулун тутар 24-25 күннэригэр Томтор нэһилиэгэр ыытыллара былааннанар.
Төһө да айана ыараханын үрдүнэн, быйылгы сыл саҕаланыытыгар сыччах 20-чэ хонук иһигэр Өймөкөөҥҥө 150-ча турист кэлэн барда. Ааспыт өрөбүллэргэ олохтоох предпринимателлэр ыалдьыттары түһэрэр дьиэлэригэр Австралияттан, Японияттан, Москваттан, Швейцарияттан, Францияттан уо. д. а. дойдулартан туристар кэлэн, киһи түһэр миэстэтэ суоҕун тэҥэ. Туристар -60-69 кыраадыс тымныыга тымныыга сөтүөлээһиннэрэ бу күннэргэ үгэскэ кубулуйда. Хас биирдии Өймөкөөҥҥө сылдьыбыт турист өйүмүгэ сөтүөлээбэккэ төннүбэтин тэҥэ. Дьиҥэр, олохтоохтор бэлиэтииллэринэн, аан бастакынан Томторго тохсунньу 8 күнүгэр өйүмүгэ бу сылга аан бастакынан сөтүөлээбит дьонунан саха эстрадатын сулустара Сахамин уонна кини кэргэнэ Розалина Файрушина эбиттэр. Ол эрээри кинилэр ол түгэни бэйэлэрин социальнай ситимнэригэр эрэ суруйбут буолан, киэҥ араҥаҕа соччо биллибэтэх. Онтон кытай туристара өйүмүгэ сөтүөлээбиттэрин «Эдэр саас» уонна СИА саайтарыгар, суруналыыстар инстаграмҥа уонна фейсбукка таһаараппытын кытта, аан дойду социальнай ситимнэрэ бары кэриэтэ хабан ылбыттара. Онон, түгэнинэн туһанан,»Эдэр саас» уонна «СИА» саайтарын кытта ыкса доҕордоһуохха наадатын 2018 сыл тохсунньута толору дакаастаата диэн бэлиэтиибит.
Инвестиция уонна урбаан миниистирэ Антон Сафронов Өймөкөөҥҥө сырыытын кэмигэр омук туристара сөтүөлээбит өйүмэлэригэр бэйэтинэн сөтүөлээтэ.
Ол туһунан кини фейсбукка бэйэтин страницатыгар маннык суруйбут:
— Мин өйүмүгэ сөтүөлээһин курдук көрүҥү тастан кэлэр туризмы Саха сиригэр сайыннарыыга туһаныыга төһө көдьүүстээҕин бэйэбинэн «бэрэбиэркэлээтим». Тымныынан эмтэнии билигин аан дойдуга олус сайдан турар ньыма. Үгүс спортсмен организмын стресскэ киллэрэн, доруобуйатын бөҕөргөтөрө эмиэ биллэр. Өйүмүгэ сөтүөлээн, сүрдээҕин чэбдигирдим, сылайбытым ааһан, биллэ сынньаммыт курдук буоллум.
Салгыы Томторго тиийэн Антон Сафронов ыалдьыттары түһэрэр предпринимателлэри кытта көрсүбүтүн туһунан билиһиннэрбит.
Биллэн турар, ыалдьыттар бастакы ирдэбиллэрэ — суунар-тараанар сир, дьиэҕэ сылдьар туалет. Онон тыа сиригэр туристары түһэриигэ улууска бастакы толору хааччыллыылаах гостиницаны бэйэтэ тутан киллэрбит урбаанньыт Иван Заболоцкайга аҥардас тохсунньуга туристартан сакаас хото киирэн эрэрэ — чаҕылхай холобур. Бу туһунан миниистир эмиэ ахтыбыт.
Түгэнинэн туһанан, мин Иван Заболоцкайтан миниистири кытта кэпсэтии кэнниттэн санаатын үллэстэригэр көрдөстүм. Онуоха урбааньыт маннык бэлиэтээһиннэри оҥордо:
— Урукку сылларга кыһыҥҥы туризм бэстибээлин ыытыыга эрдэттэн бэлэмнэммэт этибит. Быйыл олох атын хартыына. Уонча хонуктааҕыта нэһилиэкпит баһылыга Никифор Протопопов биһигини мунньан бэстибээли ыытыы былаанын дьүүллэспитэ. Аны миниистирбит өрөбүллэргэ түгэн булан, бэйэтинэн кэлэн барда. Антон Александрович туристары түһэрэр кыахпытын, сыананы ыйыталаста.
Урбаанньыттар бары сүбэлэһэн баран, туристар күҥҥэ үстэ аһыылларын, суунар баанньыктарын, сауналарын, массыыналарын туруорар гараастарын эбэн туран, Ыалдьыт дьиэтигэр (Гостевой дом) түһүүлэрин хонугун 1.500 тыһ. солк. 3 тыһ. солк. диэри быстыбыт. Аспыт: эт, үүт, балык — бэйэ бородууксуйата. Онуоха эбии ыалдьыттар баҕаларынан балыктатыахпытын, өйүмэҕэ сөтүөлэтиэхпитин сөп.
«Тымныы полюһа» диэн өйдөбүл соҕотох Өймөкөөн нэһилиэгэ эрэ буолбакка, Өймөкөөн улууһа барыта. Хомойуох иһин, үгүс турист Өймөкөөн нэһилиэгин эрэ Тымныы полюһун курдук ылынар. Онон туризм сайдыытыгар улууспут нэһилиэктэрэ бары кытталлара наада.
Кэлиҥҥи кэмҥэ туристар ирдэбиллэрэ улаатан иһэр. Ол курдук, урут табалары көрөн барар туһунан боппуруос турбат эбит буоллаҕына, быйыл кэлэн барбыт туристар бары кэриэтэ табаны көрүөхтэрин баҕаралларын биллэрдилэр. Онон биһиги Үчүгэй нэһилиэгин табаһыттарын кытта кэпсэтэн, табалары көрдөрөр кыахтанныбыт. Миниистир Өймөкөөҥҥө бу сырыытыгар табаһыттары кытта эмиэ көрсөн ааста.
Биллэн турар, үлэ күнүгэр маннык командировка түөрт-биэс күнү быһа барара чахчы. Онон бириэмэтэ олох ыгымын өйдөөн, Инвестиция уонна предпринимательство миниистирэ Антон Сафронов бэйэтин өрөбүл күннэрин «сиэртибэлээн», туризм сайдыытыгар олус наадалаах боппуруоһу — кыһыҥҥы туризм бэстибээлин ыытыыны кытта бэйэтинэн тиийэн билистэ.
Саамай кылаабынайа, Антон Сафронов тымныы күнү-дьылы баттаһа, өйүмүгэ сөтүөлээн кэллэ. Бэйэтин этинэн-хаанынан тымныыны билбит киһи, биллэн турар, холобур оҥостон кэпсиирэ былан ылыннарыылаах буоллаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалары СӨ Инвестиция уонна предпринимательство министиэристибэтин пресс-сулууспата тиксэрдэ.