Бу күннэргэ инвестиция сайдыытыгар уонна урбааҥҥа миниистири Антон Сафроновы олох таба туппатым. Биирдэ иһиттэхпинэ, Намнаабыт, онтон Хаҥаластаабыт, эмиэ да Тааттаҕа сылдьар үһү. Биир өттүнэн испэр үөрэ саныыбын: “Ол аата улуустарынан сылдьан, олохтоох оҥорон таһаарааччылары кытта сирэй көрсөн кэпсэтэр буоллаҕа”. Биир үтүө күн миниистири Москвалыан иннинэ дьэ таба тутан, эбиэттэппэккэ да ылбыт интервьюбун ааҕыҥ.
Тыа сиригэр олохтоох бородууксуйа элбээтэ
— Антон Александрович, эн улуустарынан сылдьан олохтоох оҥорон таһаарыы эйгэтигэр үлэлиир дьону сирэй кэпсэтэн эрдэҕиҥ. Элбэхтэн биири эмэ холобурдуоҥ дуо?
— Төһө да киин куораттан тэйиччи олордоллор, нэһилиэктэргэ үүт-эт астан араас бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар бааллара үөрдэр. Холобур, Таатта улууһун Даайа Амматыгар урбаанньыт Петр Белолюбскай 300 киһи олорор нэһилиэгэр үүттэн мороженай оҥорон таһааран атыылыыр. Киниэхэ эбиэттии олордохпуна, биэс-алта киһи киирэн, дьааһыгынан ылан тахсыбыттара. Миигин кытта Ытык Күөлгэ барсаары турдаҕына, таҥыннарар бокуой биэрбэккэ, төлөпүөнэ тырылыы олорор. Сакаас бөҕө: “Улуус киинигэр кэлэр үһүгүн, таарыйа мороженайгын аҕал”, — диэн. Харбалаахха тоһуйан туран, үлэхтэрин ылбыттара. Оттон бу киһиҥ ити бородууксуйатын кыракый кытай тэрилигэр оҥорон таһаарар. Мин тиийэ сылдьан, кини үлэтин-хамнаһын кытта билсибит буолан, урбаанньыт бизнес-былаан суруйан аҕалбытын олох атыннык ылынным. Бу киһи оҥорон таһаарыыта улаатан, кэнэҕэс өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар уонна улуустарыгар бородууксуйатын батарар гына сайдыан наада.
— Кэлиҥҥи кэмҥэ тыа сиригэр, кырдьык, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы тэтимирдэ.
— Ити курдук, эти переработкалааһыҥҥа эмиэ киирсиэхпит. Хомойуох иһин, маҕаһыыннарга билигин кэлии Алтай этэ баһыйар. Бэйэбитин этинэн хааччынар туһуттан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта “Дорожнай каарта” оҥоро сылдьабыт. Ынах сүөһү, сылгы, таба ииттэр эрээри, тоҕо бэйэбитин этинэн хааччыммаппытый диэн боппуруоска хоруйа судургу дии саныыбын. Тэрилтэ офиһыгар олорбокко, улуустарга тиийэн нэһилиэктэри кытта үлэлэһиэххэ наада. Тыа сирин дьоно кыһалҕаларын, ситиһиилэрин билсэн, туох санаалаахтарын истэн, сайдыы биир хайысхатын бииргэ тобулуохха сөп. Ол иһин мин быйылы быһа улуустарга сырыттым, нэһилиэктэргэ тиийэн, бэрт элбэх толкуйдаах, бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар дьону кытта билистим.
— Ол сылдьан туох санааҕа кэллиҥ?
— Улуустарга олохтоох оҥорон таһаарыы араас көрүҥэ сайдан эрэрэ харахха быраҕыллар. Бу олус үчүгэй. Ол эрээри быһах оҥорооччу, олохтоох аһы оҥорон таһаарааччы, эргиэн, тутуу салаалара – бары тус-туспа биирдиилээн үлэлии олороллор. Санаан да көрдөххө, хайдахтаах да толкуйдаах, кыахтаах соҕотох киһи барыны бары саба тутар кыаҕа суох. Ол иһин ханнык баҕарар хайысхаҕа бииргэ үлэлээһин, сомоҕолоһуу наада. Маныаха Саха сиригэр биир бастыҥ холобуру бэлиэтии көрдүм. Быһах оҥорор дьон үчүгэйдик түмсүбүттэр эбит. Ол да иһин бэрт аҕыйах сыл иһигэр саха быһаҕа бренд буола оҕуста.
Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, бу түмсүү “Саха сиригэр оҥоһуллубут” диэн бэлиэ суруктаах быһахтары Турцияҕа, АХШ-га, Испанияҕа атыылаабыт.
— Ол атыылаһааччыларын хайдах билсэн булбуттарый?
— Сөптөөх ыйытыы. Интэриниэккэ “Саха сиригэр оҥоһуллубут табаар” диэн английскай тылынан сайт арыйбыттар. Онно уустар быһахтарын хаартыскаларын, хайдах оҥоһуллубут быһаарыытын таһаараллар эбит. Атыылаһааччы онон сирдэтэн үлэх оҥорор. Ол иһин омук сиригэр тахсар бородууксуйаҕа бизнес-бырайыактары бырабыыталыстыба буолбакка, миэстэтигэр үлэлии сылдьар дьон оҥоруохтарын наада. Биһиги министиэристибэбит олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар ыйааҕы бэлэмнии сылдьар.
Сорук — омук сиригэр тахсыы
— Бэйэ бордууксуйатын омук сиригэр таһаарыы туһунан биһиэхэ улахан толкуй суох быһыылаах. Холобур, туох табаары ханнык омук сиригэр таһаарыахха сөбүй?
— Билигин сайдыылаах дойду барыта Азия-Чуумпу Акыйаан регионун диэки болҕомтотун туһаайар. Саамай элбэх туһанааччы (потребитель) бу региоҥҥа олорор. Кэнэҕэс харчы Кытайтан киириэҕэ. Биһиги бэйэбит оҥоһуктарбытын батараары анньыһа сылдьыахпыт суоҕа, кинилэр бэйэлэрэ табаар көрдөөн тахсыахтара. Ол курдук, Азия регионнарыгар (Филиппиныга, Малайзияҕа, Кытайга, Вьетнамҥа) чохтон гааска көһөн эрэллэр. Бу дойдуларга Саудовскай Аравияттан дуу, Эмиэрикэттэн дуу гааһынан хааччыллыы уустук. Ол иһин кинилэр гаас баар чугас сирин көрдүүллэр. Оннук сир Арассыыйа эрэ. Сотору ити регионнартан Саха сирин гаастаах сирдэригэр үлэлии кэлиэхтэрэ. Онуоха биһиги усулуобуйа туруоруохпут: маннык үлэ миэстэтигэр бачча киһини үлэҕэ ылаҕыт диэн. Икки сылынан үлэҕэ ылыллар дьон ахсаана 20%, биэс сылынан 50%, уон сылынан 80% өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо үлэнэн хааччыллар. Мин үлэлээбит Папуа-Гвинеябар папуастарга итинник ньыманан дьоҕус бизнеһи сайыннарбыппыт.
— Омук сирин тиэмэтин таарыйбычча, саха киһитэ омук сиригэр үлэлиирэ хайдах эбитий? Киһи эйигин омук дойдута кэтэһэн олорбутун курдук саныыр. Уопсайынан, кэлиҥҥи сылларга сахалар омук сиригэр олохсуйуулара элбээтэ дии.
— Итинник ээ… Киһи үксэ омук сиригэр олохсуйдаҕына эрэ, үчүгэй олоххо олоруоҕун курдук саныыр. Манна да олорооччулар: “Оо, хаһан уоппускабын ылан омук сиригэр күүлэйдии барабын?” – дии саныыллар. Суох, доҕоттор, бу сыыһа өйдөбүл. Омук сиригэр дьон өйө-санаата саха дьонуттан олох атын. Францияҕа буоллун, Эмиэрикэҕэ буоллун, Папуа-Новай Гвинеяҕа да буоллун, мин олус ыарахаттары көрсүбүтүм. Ханна да сырыт: офиска, уулуссаҕа – өрүү бэйэҕин “мин эһигиттэн туох да атыным суох” диэн дакаастыы сылдьыаххын наада. Үлэҕэр: “Бу киһи мөлтөх, тугу да билбэт” диэбэттэрин курдук, орто киһи сиэринэн сылдьа үөрэнэҕин. Мин сылдьыбыт уонна үлэлээбит дойдубуттан ордук Сингапуру сөбүлээбитим. Ол да иһин бу дойдуга дьон кыахтаахтык олорор. Онно киһи киһиэхэ сыһыана ураты истиҥ. Омук сиригэр аҕыйах сыл иһигэр “бэйэ киһитэ” буола охсубаккын. Онно үгүс ис айылгы тургутуутун ааһаҕын. Оннооҕор сахаларга бэйэбит испитигэр саҥа киһи үлэҕэ кэллэҕинэ тургутан көрүү баар.
Тургутуу
— Төрөөбүт дойдугар да эн сөптөөх тургутууну аастыҥ ээ…
— Мин саха киһитэ бэйэ-бэйэтин сыһыанын туһунан эһээбиттэн үгүстүк истэ улааппытым. Кини өрүү киһи киһиэхэ сыһыанын ырытара, холобурдаан этэрэ. Эһээм кэпсиир холобурдарын хайдах эрэ бастаан утаа үлэбин саҕалыырбар бэйэбинэн билбитим. Испэр: “Төрөөбүт Сахам сиригэр эмиэ омук дойдутугар курдук бэйэбин дакаастыыр буоллум дуо?” – дии санаабытым. Ол эрээри сотору кэминэн тыа сиригэр үгүстүк сылдьан, бэйэм дьоммун кытта уу сахалыы кэпсэтэн уопсай тылы буллум. Билигин миигин туох да атын санаа долгуппат. Толкуйум уонна соругум дьэҥкэ — Сахам сиригэр олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннаран, омук быһыытынан бэйэни хааччыныыны, сатаан тэриниини ситиһии. Сатабыллаах, кэскиллээх толкуйдаах дьону өйөөн, омук дойдутугар тахсан, Сахабыт сирин дорҕоонноохтук ааттатыы.
Оттон предпринимателлэр миниистир туһунан туох санаалаахтарый?
Петр МАКСИМОВ, Таатта улууһунааҕы “Бизнес-инкубатор” автономнай тэрилтэ дириэктэрэ:
— Антон Сафронов — омук сирдэринэн сылдьан салайар үлэҕэ үлэлээбит буолан, толкуйдуура-өйдүүрэ түргэнэ, истибит чахчытын ырыта-суоттуу охсоро, киһи миниистирдээхпин диир киһитэ. Тыа сиригэр бэйэтинэн сылдьан олоҕу-дьаһаҕы билсэрэ олус үчүгэй. Кэбиниэттэн арахсыбакка үлэлиир киһи буолбакка, дьонун-сэргэтин ортотугар сылдьарын ордороро харахха быраҕыллар. Элэккэйэ, судургута — тыа сирин киһитигэр олус чугас эбит. Бу хаачыстыбатын сүтэрбэтэ буоллар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru