Ураты Лөкөй

Ааптар: 
04.12.2022
Бөлөххө киир:

Маннык  ураты тайах былыргыттан баар буолар үһү. Абааһы эбэтэр тайҕа иччитин миинэр миҥэтэ эбит. Манныкка түбэстэхтэринэ, өлөрбөттөр, ыппаттар. Сэттээх сэлээннээх эбит.

Былыр биир киһи тыалыы сылдьан, итинник тайахха түбэһэн, чокуур саанан ытан өлөрбүтээтин киһи сиэбэт ыарахан сыттаах эбитэ үһү. Ону булт диэн астыы сатаан баран,  тайаҕын быраҕан дьонугар тиийбит. Ол өлөрбүт тайаҕа кэнниттэн батыһан кэлэн, хаана айаҕынан тохто-тохто тиэргэҥҥэ байааттаҥныы турбутун, били, киһи кыыһыран сүгэнэн эттээн суулларбыт. Дьоно эрэйдээхтэр куттанан сүрэхтэрин дуома туһахха иҥнибит куобах курдук мөхсүбүт. Онуоха түүн чугас олорор ичээмсик эмээхсини аҕалбыттар. Түүнү быһа мэнэрийэн баран, сарсыарда тохтоон көмүлүөк оһоххо буһуу арыы кута-кута «һуу, дьэ аана суох алдьархайы, иинэ суох иэдээни оҥорбуккун», — диэн аҕаларыгар эппит. «Аллараа дойду адьыр ыарыытын төрдүттэн кэлбит күлүгэ суох Сүөдьээх миинэр миҥэтин өлөрбүккүн, онтун атастаһыгар — миҥэ гынарыгар ытык ыччаккытын ылаары кэлбиттэр», — диэн  эмээхсин булчуту мөхпүт. «Сүгүн бултаан, туулаан, туһахтаан аһаабаккаҕын, анараа дойду булдун бултаан кэлбиккин, туруоҥ дуо?!  Эбэҥ уҥуор турар кэрэх тииккэ араҥастаа, хаарыан оҕоҕуттан, көрдөр хараҕыҥ дьүккэтиттэн маттаҕыҥ ити сордоох, ол эрэ буолуо суоҕа имниин эстэр, имири сүтэр суолгун оҥостубуккун, арахпат аллараа дойду адьарайдара булбуттар»— диэн баран, кутталыттан аһаабакка да өтөҕүн быспыт үһү. Онуоха булчут тайаҕын сүлэн тириитин илдьэн кэрэх тииккэ араҥастаабыт. Этин, онтун-мантын олорор Эбэтигэр киллэрэн ууга куппутугар, сай ортото ол Эбэ балыга, мундута атан өлөн тахсыбыт.  Ыаллар ынахтара, сылгылара сыһыы-хонуу аайы өлөннөр, хара суор хаан хаппыт, харах уутун иһэн,»холуп-илип» хооһурҕаабыт. Маһы-оту  тоҕута тардар уоллара барахсан утуйа сытан уһуутуу түһэн баран,  «Аҕаа,ийээ» диэт өлөн хаалбыт.

Бу айылаах иэдээни тулуйбакка, ийэлэрэ барахсан ойуурга тахсан сурахтыын сүппүт. Аҕа төбөтүнэн ыалдьан кэрэх тиит төбөтүгэр тахсан хаһыытыы туран, сүнньүн булгу түһэн ол кэрэх анныгар үөн-көйүүр аһылыга буолбут. Ол хара айыыга алаастыын атарахсыйан, Эбэлиин эстэн, киһи-сүөһү үктэммэт сирэ буолбут эбит. Дьон биирдэ эмит бултуу сылдьан, ол сири тумнан ааһаллар үһү. Кэрэх тииттэн хатан хаһыы дуорайан, тииттэри үрдүнэн кими эрэ көрдүүрдүү иһиллэн ааһар диэн былыр дьон кэпсэтэрин истиллэр этэ.

Онон итинник кыылга түбэстэххитинэ, олох тыыппат, киниттэн, төһө кыалларынан, куота, тэйэ сатыахтааххыт эбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0