Ураты көрүү, сонун сүүрээн олоххо киирдэҕинэ

Ааптар: 
19.05.2021
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ «Высота» бюро бырайыагынан сонуннук уларытыллан оҥоһуллуон сөп.

Бу туһунан СӨ куорат эйгэтин боппуруостарыгар компетенция киинэ тупсаран, уларытан оҥорууга «VISOTA» архитектура бюротун уонна «База 14» (Саха сирэ)  исписэлиистэрэ ылсыбыттарын иһитиннэрэр.
Үлэ «Култуура дьиэлэрин саҥа олоҕо» архитектурнай хакатон иитинэн, Ил Дархаҥҥа архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын, «LETO» куорат эйгэтин сайыннарар киинин уонна А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин тэрийиилэринэн, былырыын тохсунньуттан  саҕаламмыт. Хакатон куратордарынан «VISOTA» бюрону төрүттээбит архитектордар Дарья Наугольнова уонна Алексей Боев  (Голландияттан) буолаллар. Хамаанда чинчийиинэн дьарыктанар уонна урукку кэмнэргэ, өтөрдөөҕүтэ тутуллубут култуура дьиэлэригэр саҥа көрүүнү, сүүрээни киллэрэн уларытан-тэлэритэн биэрэргэ үлэлэһэр. «Биһиги култуура дыбарыастарын, дьиэлэрин истэрин-тастарын сонуннук уларытан оҥоруунан дьарыктанабыт. Тэрилтэлэр болҕомтону тарданнар, ороскуоттарын бэйэлэрэ толуна туралларын курдук буолалларыгар саҥалыы тыыны киллэрэргэ холонобут», — диэбит Алексей Боев.
Хакатон иитинэн архитектордар, дизайнердар, IT эйгэтин исписэлиистэрэ кыттыылаах бырайыактыыр хамаандалар, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сонун сүүрээни киллэрэн уларытан оҥорорго барыл бырайыагы, саҥа веб-сайт кэнсиэпсийэтин уонна смартфоҥҥа сыһыарыыны оҥорбуттар.
«VISOTA» бюрону төрүттээччи, тутуу ураты уонна архитектурнай көрүҥүн харыстыырын, ол сүрүн сорук буоларын бэлиэтиир. Архитектордар тутуу ураты оҥоһууларыттан (элэмиэннэри) харыстаан хаалларан туран, саҥа сүүрээнинэн ураты моһуону, көстүүнү биэрэргэ кыһаллыбыттар.
Хамаандалар элбэх хостору, саалалары араарар быыстары (истиэнэлэри) ыларга этии киллэрбиттэр. Бырайыагынан бастакы мэндиэмэҥҥэ сынньанар сирдээх кафе, фуд-корт уонна бибилэтиэкэ былааннаналлар. «Барытын аныгы бырагырааманан толоруохха наада. Бибилэтиэкэҕэ, холобур, коворкиҥҥа, манна чугас олорор дьон киирэн бириэмэлэрин көдьүүстээхтик, туһалаахтык атаарыахтарын сөп». Иккис мэндиэмэҥҥэ тахсар кирилиэс эмиэ туһалаах буоларга туһаайыллар. Үһүс мэндиэмэн — административнай. Дьиэ-уот таһынааҕы сир-уот эмиэ уларытыллара, саҥардыллара көрүллэр. П курдук быһыылаах дьиэҕэ кураанах турар миэстэтэ бэртээхэй тиэргэн буолуон сөп. Архитектордар манна үүнээйини олордорго, оттон дьиэ тулатыгар баар газоннар оннуларыгар массыыналар турар миэстэлэрин оҥоруохха сөп диэн этэллэр. Манна өссө тэрилтэ бэлиэтинэн «ДОМ» диэн аббревиатура буолуон сөп. Онуоха бу бэлиэни култуура дьиэтин сувенирдары атыылыыр сиригэр таһаардахха, дьон ылан киэргэл быһыытынан туһаныан сөп диэбиттэр.
«Араас өҥөнү көдьүүстээхтик туһанарга суолта ууруллар. Ол курдук, култуураны уонна ускуустубаны сэргэ, манна наука уонна тиэхиньикэ, доруобуйа уонна успуорт, түмсүүлэр уонна көҕүлээһиннэр, билии-көрүү уонна үөрүйэх, сатабыл, устуоруйа уонна үгэс барыта түмүллүөхтэрэ, баар буолуохтара», — диэн А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин дириэктэрэ Антонида Корякина санаатын үллэстибит.
«Манна, кэрэ эйгэтигэр, көлүөнэлэр хардарыта сибээстэрэ салҕанар. Биһиги билиини-көрүүнү хаҥатарга, сөп түбэсиһэргэ уонна саҥардан биэрэргэ, салгыы сайыннарарга улахан болҕомтону уурабыт. Үлэ түмүгүн сөбүлээтибит. Аны бу барыл бырайыагы салалта өйөөтөҕүнэ, аныгыскы түһүмэххэ оробуочай бырайыак оҥоһуллуо уонна ону олоххо киллэрии саҕаланыа», — диэбит Боев.
Оттон Антонида Корякина: «Бырайыак олоххо түргэнник киирэригэр уонна норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ култуура киинэ буоларын сэргэ, эрэгийиэҥҥэ креативнай экономиканы сайыннарарга көҕүлүүр аныгы эйгэнэн буолуоҕар эрэнэбит», — диэн бэлиэтээбит.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0