Ураты көрүүлээх Халыма сылгыта

Ааптар: 
29.03.2020
Бөлөххө киир:

Тулуурдаах, үчүгэй төрүөхтээх, түргэнник уойумтуо уонна миэтэрэ аҥаарыттан быдан халыҥ хаары хаһар дьоҕурдаах саха сылгытын Халыматааҕы тиибин, атыннык эттэххэ, Халыма сылгытын ууһатыыга Орто Халыма улууһун I Хаҥалас нэһилиэгэр баар «Өлөөкө Күөл сылгы собуота» диэн хааһына тэрилтэтэ идэтийэр.

edersaas.ru

Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги эрэдээксийэбитигэр сылдьан, хаһаайыстыба дириэктэрин солбуйааччы Иван Винокуров күннээҕи үлэтин-хамнаһын, түбүктэрин туһунан кэпсээтэ:

Хааһынаттан үбүлэнэн, саҥа таһымҥа

Ыраахтан саҕалаан билиһиннэрдэххэ, өссө 1990 с. биир дойдулаахпыт, Халыма сылгытын үөрэтиигэ олоҕун анаабыт учуонай Иван Николаевич Винокуров туруорсан уонна научнай өттүн салайан, оччолорго саҥа тэриллибит «Өлөөкө Күөл» сопхуос сылгы собуота буолбута. Дьэ онтон ыла ырыынакка киириэхтэн араас уустук кэмнэри аһаран, сылгыбыт ахсаанын улаханнык көҕүрэппэккэ, үлэҕэ көрдөрүүлэрбитин түһэрбэккэ кэллибит. Онуоха ааспыт сылларга үлэлээн-хамсаан ааспыт салайааччыларбыт, идэлэригэр бэриниилээх аҕа көлүөнэ сылгыһыттарбыт үтүөлэрэ-өҥөлөрө улахан. Кинилэр таһаарыылаах үлэлэрэ сиэрдээхтик сыаналанан, 2006 с. хааһынаттан үбүлэниигэ киирэн, сылгы собуота тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүн 38 үлэһиттээх, үлэ-хамнас хас да көрүҥүн тэрийэн олорор хаһаайыстыба буолан көрсөн эрэбит.

Билиҥҥи туругунан, 946 сылгылаахпыт. Олору Чоҥкуйа, Тоҥуулаах уонна Балаҕаннаах учаастактарыгар көрөн-истэн турабыт, сорох сылгыбыт Ойуһардаах нэһилиэгэр баар. Уопуттаах биригэдьиирдэр Николай Еремеев, Владимир Винокуров саталлаах тэрээһиннэринэн уонна настаабынньык бэтэрээннэрбит сүбэлэринэн-амаларынан, үлэ-хамнас санаа хоту салаллан иһэр.

Биһиги дойдубутун «сөмүлүөтүнэн көтөн иhэн көрдөххө, алаадьылаах хобордоох курдук» диэн сөпкө этэллэр. Хас эмэ биэрэстэнэн, көһүнэн тайыыр күөллэрдээхпит. Күөл манчаарытынан аһылыктанар буоланнар, сылгыларбыт кыһыны куһаҕана суох туорууллар, эрдэ буоһаан, эрдэ төрөөн бүтэллэр. Быйыл дьыл үчүгэй хараҕынан көрөн, кыһын улахан сылгыны төрүт аһата иликпит. Арай, мантан саас хоруотаабыт, төрөөбүт биэлэри хастарар аҥардаах аһатыахпыт. 2016-2018 сс. кыһынын халыҥ хаар түһэн, сайынын халааннаан, бөрө эрэ буолуо дуо, кырса, саһыл, куобах букатын сүппүттэрэ. Ааспыт сылтан ыла суоллара-иистэрэ көстүтэлээн эрэр.

Елена Колесова сопхуос саҕаттан иилиир-саҕалыыр буолан, племенной-силиэксийэлиир үлэ былааннаахтык ыытыллар, сыллата балачча элбэх сылгы улуус ис да, тас да өттүгэр батарыллар. Ааспыт күһүн эккэ анаан отут эрэ убаһаны идэһэлэммиппит, уоннааҕы 120 убаһаны иитиигэ хаалларбыппыт. Бу кэлиибитигэр уон тыйы аҕалан батардыбыт.

Хаһаата суох – сылгы суох

Аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсан, сылгыларбытын чиптээтибит, олорор дьиэлэргэ күн уотунан үлэлиир батарыайаны туһанабыт. «Билайн» көмөтүнэн, сибээһи тута, үлэ-хамнас хаамыытын билсэ олоробут. Чоҥкуйа учаастагар саҥа база тутуутун саҕалаатыбыт. Олорор дьиэ, баанньык, хараас туппуппут, аны хаһаа оҥостуохпут. «Хаһаа» диэн элбэх сылгыны батарар анал тутууну ааттыыбыт.

Халыма бырдаҕынан аатырар. Бэс ыйын 20 күнүттэн саҕалаан атырдьах ыйын 10-угар диэри киһи-сүөһү тыынын хаайар, мөлтөх сүөһүнү тумнаран охторор бырдах түһэр. Онтон быыһаан, сылгылары төгүрүк суукка устатыгар хаста да төхтүрүйэн, түптэлээх хаһааҕа киллэрэн, иккилии чаас сынньатан, тыын ылларабыт. Атырдьах ыйын ортотуттан бырдах намырыыр, дьэ итинтэн хаалбыт кылгас кэм иһигэр сылгы барахсан арыый холкутук мэччийэн, кыстыыр сыатын мунньуна охсор. Ол иһин, кыһыҥҥы өттүгэр биир учаастакка үс сылгыһыты тутар буоллахпытына, сайынын икки киһини эбии ылабыт. Инньэ гынан, сайын саамай быһаарыылаах, түбүктээх кэммит. Биир звено убаһалары кытары 250-300 сылгылаах, олору барыларын холкутук батарарга (кыараҕаска сылгы убаһаны тэпсэн кэбиһэр) 150 миэтэрэ усталаах, аҕыс миэтэрэ (туундара былаастаах сиргэ олорорбут быһыытынан, маспыт уһуна түөрт эрэ миэтэрэ) кэтиттээх, үрүттээх, эркиннээх уонна муосталаах хаһаа ирдэнэр. Билигин сопхуос саҕанааҕы хаһаалары сэлбийэн, тутта сылдьабыт.

Үрүҥ аһы быспат туһуттан

Сылгыга ханыылаан, хороҕор муостааҕы иитэбит. Барыта 194 ынах сүөһүлээхпит, ол иһигэр 70 ыанар ынахтаахпыт. Ыанньык ахсаанын элбэтэн, быйыл кыһын 28 тиҥэһэни ииттибит. Төрүөх саҕаланан, билигин 47 ынах төрөөн турар. Үүппүтүн бэйэбит сыахпытыгар астыыбыт, сүөгэй, чөчөгөй, суорат оҥоробут уонна арыылыыбыт. Оттуур уустук буолан, нэһилиэккэ сүөһүлээх ыал тарбахха баттанар, онон үрүҥ ас хамаҕатык батарыллар. Суол аһылыннаҕына, улуус киинигэр тэриллэр тыа хаһаайыстыбатын быыстапка-дьаарбаҥкаларыгар атыылыыбыт. Инньэ гынан, ыанньыксыттарбытын, ньирэй көрөөччүлэрбитин, бостууктарбытын хамнастыыбыт.

Дохсун халаан уута муосталарбытын алдьатан, кэнники кэккэ сылларга сайылыкка субан сүөһүнү эрэ таһаардыбыт. Даҕатан эттэххэ, субан сүөһүнү сыллата Сергей Егорович Винокуров икки эдэр киһини илдьэ тахсан көрөр. Эмиэ күннэри-түүннэри түптэлиир, өссө уу баһан уулатар буоланнар, биир бостуук үлэтин үс киһи толорор. Ити курдук кырдьаҕас бэтэрээннэрбит ыччаттары үлэ ньымаларыгар үөрэтэ сылдьаллар.

Саас – эппиэттээх кэм

Үлэбит үһүс хайысхатынан тиэхиньикэ өҥөтүн тэрийии буолар. Бэйэбит тустаах үлэбит таһынан нэһилиэнньэҕэ оту-маһы тиэйиигэ, ууну баһыыга итиэннэ таһаҕаһы таһыыга өҥө оҥоробут.

Өлөөкө Күөл улуус кииниттэн 21 көс ыраах. Саас-күһүн суолбут быстар, онон кыһыҥҥы суолунан эрэ сыл устатыгар туттарбытын хааччыннахпытына табыллар. Инньэ гынан, баччаларга аһы-үөлү, таҥаһы-сабы, саппаас чааһы Дьокуускайтан атыылаһан, оттон уматыгы Орто Халыматтан ылан, бөһүөлэккэ тиэрдэбит, салгыы сылгы базаларыгар, оттуур учаастактарга таһаарабыт.

Сыллата түөрт мэхэньисээссийэлээх биригээдэни тэрийэн, 1,2-1,3 тыһ. т оту оттуубут. Уута түһэриллибит күөл онно буолан, кыра да ардахха ходуһабыт ууга былдьанар. Хата, бу ааспыт сайын курааннаан, бэрт сынньалаҥнык уонна түргэнник оттоон бүппүппүт.

Тыын кыһалҕалар быһаарыыны эрэйэллэр

Сүрүн ороскуоппут (хамнас, уматык) хааһынаттан үбүлэнэр буолан, кэм туруктаахтык олоробут. Ити эрээри, бачча кэлбиччэ тыын кыһалҕаларбын эппэтэхпинэ сатаммат. Үлэ-хамнас тэрээһинигэр үбү көрүүгэ хоту дойду ураты уустук усулуобуйатыгар үлэлиир хаһаайыстыбалар интэриэстэрэ учуоттаныан наада. Холобур, сылгы базатыгар көрүллэр биир мөлүйүөн солкуобай харчы биһиэхэ олус татым. Тутуу маһын хас эмит көстөөх сиртэн кэрдинэр дьоҥҥо аҥардас хаһаа төһөлөөх ороскуотунан тутулларый? Итинтэн атахтанан, сайылыктарбыт муосталара, күрбэлэрэ оҥоһуллубакка тураллар.

Хааһына тэрилтэтэ буоламмыт, олорор дьиэни-уоту тутуу бырагырааматыгар киирсэр кыахпыт суох. Сопхуос саҕаттан үлэлиир, тэрилтэни тутан сылдьар ыанньыксыттарбытын тупсаҕай дьиэнэн хааччыйыахпытын баҕарбат үһүбүт дуо? Тутууга үбү чорботор кыахпыт суох, барыта утарынан наадаҕа бара турар…

АПК үлэһиттэрин идэлээх сойууһа доруобуйаны чэбдигирдиигэ көрөр чэпчэтиилээх путевката балаҕан ыйыгар уонна саас кэлэрэ биһиэхэ төрүт табыгаһа суох. Бииринэн, ити суол суох, иккиһинэн маассабай төрүөх кэмэ, инньэ гынан, хайа даҕаны ыанньыксыт уонна сылгыһыт баҕарбыттарын да иннигэр, сынньана барар кыахтара суох. Идэлээх сойуустар итини учуоттаан, путевканы ахсынньы-олунньу ыйдарга хааччыйыахтарын наада.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0