Ураты харыстанар сирдэр мөлүйүөннээх иэннэригэр — өйдөбүнньүк бэлиэ
Арассыыйаҕа биллэриллибит Экология сылынан өрөспүүбүлүкэбитигэр сотору кэминэн айылҕа харыстабылыгар туһуламмыт өссө биир өйдөбүнньүк эбиллиэҕэ. Бу туһунан Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр научнай-техническэй сэбиэккэ дьүүллэстилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
2014 сыллаахха Ил Дархан Егор Борисов СӨ бырабыыталыстыбатыгар Саха сирин ураты харыстанар сирин-уотун иэнин 1 мөл. кв. км тиэрдэргэ сорудахтаабыта. Олохтоох салайыныы уорганнарын кытта бииргэ үлэлээһин түмүгэр быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ ураты харыстанар сир-уот иэнэ 1,145 мөл. кв. км буолла. Сорук туолуутун бигэргэтэр туһуттан, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ тохсунньу-олунньу ыйдарга өйдөбүнньүк бэлиэ макетын оҥорорго өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах куонкурус биллэрбитэ. Хамыыһыйа көрүүтүгэр алта электроннай макеты София Цюхцинская — В.П. Ефимов аатынан Белай Гора орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ (Абый улууһа); Милена Эверстова — В.П. Ефимов аатынан Белай Гора орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ (Абый улууһа); Александр Марков, Кристина Петрова, Күннэяна Петрова — Арктическай институт устудьуоннара; Александр Заболоцкай, Олег Кириллов-Хахай, Георгий Решетников –АГКИИ үлэһиттэрэ киллэрбиттэрэ.
Б.дь. кулун тутар 1 күнүгэр хамыыһыйа Дьокуускай куорат олохтооҕо Александр Заболоцкай оҥорбут макетын бастыҥынан аахпыта.
Өйдөбүнньүк бэлиэ ис хоһооно: Олоҥхоҕо кэпсэнэр Аал Луук Мас – ил-эйэ символа уонна Ийэ сиргэ хаһан да кэхтибэт уйгулаах олох кэрэһитэ. Үөһээ куйаарга тиийэрдии үүнэн тахсыбыт мас модун Өлүөнэ Эбэни сирэйдиир. Мас лабаалара: хаҥас — Алдан, Амма өрүстэри кытта Буотама уонна Өлүөхүмэ үрэхтэр; уҥа – Сиинэ уонна Марха үрэхтэри кытта Бүлүү өрүс. Логотип анныгар Хотугу Муустаах акыйааҥҥа Саха сирин хотугу улуустарын өрүстэрэ: Халыма, Индигир, Дьааҥы, Өлөөн уонна Анаабыр усталлар. Хаҥас диэки — Өлүөнэ Очуостарын сирэйдиир хайа истииллээх ойуу. Бэлиэҕэ саха омугун ытык көтөрдөрө – кыталыктар ойууланаллар. Бу көтөр ураты харыстанар сиргэ уйаланар уонна кыталык үҥкүүтүн көрбүт киһиэхэ дьол тосхойор дииллэр.
Өйдөбүнньүк бэлиэҕэ халлаан күөх (уу, муус), от күөх (тыллыбыт айылҕа), маҥан (туундара хаара) өҥнөр туттуллаллар. Өйдөбүнньүк олохтоох матырыйаалтан оҥоһуллуоҕа. Макет ойуута бэчээт, сувенир, иһитиннэрии бородууксуйатыгар туттуллуоҕа. Научнай техническэй сэбиэккэ өйдөбүнньүк бэлиэни ханнык улууска туруорары дьүүллэстилэр. Өйдөбүнньүк турар сирэ маннык анал ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээх: бэлиэ өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах ураты харыстанар сирдэрдээх улууска, туристар түөлбэлээн сылдьар миэстэлэригэр ыраахтан көстөр аһаҕас сиргэ туруохтаах.
Өйдөбүнньүк бэлиэни Сиинэ үрэх биир биэрэгэ, «Амма» ресурснай резервата (Амма өрүс), «Өлүөнэ очуостара» айылҕа паарката: Лабыдьа, Тукулаан (Өлүөнэ өрүс), Буотама үрэҕин биэрэгэр турар турбаза, «Уус Бүлүү» айылҕа паарката (Лямпушка), «Булуус» айылҕа өйдөбүнньүгэ курдук сирдэргэ туруоруохха сөбүн дьүүллэстилэр. Үгүс санаа атастаһыытын кэнниттэн өйдөбүнньүк бэлиэни научнай техническэй сэбиэт кыттыылаахтара Хаҥалас улууһун Орто Дойду пааркатын аттыгар туруорар туһунан толкуйга кэллилэр.
Бэлиэ кыччатыллыбыт барыйаана ураты харыстанар сирдэрдээх өрөспүүбүлүкэ 36 улууһугар туруоруллуоҕа. Бу туһунан улуустар дьаһалталарын баһылыктарыгар анал быһаарыы суруктары ыытыахтара.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru