Дьон талаана сөҕүмэр. Киһи онтон улаханнык үөрэр, хайгыыр. Чахчыта, оннук дьонноох буоламмыт, Сахабыт сирэ аар саарга аатырар, суон сурахтанар буоллаҕа.
Мин хас да сыллааҕыта «Уус ЭКСПО» тимир уустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаларыгар сылдьан, улахан ааттаах-суоллаах уустар ортолоругар оскуолаҕа үөрэнэр кырачаан оҕочоону, кини үлэлэрин кэрэхсии, бэлиэтии көрөн суруйбуттааҕым. Онтум «Саха сирэ» хаһыат бастакы сирэйигэр тахсыбыта. Бииктэр Эверстов хаартыскаҕа түһэрбит. Ол ыстатыйаны дьоруойум сүрдээх истиҥник санаан, сыа-сым курдук тутан ууруна сылдьара миигин соһутта, улаханнык үөртэ, долгутта даҕаны. Кэнники да быыстапкаларга бу уолчаан үлэлэрин анаан-минээн көрбүтүм-истибитим. Гоша Кларов уран уустарынан аатырбыт-сураҕырбыт Таатта Баайаҕатын оҕото. Кини маннык улахан түһүлгэлэргэ сэттис кылааска үөрэниэҕиттэн кыттар. Киэргэлгэ анаан чочуйбут сахатын быһаҕынан «Бастыҥ уус оҕо» аатын ылбыта. Тохсуска үөрэнэ сылдьан «Уус-уран оҥоһуулаах үлэ быһаҕа» уонна «Ураты оҥоһук» хайысхаларга суон сурахтаах уустары кытта тэҥҥэ кыттан, иккиэннэригэр иккис бочуоттаах миэстэлэргэ тиксибитэ. Бэйэтин суолун булбут мындыр, уран уус ситиһиитэ итинэн бүппэт.
Далаһа
Биһилэх туһунан сиһилии сэһэргэһиэх иннинэ, Гошалыын кэпсэппиппин билиһиннэриим.
-Ийэбинэн эһэм Александр Александрович эдэриттэн мас ууһа. Остуол, олоппос, ыскаап бөҕөтүн оҥорор эбит. Кэлин дьиэ тутуутунан дьарыктаммыта. Ыҥырыыга сылдьар, дьоҥҥо сүбэ-ама буолар мындыр киһи буоллаҕа. Аҕам Дмитрий Егорович эмиэ мас ууһа. Онон мин кып-кырабыттан дьонум уһаналларыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьыбытым. Көмөлөһөн илии-атах буоларбын наһаа астынар этим. Сыыйа бэйэм ону-маны бооччойор буолбутум. Дьонум онно дьоһуннаах сүбэни-аманы биэрээччилэр. Ол бэйэтэ бэртээхэй оскуола. Ийэм Ада Александровна Баайаҕа оскуолатын дириэктэрэ. Кыра сылдьан тугу эмэ уһаннахпына, үөрэн-көтөн, сөптөөҕүнэн көрөн хайҕаан санаабын наһаа бөҕөргөтөрө, көтөҕөрө. Уһаныах баҕабын күүһүрдэрэ. Алтыс кылааһы бүтэрбиппин кэннэ, дьонум дойдубутугар, Баайаҕаҕа, «Мандар Уус кыһата» диэн оҕолору уһанарга үөрэтэр-такайар сайыҥҥы оскуолаҕа биэрбиттэрэ. Онно улахан ааттаах-суоллаах уустар Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус уонна Николай Иванович Егоров үөрэппиттэрэ-такайбыттара. Элбэх сүбэни-аманы биэрбиттэрэ. Кинилэргэ уһуйуллуохпуттан «бу миэнэ эбит» диэн санаам чопчуланан, тимир ууһа буолар баҕам улааппыта, — диэн кэпсиир. Бу лааҕырга сылдьыаҕыттан саха быһаҕын охсор, батыйа, хомус оҥорор буолбутун, уһуйааччыларын истиҥник ахтар-саныыр.
Аартыгы арыйар
Егор Кларов Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа декоративно-прикладное искусство и народные промыслы отделениеҕа ситиһиилээхтик үөрэнэн, көмүс ууһа диэн идэни ылла. Үөрэҕин туйгун сыанаҕа көмүскээтэ. Дипломун көмүскүүрүгэр, киһи сөҕүөн сөҕөр сахалыы тыыннаах ураты биһилэҕи оҥордо! Маннык биһилэх ханна да суох, соҕотох! Онон уолбутугар, чугас дьонугар, кинини уһанарга уһуйбут учууталларыгар уонна үөрэппит преподавателлэригэр махтанабыт.
Бу үөрэх кыһата ыччаттарын сайыннаран иһэр туһуттан далааһыннаах күрэстэргэ куруук кытыннарарын хайаан да этиэх кэриҥнээхпит. Ол курдук, үһүс кууруска үөрэнэ сылдьаннар, училищелара мэктиэлээһининэн, Уһук Илин уокуругар ыытыллыбыт профессиональнай маастарыстыбаны үрдэтэр WorldSkills улахан күрэскэ Егор Кларов бииргэ үөрэнэр уолунуун Иван Тимофеевтыын (Ньурба) ювелирнай оҥоһуктар хайысхаларыгар куонкуруһу таһынан кыттыбыттар. Итиэннэ бэриллибит сорудаҕы үчүгэйдик толороннор, иккиэн бастакы миэстэлэри эрэллээхтик ылан преподавателлэрин, дойдулаахтарын үөрдүбүттэр. Онтон былырыын уонна быйыл преподавателлэрэ хаар уонна муус оҥоһуктар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарыгар кытыннарбыттар. «Итинник бары хайысхаҕа үөрэтэллэр-такайаллар», — диир Гоша.
Кыымтан төлөн күөдьүйэн
-Быйыл кыһын олунньуга Санкт-Петербург куоракка 15-с төгүлүн «Junwex» диэн ювелирнай быыстапка буолан ааспыта. Онно араас үчүгэйкээн оҥоһуктар баалларын көрөн, идеянан «умайан» кэлбиппит. Онтон саҕыллан, улахан биһилэх оҥорорго санаммытым. Уһаппакка-кэҥэппэккэ эскиһигэр ылсыбытым уонна бэс ыйын 21 күнүгэр үлэбин түмүктээбитим. Биһилэх моделын » ЭПЛ Даймонд» компаниятыгар компьютерга оҥорбутум. Онтон 3Д принтерга бэчээттээбиппит. Салгыы хомуйуу, иҥиннэрии, кытаатыннарыы үлэтин үөрэхпэр оҥорбутум. Түгэнинэн туһанан «ЭПЛ альянс » дириэктэригэр Анатолий Лукич Никифоровка, салайааччыларбар Людмила Евдокимовна Федороваҕа, Александра Анатольевна Неустроеваҕа, уо.д.а. улахан болҕомтолорун ууран өйөбүл буолбуттарыгар махтанабын.
«Ийэ сир» ураты биһилэх
«Ийэ сир» диэн ааттаах трансформер биһилэх уопсайа 84 таастаах. Онтон биирдэстэрэ 1,2 диаметрдаах бриллиант. Биһилэх үөһэ өртө аһыллан иһирдьэ киирэн сүтэн хаалар. Бу аан дойдуну, бүтүн планетаны үөһэттэн анааран көрүү.Куйаартан чугаһыыргар Ийэ сир оргууйдук арыллан бэйэтин кэрэтин көрдөрөр, кэпсиир, остуоруйа дойдутугар ыҥыран, угуйан киллэрэргэ дылы гынар. Ортотугар ураһа турара көстөр. «Ураһа былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит олорбут сайыҥҥы дьиэлэрэ буолар» диэн быһаарар ону эдэр уус. Бу ураһаны тула 26 таастаах ии эргийэр. Ол аата, эйигин, бүтүн норуоккун, олоххун-дьаһаххын көрө-истэ сылдьар Ийэ Айылҕа иилии эргийиитэ. Ол ии эриллибит күннээх. Мин санаабар, ол аата, күн сардаҥата бүүс-бүтүн бэйэҕитин курдаттыы көрөбүн, ыраастыыбын диэн буолуон сөп. Бу күҥҥэ сэттэ таастаах уонна Ыйдаах. Оттон орто дойдуга олорор киһи күнүнэн, ыйынан сирдэтинэр, көмөлөһүннэрэр айылгылаах. Ураһабыт түөрт чааска арахсан нап-нарын сэбирдэхтэргэ кубулуйар. Бу үүнээйи, күөх от, айылҕа ойор күннээх орто дойдуга олох баарын, салҕанарын бэлиэтэ. Сэбирдэхтэр арыллыыларыгар, аны, ортотугар бриллианнаах сардаана сибэкки тыллан тахсар. «Саха киһитэ сөбүлүү, кэрэхсии, таптыы көрөр кэрэ, нарын сибэккитэ — сардаана. Сардаана олоххо тапталы, дьулууру, үтүө, кэрэ, аһыныгас, туохха барытыгар харыстабыллаах сыһыаннаах буолууну кэрэһилиир. Кини ортотугар баар күлүмүрдэс таас — дойдубут тэбэр сүрэҕэ. Бу дьэҥкир, ыраас санаа.
Биһилэх тулата дьэрэкээн бэйэлээх оһуор-мандар. Өйдөөн көрдөххө, сардаана сибэкки эминньэҕэ, умнаһа, сэбирдэҕэ уонна көҕүөр ойуу көбүөр бэрдин санаталлар. Бу үүнээйи саха киһитигэр сүдү оруолу ылар, айылҕабыт барахсан маанылыыр-атаахтатар, күндүлүүр, арчылыыр, араҥаччылыыр бэлиэ буоларын быһаарар.
-Матырыйаалбытын барытын үөрэхпититтэн биэрэллэр. Дьиҥэр, биһилэҕим былаан быһыытынан кыһыл көмүскэ кутуллуохтаах этэ. Онтубут, хомойуох иһин, табыллыбата. Инньэ гынан матырыйаала солотуулаах үрүҥ көмүс буолла. Таастара фианиттар, сардаана ортотугар 0,02 караттаах бриллиант, — диир уус.
***
Толкуйу, сатабылы, сыраны, дьулууру эрэйэр маннык дьэрэкээн бэйэлээх биһилэҕи көрбүт эрэ сөҕүөҕүн саарбахтаабаппын. Уран тарбахтаах уус уолбут өссө сайдан кэрэ, мааны, ураты оҥоһуктарынан дьон кэрэхсэбилин ыла, маанылаах Сахатын сирин ааттата турдун. Эдэр ууска ыра санаата ыпсан, баҕа санаата туолан, үлэтэ-хамнаһа тахсыылаах буолан, билиитэ-көрүүтэ дириҥээн, кэҥээн иһэригэр баҕарыаҕыҥ.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
[vc_video link=»https://youtu.be/bM7hRYan85U»]