Уран тарбахтаах оҕолор

18.12.2017
Бөлөххө киир:

Нам улууһун I Хомустаах оскуолатын үлэ уруогар учуутала Валентина Павловна Яковлева оскуолаларыгар урут куруһуоктар тиһиктээхтик үлэлээбиттэрин, билигин бизнес-инкубатор аһыллан, үлэ-хамнас өссө күүһүрбүтүн бэлиэтиир. 


Оҕолор ону-маны бэйэлэрин илиилэринэн оҥоро-чочуйа, уһана үөрэммит буоланнар нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас быыстапкаларга, дьаарбаҥкаларга, куонкурустарга, о.д.а. тэрээһиннэргэ көтүппэккэ кытталларын киэн тутта этэр. Тигинэччи үлэлии турар оскуолаҕа быйыл, сэтинньигэ, социальнай педагог Лариса Ивановна Солдатова салайааччылаах бизнес-инкубатор аһыллыбыт. Онон бары сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүллэн, манна сылдьар, ылсан дьарыктанар оҕо өссө элбээбит. Холобур, оҕуруонан киэргэл арааһын, туойунан иһит, панно, киэргэл талбытын оҥорооччулар, саха быһаҕын чочуйааччылар, компьютернай технологияны баһылаан хаартыска, реклама, баннер талбытын бэчээттээн таһаарааччылар баалларын, кэлэр өттүгэр хайысхалара элбиир чинчилээҕин үөрэн кэпсиир. Маныаха үөрэнээччилэр дьоҕурдарын сайыннарарга биология учуутала Елена Васильевна Колесова, уруһуй учуутала Валерия Васильевна Соловьева, математика учуутала Сардаана Михайловна Тихонова, социальнай педагог Лариса Ивановна Солдатова, о.д.а. ылсан болҕомтолоохтук дьарыктаналларын Валентина Павловна киэн тутта, махтана этэр.  Маннык дьаһанан үлэлээһинтэн оҕолор үөрэҕи, үлэни дьүөрэлии, бириэмэни аттара үөрэнэллэрин бэлиэтиир. Бу күһүн тохсус кылаас үөрэнээччитэ Милена Колмогорова дьүөгэлэринээн хаһыа да буоланнар, оскуолаларын убаһатын этиттэн уонна бурдуктан ас арааһын астаан атыылаабыттарын нэһилиэнньэ үөрэ-көтө атыыласпыт. Оҕолор итиннэ бириэмэни бараатыбыт диэн үөрэхтэригэр оҕустарбатахтар. Төттөрүтүн өссө үчүгэйдик үөрэнэргэ кыһаллар буолбуттар, улахан киһилии дьоһуннаммыттар. Милена кафе аһан үлэлэтэр баҕата улааппыт.

Маннык үлэлии олорор оскуола соторутааҕыта Дьокуускайга буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи сэттис бизнес-олимпиадаҕа кыттыбыт. Хас да оҕо бырайыагын билиһиннэрбит. Тэрээһин чэрчитинэн тэриллибит быыстапка-дьаарбаҥкаҕа үөрэнээччилэр оҥоһуктарын аҕалан дьон-сэргэ көрүүтүгэр, сыанабылыгар таһаарбыттар. Манна эмтээх оттору, саха киһитэ таптыыр кучуттан чэйин, анал аппараакка хатарыллыбыт уулаах отону, оҕуруоттан, кылтан, туойтан, сиэлтэн киэргэл арааһын, бэйэ оҥорбут мыылатын о.д.а. аҕалбыттарын куораттар хамаҕатык атыыласпыттар. Онон, бу оскуола билиҥҥи олох ирдэбилин кытары тэҥҥэ хардыылаан иһэрин сэргэ, кэнчээри ыччата инникини көрөн олох тэтимин кытта тэҥҥэ сайдан иһэригэр, үлэни тобула, толкуйдуу үөрэнэригэр кыаҕы биэрэрэ үөрдэр.

Диана туорда

Ахсыс кылаас үөрэнээччитэ Диана Тихонова кыратыттан ийэтигэр көмөлөһөн ас астаһара, салаат арааһын оҥорсоро, бэрэски буһарсара билигин олус туһалаабытын бэлиэтиир. «Билигин улаатан бэлэми кэтэһэ олорбокко, бэйэм туох эрэ туһалааҕынан дьарыктаныахтаах, дьоммор туһалыахтаах кэммэр көмөлөөх буолла дии саныыбын”, — диир. Минньигэһи сөбүлүүр кыыс торду оҥоруунан үһүс кылаастан умсугуйан дьарыктаммыт. Ол эрээри, нэһилиэнньэҕэ атыылааһынын саҥа саҕалаабыт.

Бастаан үчүгэйдик оҥорорго кыһаллан үөрэнэ сатаатым. Билигин да үөрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, киэргэтиитигэр, ырысыабыгар да буоллун, саҥаттан саҥа, сонун эбиллэ турар. Ол иһин интэриэниэти кэтиибин.

Аан бастакы туорпун ийэм сурунан ылбыт ырысыабынан астаабытым. Санаабар наһаа үчүгэй этэ. Дьонум да хайҕаабыттара. Онтон ыла бырааһынньыктарга астыыр буолбутум. Атыылыырга бу саҥа холоннум. Бастаан чугас аймахтарым үлэспиттэрэ. «Наһаа минньигэс. Бэркэ астаабыккын», — диэннэр санаабын улаханнык көтөхпүттэрэ. Билигин дьон истиһэн үлэһэн эрэллэр. Онон астыырга, дьон ирдэбилин толорорго, бириэмэни харыстыырга уонна туһалаахтык атаарарга үөрэнэбин. Уопсайынан киһи кыһалыннаҕына, хамсаннаҕына эрэ тугу эмэ оҥорорго, ситиһэргэ үөрэнэр эбит, — диэн санаатын үллэстэр.

Диана медовай туорда уопсайа 2,5—3 чааһынан, бисквитэ эмиэ биир итиччэ бириэмэнэн бэлэм буоларын этэр.  Сакалааттарынан, араас кэмпиэттэринэн, минньигэстэринэн киэргэтэр, кириэмниир. Маныаха хас оҥордоҕун ахсын туох эрэ интэриэһинэйи эбэн биэриэх, тупсарыах санаа киирэн иһэрин этэр. Туордун сыаната 600 солкуобайтан 1000 солк.диэри. Бу күннэргэ нэһилиэгин олохтоохторуттан Саҥа дьылы көрсө үлэхтэр кииртэлээбиттэрин астыыр. Онтон биһиги ааҕааччыларбытыгар сотору-сотору астанарга, маннык судуругу ырысыабы сүбэлиир.

Бисквит ырысыаба

4 сымыыкка 1 ыстакаан саахары кутан булкуйаҕын. Онно 1 ыстакаан бурдугу сыыйа кута-кута миксердиигин. Мультиваркаҕа биир чаас буһараҕын. Ылан сойутаҕын.

Кириэмин оҥорорго: 200 гр ынах арыытын маҥхайыар диэри күүскэ булкуйаҕын. Биир бааҥка сгущеннай үүтү сыыйа кутаҕын, миксердиигин. Үллэн, маҥхайан тахсар. Манна какао бороһуогун эбэтэр туорка туттуллар анал кырааскалары (красителлэри) кутан араас өҥнүөххүн сөп.

Сойбут бисквиккэ кириэми сыбыыгын. Сакалаатынан, араас минньигэһинэн киэргэтэҕин.

Бэйэ оҥорор мыылата чахчы астык 

Ахсыс кылаас үөрэнээччитэ Женя Новгородова мыыла арааһын оҥорор.

Маҕаһыынтан мыыла ыллахпытына састаабын көрбөппүт. Оттон бэйэбитигэр анаан мыыла оҥостор буоллахпытына, тымныы дойдуга олорор дьон тириибитигэр туох барсарын хайаан да толкуйдуур эбиппит, — диэн саҕалыыр кэпсээнин Женя.

Саас сааһынан сэһэргээтэххэ маннык. Женялаахха мыыланы хайдах оҥорор туһунан сүбэлэрдээх кинигэ бэлэхтээбиттэр. Ону көрөн баран, бу кыракый кыысчаан мыыла оҥорон көрүөн баҕарар буолбут. Иһигэр тута сылдьыбыт санаатын олоххо киллэрэригэр, оскуолатыгар ыытыллыбыт дьаарбаҥка далаһа буолбут. Женя мыыла оҥоруон баҕарарын билэр буолан ийэтэ уонна куруһуогун салайааччыта Лариса Ивановна Солдатова мыыла оҥороругар сүбэлээбиттэр.

Кырдьык да, бу дьаарбаҥка хайдах эрэ ураты истиҥ уонна астык буолбут. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор бука бары ким тугу сөбүлүүрүн бэйэлэрин илиилэринэн оҥорон аҕалбыттар. Оттон тэрээһиҥҥэ сылдьыбыттар улаханнык сөхпүттэр, астыммыттар. Мэктиэтигэр тугу да ордорбокко, оҕолор аҕалбыттарын барытын үөрэ-көтө атыыласпыттар.

Манна Женя оҥорон илдьибит уонча мыылата биирдии мөһөөк солкуобайга атыыга хамаҕатык барбыт. Оттон атыылаһан ылбыттар кэлин бу мыылаттан илиилэрэ олус сымнаабытын, сыта-сымара наһаа үчүгэйин бэлиэтээбиттэр. Ону “киһи бэйэтин оҥоһугар ис дууһатын уурар, ол иһин туһата улахан” диэн  Женя быһаарар.

Учууталлара бу үлэтинэн дакылаат суруйарыгар сүбэлээбиттэр. Ол дакылаатын  түмүгүнэн, аны, Дьокуускайга “Бэс чагда” өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр кииҥҥэ “Олоҥхо — мин олохпор” диэн айар симиэнэҕэ киирбит. Манна урбаанынан дьарыктаныан баҕалаах оҕолор этэрээттэригэр сылдьан бэрт элбэх сонуну билбит, үөрэммит. Биир оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро: эмтээх отунан дьарыктанар, чэй оҥорор Иванна Петрова, саха быһаҕын чочуйар Денис Соловьев үлэлэрин манна мустубут оҕолор улаханнык сэҥээрбиттэрин киэн тутта кэпсиир.

Женяттан мыыланы хайдах оҥорорун ыйыталастым.

Анал мыльная основа диэн атыыга баар. Мыыла оҥорорго кумахха оонньуур иһит, астыырга туттуллар кыра киэп иһиттэр, о.д.а.барсаллар. Оливки, кокос, жожоба о.д.а арыылар наада буолаллар. Ароматизатор. Араас өҥнүүргэ аска туттуллар эбэтэр анал краситель.

Холобур, биир киилэ мыыла сүрүнүттэн (мыльная основа) мин 20 устуука мыыланы таһаарабын. Ити иһит кээмэйиттэн тутулуктаах. Сайт ааҕааччыларыгар анаан мүөттээх мыыланы хайдах оҥорору сүбэлиэм. Тоҕо диэтэххэ, мүөт доруобуйаҕа көмөлөөх, тириини сымнатар, — диир.

Мүөттээх мыыла

-Мыыла сүрүнүттэн (основа) саахар куһуогун курдугу быһан ылаҕын. Ону уу паарыгар эбэтэр микроволновай оһоххо ууллараҕын.  Онтон мин жожоба арыытын 4-7 хаапыланы кутабын. Күүгэннэнэр. Анал эбэтэр аска туттуллар кыраасканы (краситель) кыратык эбэҕин, 3 чаайынай ньуоска мүөт кутаҕын. Ол кэннэ 3 хаапыланы ароматизатортан (маҕаһыыҥҥа атыыланар анал) кутан баран, эргиччи буолбакка, аҕыс сыыппара курдук сэрэнэн булкуйаҕын. Киэпкэ (анал эбэтэр бичиэнньэ формата, кумахха оонньуур иһит) кутан сойута уураҕын. Кытааппытын кэннэ ылаҕын. Хайдах сойоро мыыла төһө халыҥыттан, улаханыттан тутулуктаах. Тускутугар туһаныҥ. Бэйэҕит оҥорбут мыылаҕыт хайдахтаах туһалааҕыттан үөрүөххүт эрэ.

 

Кылтан, сиэлтэн киэргэл кэрэтэ

Бу онус кылааска үөрэнэр Настя Сивцева оҥоһугун көрөҕүт. Сиэлинэн, кылынан оҥоһуктарга ааспыт сылтан дьарыктаммыт.

Биһиги сылгылаахпыт. Онон киэргэлгэ туттарбар сиэл, кыл көстөр. Итиэннэ мин билиҥҥитэ кыра киэргэллэри оҥоробун. Брошь, колье, браслет. Холобур, биир сибэкки броһу чааһынан бүтэрэбин. Сыл устатыгар, арааһа, 40-50 устууканы оҥорбутум буолуо. Билигин Саҥа дьыллааҕы оҥоһуктарга ылсыахпын баҕарабын эрээри, илин кэбиһэрбин бүтэрбит киһи диэн санаалаах сылдьабын.

Кылынан, сиэлинэн туттарга, хатарга, киэргэл оҥорорго куруһуокпут салайааччыта, учууталым Валентина Павловна Яковлева үөрэппитэ.

Кыл, сиэл эмтээҕин туһунан уруккуттан истэн билэбин. Имитэриҥ бэйэтэ массаас. Аны, өбүгэлэрбит оҥоһуктарын, бу үтүө дьарыктарын, үгэстэрин салгыыр баҕалаах ылсыбытым. Эдьиийбэр колье оҥорон бэлэхтээбитим кэнниттэн “күөмэйим ыалдьыбат буолла” диэбитэ. Төбөҕө кэтэр синньигэс утаҕы (тымырдаайыны) баайан биэрбит дьонум эмиэ сөбүлээн кэтэллэр. Иккистээн үлэһээччилэр бааллар, — диэн кэпсиир уран тарбахтаах кыыс.

Настя илиитин үчүгэйдик имитэ, үөрэнэ түһэн баран, ийэтигэр сэлээппэ оҥоруон баҕарарын этэр. Бу сайын кольелаах, баттаҕы туттарарга ободоктаах, кыра суумкаҕа киэргэллээх кэмпилиэги оҥорон инстаграмҥа таһаарбытын, Дьокуускай олохтооҕо тута атыыласпыт. Онон дьон сэҥээрэр эбит диэн итинник кэмпилиэги кэлин оҥоруом диир. Бу кэпсэтиибитигэр уран тарбахтаах Настя броһу хайдах оҥорору сүбэлээтэ.

Сибэккинэн симэниҥ

Сиэл сымнаҕас буолан тутарга-хабарга үчүгэй. Имитэҕин, көннөрөҕүн. Онтон төгүрүк ии курдук тутаҕын. Итиэннэ холбуу тигэҕин. Ол кэннэ сэбирдэх, сибэкки эминньэҕин  курдук быһыытын-таһаатын оҥорон биэрэҕин. Кытыытыгар тахсан кэлбиттэри кырыйан көннөрөҕүн. Маннык сэбирдэхтэри уонна сибэкки эминньэхтэрин холбуу тутаҕын, тигэҕин. Сибэкки тахсан кэлэр. Ураты брошь баар буоллаҕа ити.

Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

Хаартыскаларга: ааптар түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0