Гражданскай авиация Ураллааҕы собуота L-410 сөмөлүөттэри Уһук Илин дьону таһар авиахампаанньаларга тиксэриэн сөбүн туһунан иһитиннэрдэ. Ол туһунан ТАСС суруйар.
edersaas.ru
Бырабыыталыстыба ахсынньы 11 күнүнээҕи мунньаҕын түмүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Уһук Илин саҥа авиахампаанньаны тэрийэр туһунан эппитэ. «Аэрофлот» иһинэн «Аврора» тэрилиннэҕинэ, L-410 сөмөлүөттэри Ураллааҕы собуот оҥорорго бэлэмин биллэрбитэ.
“Ол эрэн, «Аэрофлот» биһигини кытта бу боппуруоска сибээстэһэ илик”, — диэн чуолкайдаабыт Гражданскай авиация Ураллааҕы собуотун генеральнай дириэктэрэ Вадим Бадеха.
Күн бүгүн хампаанньа сылга сүүрбэччэ сөмөлүөтү оҥорор, ол кыамтатын өссө улаатыннарыан сөп.
L-410 чешскай сөмөлүөттэри 1971 сылтан оҥороллор. Ураллааҕы собуот L-410 — УВП Е20 чэпчэки сөмөлүөттэри, бөртөлүөттэри таҥан таһаарар, мотуордарын өрөмүөннүүргэ идэтийэр.
«Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1