Үөрэх управлениета Дьокуускай куорат оҕолоро иккис чиэппэргэ хайдах үөрэнэллэрин иһитиннэрдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук баһылыгын 2020 сыл сэтинньи 5 күнүнээҕи дьаһалынан, иккис чиэппэр сэтинньи 9 күнүттэн саҕаланар диэн үөрэх управлениетын саайтыгар суруллар.

edersaas.ru  

Саайтка ыйылларынан, үөрэх маннык быһыылаахтык барар:

— 1-4-с кылаас үөрэнээччилэрэ олоҕурбут көрүҥүнэн (очно);

— 5-9-с кылаас үөрэнээччилэрэ олоҕурбут көрүҥүнэн (очно);

— 10-с уонна 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ олоҕурбут көрүҥүнэн (очно);

— 9-с уонна 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ булгуччу олоҕурбут көрүҥүнэн (очно).

Дистанционнай үөрэх технологиятын туһанан (буккуйан үөрэнии) 1-кы, 2-с, 3-с, 4-с, 5-с, 6-с, 7-с, 8-с уонна 10-с кылаастар оскуолаҕа итиэннэ 5-с уонна 10-с кылаастар ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниэхтэрин сөп.

Төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) оҕолорун ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэттэриэхтэрин сөп. Маныаха оҕолоро үөрэнэр оскуолаларыгар сайабылыанньа суруйаллара ирдэнэр диэн саайтка ыйыллар. Биллэн турар, ыраахтан олорон үөрэниигэ хроническай ыарыылаах буолан диспансернай учуокка турар, улахан ыарыылаах буолан эмтэниини ааһар итиэннэ быһыыны (вакцинация) ылаллара көҥүллэммэт оҕолор көһөллөр.

Сиһилии ыйыллыбыт сигэнэн http://www.yaguo.ru/node/8974 Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын саайтыгар киирэн билиэххитин сөп.

edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0