Ааспыт субуотаҕа, ол эбэтэр атырдьах ыйын 20 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар уонна чугастааҕы сытар киин, илин эҥээр улуустарыгар киэһэ биир чаастан ордук уот баран, барыбытын да ыксаталыы сырытта. “Якутскэнерго” ПАУо иһитиннэрбитинэн, уот арахсыыта Илиҥҥи холбоһуктаах энэргэтиичэскэй тиһиккэ — Амурскай уобалас Магдагачи оройуонугар технологическай кээһэнии тахсыбытыттан буолбут.
Илиҥҥи холбоһуктаах энэргэтиичэскэй тиһиккэ холбоспуппут
2019 сыл саҥатыттан “Якутскэнерго” эбийиэктэрэ Илиҥҥи холбоһуктаах энэргэтиичэскэй тиһик иһинэн киирэн үлэлииллэр. Ханнык эбит эрэгийиэҥҥэ улахан саахал тахсар түгэнигэр, саахалы утары үлэлиир автоматика (противоаварийная автоматика) бары энергоэбийиэктэргэ холбонор. Бу автоматика электростанциялары уонна уот ситимнэрин алдьаныыттан, кээһэнииттэн харыстыыр сыаллааҕын туһунан “Якутскэнерго” ПАУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Стручков иһитиннэрдэ.
Арай ахсынньы аам-даам тымныытыгар уот арахсыбыт буоллун, дьэ оччотугар иннэ-бүргэс үрдүгэр олоруу балаһыанньата үөскээн, өрөспүүбүлүкэ аҥаара тымныы ытарчатыгар ылларар кутталлаах.
Мархаҕа саҥа подстанция үлэҕэ киириэҕэ
Өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторун аймаабыт уот арахсыытын биир күн иннигэр, “Якутскэнерго” ПАУо кыстыкка хайдах бэлэмнэнэрин туһунан суруналыыстарга пресс-тур тэрийэн ыыппыта. Пресс-тур кэмигэр Марха оройуонугар “Марха” подстанция, Дьокуускай куорат “кырдьаҕас” ГРЭС-ин үлэтин кытары билиһиннэрдилэр.
Билигин киин куоракка сыллата хастыы да сүүһүнэн чааһынай итиэннэ, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллалларын таһынан, социальнай эбийиэктэр үлэҕэ киллэриллэн, элэктэриичэстибэ уотунан туһанааччы ахсаана күн-түүн элбии турар. Онон уот кыамтата тиийбэт буолан, саҥа станциялары тутуу олох ирдэбилэ буолла. Быйыл кыһын Марха бөһүөлэгэр Экспериментальнай уулуссаҕа күүтүүлээх-кэтэһиилээх 110/10 кВ станция үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Тутуу икки сыллааҕыта саҕаламмыта. Бэдэрээтчит “ПСР” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба. Подстанция Марха бөһүөлэгин таһынан Жатай, Тулагы-Киллэм олохтоохторун уотунан эрэллээхтик хааччыйыахтаах. Ону таһынан, уруккуттан үлэлии турар “Хатыҥ-Үрэх” уонна “Радиоцентр” подстанциялар ноҕуруускалара арыый намтаан, саҥа дьиэлэр уот ситимнэригэр холбоноллоругар кыах бэриллиэҕэ. Саамай улахан туһанааччыларынан “Саюри” тиһик буолар. “Саюрига” тэпилииссэлэр ахсааннара элбиир, онон сылы эргиччи тохтоло суох үлэлии турар тутууга элбэх кыамта наада”, — диэн энэргиэтиктэр этэллэр.
Билигин “Марха” подстанцияны тутуу үлэтэ күөстүү оргуйар.
Былаан быһыытынан ахсынньы 1 күнүгэр диэри силигин ситэрэн, үлэҕэ киллэриэхтээхтэр. “Кылаабынайа, оборудованиета кэмигэр кэлиэн наада. Оччотугар былааннаабыппыт курдук, бу сыл бүтүүтэ подстанцияны үлэлэтэбит”, — диэн Киин элэктэриичэскэй ситим тэрилтэ дириэктэрэ Петр Иванов кэпсээтэ.
Уот арахсыытын тула
Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Стручков суруналыыстарга подстанция тутуутун хаамыытын туһунан кэпсиирин быыһыгар, Дьокуускай куоракка былааннаммыт уот арахсыыларын туһунан иһитиннэрдэ. Бары көрө-билэ сылдьабыт, күннэтэ кэриэтэ киин куорат оройуоннарыгар солбуһа сылдьан, уоту ордук сайыҥҥы өттүгэр араараллар. Ол курдук, хайа эрэ улахан эбийиэк тутулуннаҕына, уот ситимин холбуулларыгар биитэр өрөмүөн үлэтин ыыталларыгар бүтүн кыбартаалга уоту араараллар.
Алексей Александрович этэринэн, Саха сирин магистральнай уотун ситимнэрэ саппаас лиинньийэтэ суох тутуллубуттар. Урукку өттүгэр уот барар түбэлтэтигэр дизельнэй станциялар холбоноллоро. Билигин дизельнэй станциялар улахан улуустар кииннэригэр эрэ үлэлииллэр. Онон кыамталара кыра буолан, барыларын уотунан толору хааччыйар кыахтара суох.
Тастан кэлиини олохтоох тиэхиньикэ солбуйда
Хас да сыллааҕыта саҥа ГРЭС-кэ оборудованиены аҕалыыга сааҥсыйанан сылтаан, бытаарыы тахса сылдьыбыта. Билигин эмиэ үгүс дойдулартан тастан аҕалыы суола сабыллан, ордук бырамыысыланнай, сибээс, энэргиэтикэ эбийиэктэригэр ыарахаттар үөскээбиттэрэ баар суол. Онон, олохтоох сиргэ оҥоһуллубут тиэхиньикэнэн туһаныы лаппа улаатта. Холобур, Мархатааҕы саҥа подстанцияҕа Тольятти куоракка оҥоһуллубут трансформатордар тураллар.
«Тольяттинский Трансформатор» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба Арассыыйаҕа электротиэхиньиичэскэй оборудованиены оҥорон таһаарар бөдөҥ хампаанньанан биллэр. Ол курдук, предприятие ааспыт үйэ 50‑с сылларыттан силис-мутук тардан, 1961 сыллаахха 110 кВ бастакы трансформаторын оҥорон таһаарбыт. Киин элэктэриичэскэй ситим тэрилтэ дириэктэрэ Петр Иванов иһитиннэрбитинэн, саҥа подстанцияҕа таҥыллыбыт оборудование үксэ Арассыыйаҕа оҥоһуллубут.
“Кырдьаҕас” ГРЭС-кэ
Дьокуускайдааҕы бастакы нүөмэрдээх ГРЭС тэбэр сүрэҕэр — машиннай сыахха мээнэ киһини киллэрбэттэр. Сэрэхтээх буолуу анал үөрэҕин ааһыахтааххын, итиэннэ анал каасканы кэтэҕин. Ол кэннэ дьэ биирдэ, ип-итии сыахха баар буола түһэҕин. Манна сорох турбина аттыгар температура 50 кыраадыска тиийэ итийэр.
Электроэниэргийэни оҥорон таһаарыыны хонтуруоллуур пууҥҥа сууккаҕа икки симиэнэнэн үлэлииллэр.
Чурапчы улууһуттан төрүттээх Алексей Гаврильев ГТУ машиниһынан үлэлээбитэ хаһыс да сылыгар барда. Номнуо улахан уопуттаах энэргиэтик. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физика-тиэхиньиичэскэй институтун бүтэрбит.
— Бу үлэбитигэр газотурбиннай установкалары көрөбүт-истэбит. Сүрүн көрдөрүүлэри хонтуруолга тутан, элэктэриичэстибэ уотунан хааччыйабыт. Сылаас ууну эмиэ ыытабыт. Симиэнэнэн үлэлиибит. Бастакы симиэнэ сарсыарда аҕыстан киэһээ аҕыска диэри. Түүҥҥү симиэнэ киэһээ аҕыстан сарсыарда аҕыс чааска диэри буолар, — диэн Алексей үлэтин туһунан кэпсээтэ.
Машиннай сыахха олорор энэргиэтиктэр саахал тахсар түгэнигэр тутатына ону туоратан, барытын бэрэбиэркэлээн, оборудованиеларын харахтарын далыттан араарбаттар.
Ууну ититэр сүүнэ хочуоллар
Салгыы 2019 сыллааҕыта тутуллубут Ууну муҥутуур күүскэ ититэр хочуолунайга (Пиковая водогрейная котельная) сырыттыбыт. Хочуолунайга ууну сүүстэн тахса кыраадыска диэри ититэр кыахтаах үс сүүнэ улахан хочуоллар тураллар. Дьокуускайдааҕы ГРЭС кылаабынай инженерин эбээһинэһин толорооччу Андрей Плахин этэринэн, ууну муҥутуур ититэр хочуолунайы сэтинньигэ халлаан күүскэ тымныйдаҕына биирдэ үлэлэтэллэр.
Түмүккэ
Билигин кыстыкка бэлэмнэнии, уот ситимнэрин өрөмүөннээһин, саҥардыы үлэтэ былаан быһыытынан ыытыллар. Халлаан тымныйдаҕына саахал эрэ тахсыбатар ханнык. Киин куоракка уонна улахан улуус кииннэригэр саппаас уот источнига баар эбит буоллаҕына, тыа сиригэр балаһыанньа кытаанах. Аны сорох нэһилиэктэр уотунан ититиигэ холбонон, оһохторун көтүрбүттэрэ быданнаата. Кыһын уот арахсар, саахал тахсар түгэнигэр дьиэлэрэ-уоттара хам тоҥор кутталлаах. Эбиитин бөһүөлэк иһинээҕи ситимнэр эргэрэннэр уонна подстанциялар кыамталара намыһаҕыттан уот кыамтата мөлтөх.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.