1970-с сс. саҕаланыыларыгар үөрэхпин бүтэрээт, Саха сирин биир соҕурууҥҥу оройуонун борокуратууратыгар үлэлээбитим. Оройуон кииниттэн хас да биэрэстэлээх сиргэ өссө Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии иннинэ оҥоһуллубут аэродром баара. Ол аэродром мин билэрбинэн, билигин да дойдубут экэниэмикэтэ салгыы сайдарын туһугар күнүстэри-түүннэри быыс булбакка үлэлии турар.
Аэродрому уонна онно түһэн ааһар сөмөлүөттэри көрөр-истэр, хааччыйар техническэй үлэһиттэр аэропорт аттыгар баар икки этээстээх мас дьиэлэргэ олороллоро. Аэропорт атын нэһилиэнньэлээх пууннартан тэйиччи сиргэ тутуллубут буолан, «авиагородок» диэн ааттанара. Балачча элбэх тутуу, ол иһигэр дьиэни-уоту сылааһынан хааччыйар хочуолунай, сөмөлүөттэри өрөмүөннүүр, сылытар ангаардар, оттугунан хааччыйар анал массыыналар хараастара, ас-үөл маҕаһыына, остолобуой, оҕо саада баар буоланнар, син обургу бөһүөлэк курдук этэ.
Күһүн хаар түһүөн иннинэ авиагородокка хочуолунай тас өттүттэн умайан, саҥардыы күөдьүйэн эрдэҕинэ, хата, дьон кэлэн саба түһэн уодьуганнаабыттар. Баһаарынай массыыналарынан уоту дөбөҥнүк умуруорбуттар. Ол дьон бары аэропорка үлэлиир эбиттэр. Аэропорт начаалынньыга улахан хоромньу, ночоот тахсыбатаҕыттан астынан уонна баһаары умуруорбут дьон баҕа өттүлэринэн авиапорт баһаарынай дружинатын байыастара буолалларын учуоттаан, барыларын харчынан бириэмийэлииргэ быһаарынар. Хас биирдиилэрин бар дьон биллин диэн бирикээс таһааран, уоннуу солкуобайынан бириэмийэлиир. Оччолорго ол кырата суох харчы этэ.
Ити түбэлтэ кэнниттэн, арааһа ый да ааһа илигинэ, авиагородокка эмиэ баһаар тахса сыһар. Аны биир тутаах эбийиэк — хараас кытарарга былдьана сыспытын эмиэ туораттан дьон кэлэн умуруорар. Ол дьон иһигэр хочуолунайга тахса сыспыт баһаары умуруорсан, хайҕанан, харчынан бириэмийэлэммит Гуртов диэн киһи баара. Дьэ, бу киһи баһаарынай сулууспа уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар болҕомолорун тардыбыта.
Бэрэбиэркэ киэнэ кытаанаҕа буолар. Биричиинэтэ биир: уот турбут сирдэригэр иккиэннэригэр тоҕо бу Гуртов баар буолан хаалла? Ирдиир-көрдүүр оперативнай үлэ сотору соҕуһунан сөптөөх түмүгү биэрбитэ. Гуртов хочуолунайы да, гараһы да соруйан умаппытын билиммитэ.
– Тоҕо маннык быһыыланныҥ? – диэн ыйытыыга быһаарыыта судургу этэ: уоту умуруоруспут аатыран, эмиэ бастакы сырыыга курдук, харчынан бириэмийэ ылыан баҕарбыт.
Киһибитин үөрэтэн билбиппит, кистээн арыгыны иһэрин сөбүлүүр эбит. Сорох киһи үлэтигэр биир да таммах арыгыны испэт курдук эрээри, дьиэтигэр-уотугар уора-көстө төһөнү баҕарар кэтэрдэр, чугас дьонун эрэйдиир. Оннуктары «дьиэтээҕи иһээччилэр» дииллэр. Сэдэх уонна судургута суох дьыалаларга оҥоһуллар психиатрическай экспертиза Гуртов психикатыгар кыра да буоллар, кэһиилээҕин быһаарбыта. Уоту аһары сөбүлүүр, кэрэхсиир идэлээх пиромант үһү! Туох эмит умайарын кэрэхсээн көрөрүгэр бэйэтэ уоту соруйан ыытыан эбэтэр күөдьүтэн араас баһаары да таһаарыан сөп эбит. Ол гынан баран, ити баһаардары ыытарыгар илэ өйдөөх буолан, тугу оҥорорун билэ-билэ оҥорбутун итиэннэ ону ханнык баҕарар түгэҥҥэ тохтотуон, умулуннарыан сөбүн, үчүгэйи куһаҕаны араарарын экспертиза бигэргэппитэ. Онон, сокуон иннигэр бэйэтин дьайыыларыгар толору холуобунай эппиэти сүгэр кыахтаах диэн түмүктээбитэ. Оройуон норуодунай суута Гуртовы судаарыстыба бас билэр баайын соруйан икки төгүл уоттуу сатаабыт буруйун үс аҥар сылга күүһүрдүллүбүт эрэсиимнээх үлэнэн көннөрүнэр холуонньаҕа боруостууругар уураахтаабыта.
Виталий Слепцов, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru. сайтыгар анаан.