Уоту утары охсуһууга   569 киһи үлэлиир

Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр 10 ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ. Уопсай иэнэ 84 990 гектар.

Ол иһигэр Өймөкөөҥҥө — 1, Орто Халымаҕа  — 2, Булуҥҥа – 1, Уус Маайаҕа  — 6.

Саҥа ойуур баһаара бэлиэтэммэтэ.

Былырыын бу кэмҥэ уопсайа 3 069 388 га иэннээх 92 ойуур баһаара турбута.

Бүгүҥҥү туругунан Уус Маайаҕа икки баһаары умулларыыга үлэ ыытыллар.  11 880 га иэннээх биир ойуур баһаара бохсулунна.

Уоту утары охсуһууга уопсайа
569 киһи үлэлиир.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0