Уоту уоран туһанааччылар ыстарааптаналлар

Бөлөххө киир:

«Сахаэнерго» АУо  кэлиҥҥи аҕыс ыйга электроэнергияны уоран туһаныы 150 түбэлтэтэ тахсыбыта бэлиэтэммитин иһитиннэрдэ. Хоромньу уопсай суумата   5 мөл. 395 тыһ. 335 солк. Ордук элбэх түбэлтэ Кэбээйи, Дьааҥы уонна Өлөөн улуустарыгар тахсыбыт.

Санатан эттэххэ, уот ситимнэригэр көҥүлэ суох уоран холбонооччулар 10 – 15 тыһ. солк., оттон тэрилтэ салайааччылара 30 – 80 тыһ. солк., юридическэй сирэйдэр 100 – 200 тыһ. солк. ыстарааптаныахтарын сөп.

edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0