УОТТААХ СҮРЭХ

Ааптар: 
18.08.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Куорат биир түҥкэтэх кытыы уулуссата. Тохсунньу томороон тымныыта үрүҥ туманынан бүрүнэн, субу аҕай тыынар тыыннааҕы тоҥорон кэбиһиэхтии тачыргыыр. Таһырдьа им-ньим, арай массыына биир кэм ыраахтан бирилиир тыаһа чугаһынан куорат баарын санатар. Ол эрэн манна ким да хаампат, сылдьыбат дии санаамаҥ. Уулусса саҕаланыытыгар баар Н. маҕаһыын күнүстэри-түүннэри үлэлиир. Киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн бу маҕаһыын аана сабыллыбат үлүгэрэ буолааччы. 

Ханнык да күнтэн уратыта суох биир киэһэ аҕам саас­таах киһи маҕаһыынтан хара бакыаттаах таҕыста. Тоҕо эрэ бүгүн куруутун аһар-сабар аана хаһааҥҥытааҕар да атыннык хааҕынаан кини санаатын сэрэхтээхтик таарый­да уонна лип гына сабылынна. Киһибит үтүлүгүн кэтээт уулусса устун аа-дьуо хааман истэ. Ол баран иһэн хараҕын кырыытынан эмискэ уот күлүмнээбитин көрөн аһарда уон­на өр-өтөр буолбакка туора көттө…

«Абаккабын даа!» диэн бүтэһигин санаан аһарардыы ис-иһиттэн имэҥирэн абатыйда, хараҕар уот чаҕылыс гын­на, этэ-сиинэ чэпчээн хаалла. Кыл түгэнигэр туох буол­бутун, ханна сытарын умна быһыытыйда. Аттыгар икки эр бэрдэ күлэн алларастыы туралларыттан өйүн булла. 

— Кырдьаҕыас, сэрэн эрэ. Ханна баран иһэргин көрүөххүн. Хата, тыыннаах эбиккин дии. Бу уол туормастаа­батаҕа буоллар, өссө ыраах көтүөх эбиккин. Чэ, давай, кыр­дьаҕас, суолгун аны көрө сырыт. Хата, массыынабыт туох да буолбатах, — диэт, тимир көлөтүгэр олороот, субуллар суол устун куйаарда турдулар. Кинилэр кэннилэриттэн өһөх хара буруо тумаҥҥа күдээрийдэ. 

Киһибит арыычча үчүгэйбин дии санаан, ту­раары үнүөхтээтэ. 

— Айкабын даа, туохха-туохха түбэстим! Массыынаҕа киирэн биэрдим дуу? Уолаттар тылластахтарын тугун сүрэй? Тыыннаах ордубуппар баһыыба. Аата, бу ким да суох буоллаҕа дуу? Айкыы, айка-айка… — ат буолан син турда эрээри этэ-сиинэ күүрбүтэ диэн сүрдээх, сап-салҕалас буолбут. Туран бакыаттаах аһын хомунна. Хата, туора быраҕан кэбиспит эбит. Онон киэһэ син аһыырдаах буол­лаҕ. Таҥаһын тэбэнэн, илиитин-атаҕын туппаҕа­лаан көрдө, барыта үчүгэй курдук. Хаар буолбут бэргэһэтин салҕаластыы-салҕаластыы тэбэнэн кэттэ. Тэҥнэһиэ дуо, уҥа-хаҥас көрүтэлээт, дьиэ­тин диэки дьөгдьөрүйэ турда. Өрүкүйбүт санаата уостан, аны куттаммыта баһыйда. 

— Оо, арай итиннэ өлөн хаалыым, бүтээхтиибин ээ, бу сордоох… Айаккабыын… — түөһүн хаҥас өттүн тутунна, тыына-быара кыараата, тыын ылан өрүтэ тыынаталаата, хараҕа ирим-дьирим барда, сирэ үөһэ-аллара ойуолаата, мэйиитэ эргийэн уйуттуммакка сууллан күр гынна. — Аҕыйах хардыы… дьиэбэр, дьиэбэр… — диэн саҥара сатаата да, бүтэҥи дорҕоонтон атын туох да иһиллибэтэ. Ити кэмҥэ ыарыыта хам ыллар ылан истэ. Устунан ханна эрэ тимирбиккэ дуу, түспүккэ дуу дылы буолла. Арааһа өйүн сүтэрдэ… 

Туораттан көрдөххө, уулусса кытыытыгар киһи сытар. Таһыгар хара бакыаттаах. Аттынан дьон син ааһар. Ол эрэн ким да кыһаллыбат. Көрө-көрө көрбөтөҕө буолаллар. ¥с кыыс хааман иһэр. Кинилэр көрөөйөллөр. Суох, «уой-аай» бөҕөтүн түһэрэн аастылар, дьалты буола сатаатылар. Киһибит өйүгэр кэллэ, төбөтүн өндөтөн көрдө. Ол көрдөҕүнэ кини диэки сырдык иһэр. Сырдык чугаһаатар чугаһыыр. Ити банаардаах эдэр ийэ биэс саастаах уолун уһуйаантан ылан тиэтэйэ-саарайа маҕаһыынтан тахсан дьиэлээн иһэрэ. 

— Ийээ, көрүүй, киһи сытар. Тоҕо сытарый? — кыра­чаан киһи ийэтиттэн туоһулаһар. 

— Билбэппин. Саҥарыма, тымныы, — ийэтэ буо­йар. 

— Утуйан хаалбыт быһыылаах. Туруорбаппыт дуо? 

— Кэбис, итирик буолуо. 

— Эһээ курдук дуо? 

— Кини курдук. 

— Мин эһээбин син биир туруоруом этэ. 

— Онтон ол эһэҥ буоллаҕа дии. Ити атын киһи. Кутталлаах киһи. 

— Тоҕо кутталлааҕый? 

— Туран баран «Киндергын» былдьыа. 

Кыра уолчаан хап-сабар илиитигэр бобуччу тута сылдьар «Киндер» сакалаатын сиэбигэр уктан кэбистэ. 

— «Киндербын» аны ылбаат, — ыраах соҕус кистээбит киһи быһыытынан сананна. — Сиэппэр угуннум. Ийээ, баран туруоруохха. 

— Суох, суох, һыллыай. Тоҥмутун биллэҕинэ бэйэтэ да туран барыа. Чаас ыраатта дии, дьиэбитигэр тиийэн аспытын астыахпыт, аҕабыт сотору кэлиэ дии, — эдэр ийэ уолун сиэтэн дьиэтин диэки хаамар. 

— Көр, аны ыттар кэллилэр. Сиэн кэбиһиэхтэрэ, кии­нэҕэ курдук, — уол уоскуйбат. 

— Ээ, хайдах киһини сиэхтэрэй? Киһи улахан дии. 

Бу кэмҥэ сур хара уонна муус маҥан өҥнөөх ыттар иҥсэлээхтик киһини тиҥсирийэн бардылар. Бакыаттан түспүт астары киэр хаһыйаат, килиэби булан сиэтилэр. Онтон аны сытар киһини сытырҕалаатылар. 

— Ийээ, ийээ, саатар ыттары үүртэлиэххэ. Ыстаары гыннылар дии, — уолчаан ыксаата, ийэтин сиэҕиттэн тардыалаата. 

— Чугаһаатахпытына бэйэбитин ыстыахтара, барыах. 

— Мин куттаммаппын ээ. 

Ийэ уолун сүгүннүө суох дии санаан уонна бэйэтэ да сытар киһини аһынан ыттары үүртэлээтилэр. 

Ийэлээх оҕо утуйа сытар киһилэрин быыһаабыт саҕа сананан киниэхэ чугаһаатылар. Киһи кыратык төбөтүн өндөтөн сүрэҕин тутунна, дорҕооно суохтук тугу эрэ этэ сатаата да туох да иһиллибэтэ, мээнэнэн көрдө. 

— Туох диирий, ийээ? 

— Тохтоо эрэ, — ийэ бакыаттарын сиргэ уурда уонна сытар киһиэхэ төҥкөйдө. 

Киһи эмиэ өйү сүтэрэн налыс гынна. Онуо­ха уталыппакка тымырын тутан көрдө, суумкатыттан суо­табай төлөпүөнүн ылан суһал көмөнү ыҥырда. Онтон төттөрү маҕаһыыҥҥа сүүрэн дьону ыҥыран киһилэрин сылааска киллэрдилэр. Атыыһыт кыыс соторутааҕыта бу киһи манна киирэн тахсыбытын, куруутун да сылдьарын кэп­сээн-ипсээн кутан-симэн барда, тугу атыылаһарын кытта аҕынна. Номнуо өлбүт киһини харыһыйарын курдук «үчүгэй киһи этэ» диэн түмүктээтэ. 

* * * 

Ити кэмтэн ыла син бириэмэ ааста. Таһырдьа саас. Айылҕа барахсан уһуктан тыыллаҥнаата, кэрэ сэбэрэтин уу ньууругар көрүнээри бэлэмнэннэ. Кыра уолчаан бас­таан утаа ити түгэни кэпсээн оҥосто сылдьан баран тохтоото. Биир үтүө күн эдэр ийэ уолунаан уһуйаантан кэлэн иһэн, үгэстэринэн буоларыныы, маҕаһыыннарыгар киирдилэр. Онно бу кыһын быыһаабыт киһилэрин көрсө түстүлэр. 

— Ийээ, көрүүй, көрүүй, бу кыһын ыттартан быыһаа­быппыт дии, кинини, — диэт, эмиэ ийэтин сонуттан тардыалаата. 

Киһи кинилэр диэки эргиллэ биэрдэ, өйдүү сатыырдыы сүүһүн хамсатта. Онуоха хап-сабар атыыһыт кыыс: «Мин өйдүүбүн ону. Бу кинилэр эйигин суолтан булан аҕалбыттара», — дии тоһуйда. 

Аҕам саастаах киһиэхэ ол күн киинэ лиэнтэтин курдук субуллан ааста, онтон ийэҕэ мээнэнэн көрбүт харахтар элэҥнээн аастылар. Кыра герой хараҕа чаҕылыҥнаан сүтэрбитин булбуттуу билбэт киһитин диэки төп-төгүрүгүнэн көрөн турда. 

— Геройдарым, быыһааччыларым, бу сылдьар эбиккит дии, — диэн күлүм аллайан иккиэннэрин биир-биир кууһан ылла. — Дьэ, кыра киһи тугу сиэххин баҕараҕын, эт. Махталым бэлиэтэ буолуо этэ. 

— «Киндер», — диэн уол кыбыстан иһиллэр-иһиллибэттик эттэ. 

— «Киндер» да буоллун. Таһырдьа бэрт ылааҥы күн. Манна, бадаҕа, чугас олороҕут быһыылаах дии, аргыс­таһыах, — диэн кырдьаҕас киһи кыра уолга сакалаатын туттарарын быыһыгар этэр. 

Ити курдук ийэлээх оҕо эһэлэригэр ханыылыы киһилиин кэпсэтэ-кэпсэтэ, таһырдьа тахсан аа-дьуо хаамыстылар. Уолчаан сакалаат ыллаттаран үөрүүтэ өссө үксээтэ. 

— Киһи сүрэҕэ бэрт чараас. Кыраны да билэр. Уот курдук. Өскөтүн, сүрэххин куруутун мууһунан хаарыйдахха, хаһан да умайыа суоҕа, оттон сылааһынан, сыр­дыгынан даҕайдахха, өрүүтүн уоттаах, кыым­наах буолуоҕа. Уонна онтукаҥ сылааһа бэйэҕин сылытарын таһынан, аттынааҕы дьоҥҥор күүс-көмө, тирэх буолуоҕа. Киһи хаһан баҕарар сылааска, сырдыкка тардыһар баҕа­йыта. Онон, доҕотто­руом, үµрэххит уоттаах буоллун, куруутун, — диэн арахсаары туран, аҕам саастаах киһи кэс тылын эттэ. 

Аграфена КУЗЬМИНА

“Бичик” кинигэ кыһатыгар 2015 с. бэчээттэнэн тахсыбыт “Киһи сүрэҕэ бэрт чараас” кинигэтиттэн ылылынна.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0