Уот тарыыбын намтатыы федеральнай киинтэн тутулуктаах

Бөлөххө киир:

Уһук Илин регионнарыгар уот тарыыба Россия орто көрдөрүүтүгэр тэҥнэһиитэ аҥардас улахан предприятиеларга үтүө эрэ өрүттэниэ суоҕун туһунан СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин исписэлиистэрэ этэллэр. Инникитин федеральнай киин предпринимателлэр уонна нэһилиэнньэ интэриэстэрин учуоттуур дьаһаллары ылыллыахтарын сөп.

Санатан эттэххэ, Судаарыстыбаннай Думаҕа «О внесении изменений в Федеральный закон «Об электроэнергетике» сокуон бастакы ааҕыыны ааһан, бу туһунан кэпсэтии саамай үгэнэ буолла. «Сокуон ылылыннаҕына, РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа тахсыахтаах. Ол эрэ кэнниттэн, тарыып чопчу төһө буолуохтааҕын туһунан кэпсэтиэхпит. Биллэрин курдук, тарыып лаппа намтыахтаах. Өскөтүн үрдүк күүрүүлээх ситимнэртэн уоту ылар промышленнай хампаанньалары хаарыйдаҕына, кинилэр «Якутскэнерго» АХ кэлиэхтэрэ диэн эрэл кыыма үөскүө. Оччотугар тарыып барыларыгар намтыан сөп», – диэн СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччыта Антонина Винокурова суруналыыстары кытары көрсүһүү кэмигэр иһитиннэрдэ.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0