Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Бүлүүлүүр суолга Чочур Мырааҥҥа тутулла турар кэтэһиилээх ГРЭС-2 тутуллан үлэҕэ киириитэ, энергетиктэр ороскуоттарыгар дьайыылааҕын туһунан СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова иһитиннэрдэ. Анивера Акимова,, edersaas.ru
Саха сирин саамай кырдьаҕас станциятын солбуйуохтаах 193 Мвт кыамталаах, 460 Гкал/ч сылааһы уонна сылга 1 440,407 мөл. кВтч электроэнергияны оҥорон таһаарар кыахтаах 2 №-дээх ГРЭС сабаҕалааһын быһыытынан, сыл иккис аҥарыгар үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Дьиҥэр, өссө былырыыҥҥыттан үлэлээн барыахтааҕа.
– Тарыыптар сылга биирдэ – от ыйын 1 күнүттэн уларыйаллар. ГРЭС-2 бу сыл ортотуттан үлэлиэхтээҕин учуоттаан туран, от ыйдааҕы тарыыптарга киллэрдибит. Тэрилтэлэр билигин былырыыҥҥы көрдөрүүнэн, ол аата 15% үрдээбитинэн төлүү олороллор. Онно ГРЭС-2 2017 сыллааҕы ороскуота номнуо ааҕыллыбыта. «Энергетика туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылар киирбэтэхтэрэ да буоллар, тэрилтэлэргэ сыл иккис аҥарыттан тарыып оннунан хаалыа этэ. Ааспыт сыл бүтүүтэ нэһилиэнньэҕэ уонна тэрилтэлэргэ тарыыптары бигэргэттибит. Тэрилтэлэргэ сыана үрдээбэт. Нэһилиэнньэ туһунан этэр буоллахха, Федеральнай антимонопольнай сулууспа тарыып үөһээҥҥи уонна алларааҥҥы кээмэйи олохтуур. Онон, нэһилиэнньэҕэ саамай алын көрдөрүүнү ылан, 3,8% диэри үрдүөҕэ, – диэн Антонина Винокурова быһаарда.
Былырыын от ыйыгар уот тарыыба нэһилиэнньэҕэ 7,5%, оттон тэрилтэлэргэ 15%-нан үрдээбитэ.
Анивера АКИМОВА, edersaas.ru