Уот төлөбүрэ тэрилтэлэргэ чэпчиэҕэ

Бөлөххө киир:

Уоту туһаныы иһин төлөбүрү аны билигин Арассыыйаны кытта тэҥнээннэр, юридическэй сирэйдэргэ сыана түһүө. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 220 кВ кыамталаах саҥа подстанцияны көрө сылдьан иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Тохсунньу 1 күнүттэн «Нерюнгритааҕы ГРЭС – Аллараа Кураанах – Томмот – Майа» 220 кВ күүрүүлээх энерготранзит өрөспүүбүлүкэҕэ үлэҕэ киирдэ. Онон арҕаа уонна киин энерго-оройуоннар Арассыыйа уоту биэрэр биир кэлим тиһилигэр киирдилэр. Ол түмүгэр юридическэй сирэйдэр уоту туһаналларын иһин Амурскай уобалас уонна Хабаровскай кыраай тарыыбын кытта тэҥи төлүөхтэрэ.

Айсен Николаев күн бүгүн уот төлөбүрүн судаарыстыба субсидиялыырын санатта, ол эрэн, маннык дьаһаныы инникитин нэһилиэнньэҕэ уонна улахан инвест-бырайыактарга эрэ хаалыаҕа. Кини хоту улуустарга Арассыыйа үрдүнэн биир тарыып эмиэ киирэрин ситиһэргэ РФ Экономикаҕа, Энергетикаҕа министиэристибэтин, итиэннэ Уһук Илин Бэрэсидьиэн бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутневы кытта кэпсэтии барыахтааҕын эттэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0