Уот төлөбүрэ 5% үрдүөҕэ

31.12.2019
Бөлөххө киир:

Үгэс быһыытынан, 2020 сыл от ыйын 1 күнүттэн ОДьКХ төлөбүрэ үрдүөҕэ. СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт бырабылыанньатын дьаһалынан 2020 сыл бастакы аҥаарыгар уот төлөбүрэ 2019 сыллаах тарыыбынан хаалыаҕа. Оттон сыл иккис аҥаарыгар тарыып 5% үрдүө суохтаах.

edersaas.ru

Нэһилиэнньэҕэ олохтонор уот харчытын төлөбүрүн Арассыыйа монополияны утары охсуһар сулууспата хонтуруоллуур. Холобур, куоракка гаастаах дьиэҕэ олорор ыал 1 кВтч 6,5 солкуобайы төлүөҕэ. Уоту туһаныыны суукка кэминэн ааҕар электросчетчиктаах ыал күнүскү тарыыптара 6 солкуобай 54 харчынан, түүҥҥү – 4 солкуобай 23 харчынан ааҕыллыаҕа.

Электрическай билиитэлээх дьон уоттарын 1 кВтч 4 солкуобай 55 харчынан ылыахтара, эбэтэр күнүскү тарыып 4 солкуобай 58 харчынан, түүҥҥү 2 солкуобай 96 харчынан олохтонуоҕа. Тыа сирин олохтоохторо уоттарын маннык тарыыбынан төлүөхтэрэ.

Бу туһунан сиһилии СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтин саайтыгар  https://gkcp.sakha.gov.ru/tarifnye-reshenija1 киирэн көрүөххүтүн сөп.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0