Уот төлөбүрүн Сбербаан-онлайн сыһыарыынан хайдах төлүүбүт?

Бөлөххө киир:

Энергосбыт нэһилиэнньэни кытта ыраахтан олорон, ол эбэтэр «дистанционно»  хайдах үлэлэһэрий диэн элбэхтэ ыйыталлар. Уоту, ититиини дьиэттэн тахсыбакка эрэ хайдах төлүөххэ сөбүй?

Мобильнай баан сыһыарыытын нөҥүө, холобур, Сбербаан-онлайн, хайдах төлүүллэрий?

  • Баан мобильнай сыһыарыытыгар «Төлөбүрдэр (эбэтэр өҥө төлөбүрдэрэ)» диэн баар. «ЖКХ» эбэтэр «Хомунаалынай төлөбүрдэр» диэни булаҕыт, «Якутскэнерго» диэн көрдөтөҕүт, онтон бэйэҕит сирэй суоккут нүөмэрин суруйаҕыт. Сирэй суот нүөмэрэ квитанцияҕытыгар баар буолар. Урукку ыйдар да квитанцияларын көрүөххүтүн сөп.

Юридическай сирэйдэр онлайн төлөбүрүнэн туһаныахтарын сөп дуо?

  • Сөп, юридическай сирэйдэр Сбербаан Бизнес Онлайн сыһыарыы нөҥүө ыраахтан олорон төлүөхтэрин сөп. Онуоха «Суот уонна төлөбүрдэр» диэн менюга киирэн, анал халыыбы толороллор. НДС ааҕыллыытын уонна ыстаапкатын суруйаллар. Онтон уһулар суоту уонна төлөөччү реквизитин талаллар. Ханнык тэрилтэҕэ ыыталларын («Якутскэнерго» ПАУо) уонна кини реквизиттарын суруйаллар. Төлөбүр туохха ананарын, уот төлөбүрүн суотугар баар дуогабар нүөмэрин суруйаллар.

edersaas.ru

Хаартыска интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0