Уот ситимин эбийиэктэрин хонтуруолга ыллылар

Бөлөххө киир:

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников уот ситимин хонтуруоллуурга суһал ыстаап мунньаҕын ыытта.

Санатан эттэххэ, Урал, Сибиир эрэгийиэннэригэр ыам ыйын саҥата күүстээх тыал түһэн улахан баһаардар турбуттара. Баһаардар барбыт сүрүн биричиинэлэрин уот ситимиттэн диэн быһаараллар. Онон бу күннэргэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрэгийиэннэр салайааччыларын кытары улахан мунньах ыыппыта. Онно кини эрэгийиэннэргэ туһаайан ойуур баһаарын таһынан ходуһаларга, аһаҕас сирдэргэ тахсыбыт баһаардарга болҕомтону уурарга эппитэ.

Дмитрий Садовников бэлиэтииринэн, билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн халаан уутугар, ону сэргэ баһаартан сэрэхтээх буолууга үлэ бара турар.

– Ыаллыы олорор эрэгийиэннэрбитигэр үгүс эбийиэк, олорор дьиэ баһаарга эмсэҕэлээтэ. Хомойуох иһин, уокка дьоннор былдьаннылар. Чинчийэн көрүү түмүгэр, баһаардар сүрүннээн уот ситимигэр боруобаттар хатыйсыыларын түмүгэр тахсыбыттара быһаарылынна. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ күүстээх тыаллар түһээри тураллар. Онон сибээстээн биһиги бу боппуруостары көрүөхпүтүн, болҕомтоҕо ылыахпытын наада, – диэн иһитиннэрдэ кини ыстаап мунньаҕар.

Мунньахха “Якутскэнерго”, “Сахаэнерго” тэрилтэлэр, Дьокуускайдааҕы уонна Нерюнгритааҕы уот ситимнэрин хампаанньалара үлэлэрин туһунан дакылаат оҥордулар. Мунньах түмүгүнэн күүстээх тыал (сөкүүндэҕэ 15 миэтэрэттэн үөһээ буоллаҕына) түһэр түгэнигэр уоту биэрэр хампаанньалар нэһилиэнньэлээх пууннарга кылгас кэмҥэ уоту араарыахтара. Бу дьаһал ыытыллар түгэнигэр нэһилиэнньэни эрдэттэн сэрэтиэхтэрэ. Итини таһынан Дмитрий Садовников уот ситимигэр үлэлиир тэрилтэлэр саахал тахсар түгэнигэр бары өттүнэн бэлэм буолуохтаахтарын, уот ситимин эбийиэктэрин барытын, ол иһигэр хаһаайына биллибэт уот ситимнэрин, хонтуруолга тута сылдьарга эттэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0