Саҥа сылга үктэнэн, олохтон туох эрэ сонуну, үчүгэйи, үөрүүлээҕи эрэнэ күүтэн, халлаанынан дайа сылдьыбыппыт иһин, уоруйахтар «утуйбаттарын» умнумуохпутун наада этэ. Бу бырааһынньыктааҕы уһун сынньалаҥ кэмигэр полиция оперативниктара туох уоруулары арыйдылар?
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Жатайга. Тохсунньу 3 күнүгэр полицияҕа биир дьахтар 30 тыһ. солк. суумалаах ювелирнай оҥоһуктара сүппүттэрин туһунан тыллаабыт. Полицейскайдар уоруу тахсыбыт сиригэр тиийэн быһаарбыттара — ити иннинээҕи күн хаһаайка оскуолаҕа үөрэнэр кыыһа доҕотторун мунньан, дьиэтигэр бырааһынньык тэрийбит эбит. Кыыс туохха эрэ аралдьыйбыт кэмигэр, биир уол туумбаттан икки кыһыл көмүс сыабы уонна браслеты сойбоппут. Олору 16 тыһ. солк. ломбарга батарбыт. Бу урут сууттамматах 16 саастаах уорбаланааччыны туппуттар.
Дьокуускайга. Сороҕор киһи сонньуйар уоруулара эмиэ тахсааччылар. Холобура, киин куорат биир ресторанын таһыттан киэргэтэ турбут харыйаны уорбуттар. Ол оройуон участковай боломуочунайа аттынааҕы дьиэлэр кыбартыыраларын кэрийэн, оперативниктары кытта уорууга уорбаланааччыны туппуттар. Амурскай уобаластан төрүттээх, урут эмиэ уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт 38 саастаах киһи эбит. Харыйаны атыылаан харчыланыан санаабыт да, онто туолбатах.
Нерюнгрига. Интернет ситимигэр билсиһии сороҕор хобдох түмүктэниэн сөп. Биир соҕотох дьахтар оннук билсиһэн, өйө баайыллан, билбэт киһитигэр баанын каартатын реквизиттэрин кытары этэн биэрбит. Дьахтар төлөпүөнүгэр «мобильнай баан» өҥөтө холбоно сылдьарынан, «кавалера» 6 тыһ. тахса харчытын уорбут.
Киин куорат таһынааҕы биир бөһүөлэк олохтооҕо полицияҕа тыллаабытынан, кини уопсай дьиэҕэ хоһуттан 40 тыһ. солк. харчытын Саҥа дьыл саҕана уорбуттар. Инньэ гынан, бу киһи ыйдааҕы хамнаһыттан ытыһын соттубут. Оперативниктар уоруу тахсыбыт сиригэр тиийэн быһаарбыттара — хос аана алдьамматах, ол эбэтэр, уоруйах бу уопсай дьиэҕэ олорооччулар ортолоругар баар. Уорбаланааччы, ити фермаҕа үлэлиир Эдьигээнтэн төрүттээх 34 саастаах киһи буруйун билиммит. Харчыны барытын бараабыт.
Орто Халымаҕа. Эмиэ «мобильнай баан» нөҥүө уоруу тахсыбыт. Биир нэһилиэк олохтооҕо улуус киинигэр киирэн, табаарыһыгар ыалдьыттаан баран, суотабай төлөпүөнүн онно хаалларан кэбиспит. 29 саастаах дьиэлээх хаһаайын атаһыгар төлөпүөнүн төннөрүөн оннугар, «мобильнай баанын» арыйан, счетугар баар харчытын барытын аймахтарыгар түҥэтэн ыыталаабыт.
Дьокуускайга. Эмиэ бииргэ бырааһынньыктааһын түмүгэр уоруу тахсыбыт. Биир дьахтар кыбартыыратыттан мутон сонун уоран барбыттар. Уорбаланааччы быһыытынан, бииргэ бырааһынньыктаспыт 44 саастаах дьахтар тутуллубут. Дьиэлээх хаһаайка итирэн хаалан, тугу да өйдөөбөт буолбутунан туһанан, уоруйах дьахтар ол сону ылан барбыт.
Ленскэйгэ. Итиниэхэ маарынныыр түбэлтэ. Хампаанньа мустан бырааһынньыктаабыт. Ыалдьыттар тарҕаспыттарын кэнниттэн, Читаттан төрүттээх 40 саастаах киһи хаалан, хаһаайканы кытта салгыы арыгы иһиспит. Дьахтар утуйбутун кэнниттэн, кини 6500 солк. сыаналаах пылесоһун уоран, 1 тыһ. батарбыт уонна онон арыгы ылыммыт.
Нерюнгрига. Чульман бөһүөлэгин 43 саастаах олохтооҕо полицияҕа сайабылыанньа суруйбут — кини ыраах айантан дьиэтигэр кэлбитэ, аана алдьаммыт уонна туох баар миэбэлэ, бытовой техниката суох үһү. 600 тыһ. солк. суумалаах хоромньу оҥоһуллубут. Полиция оперативниктара суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэмнэригэр 26 уонна 28 саастаах уорбаланааччылары туппуттар. Иккиэн Нерюнгри куорат олохтоохторо, биирдэстэрэ урут уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт. Бу уолаттар ити дьиэҕэ өрөмүөн оҥоро сылдьыбыттар, ол кэмҥэ бу дьиэ саахалланар туруктааҕын, олохтоохтор үгүстэрэ көспүттэрин билбиттэр. Уонна көһө илик ыаллар дьиэлэригэр суохтарынан туһанан, уорарга санаммыттар: биир кыбартыыра аанын күлүүһүн өтүбүөркэнэн, иккискэ пуортачканы алдьатан киирэн, иһиттэн-хомуостан саҕалаан, дьыбааныгар, саатыгар тиийэ барытын уоран, дьиэлэригэр үс-түөрт күн устата таспыттар, тэҥҥэ үллэстибиттэр.
Дьокуускайга. Үөһэ этиллибит чахчылары таһынан, киин куоракка өссө маннык уоруулары арыйдылар: Феликс Кон уулуссатыгар турар дьиэ таһыттан «Ниссан» массына 13 тыһ. солк. сыаналаах сылаас бүрүөһүнүн — уорбаланааччылар — Орто Халыматтан төрүттээх 28 уонна 26 саастаах, урут сууттана сылдьыбыт дьон; интернет-кииҥҥэ биир уол үрүссээгин уорбуттар (16 тыһ. солк. суумалаах хорумньу оҥоһуллубут) — уорбаланааччы — 18 саастаах уол — үрүссээги кини таһырдьа тахсыбыт кэмигэр сойбоппут. Онно суотабай төлөпүөн уонна да атын сыаналаах маллар баалларын, 9 тыһ. солк. батарбыт; «Белое озеро» оройуонугар түүн биир киһи гарааһын аанын алдьатан киирэн, аана хатамматах «Тойота Фан Карго» массыынатыттан 8 тыһ. солк. харчыны уорбуттар — 15 саастаах уорбаланааччы хаста да уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт; парикмахерскайга үлэлиир биир киһиттэн 17 тыһ.солк. уорбуттар — 31 саастаах уорбаланааччыны — хаайыыттан икки нэдиэлэ эрэ анараа өттүгэр босхолонон тахсыбыт киһини, ити парикмахерскайга саҥа билсибит дьахтара илдьэ кэлбит, билсиһии бэлиэтигэр арыгы испиттэр, парикмахер итирэн утуйан хаалбыт, дьахтар таһырдьа табаахтыы тахсыбыт, ол кэмҥэ уоруйах туттуммахтаан хаалбыт.
Тааттаҕа. Уоруйаҕы суукка иһинэн туттулар. Дьыала маннык буолбут: 58 саастаах киһиэхэ 49 саастаах ыала киһи ыалдьыттыы кэлбит, кинини дьиэлээх хаһаайын балыгынан күндүлүөх буолан, сайыҥҥы дьиэҕэ бииргэ тахсыбыттар, ыалдьыт онно хаһаас эт элбэҕин, ааннара хатамматын өйдөөн көрбүт. Уонна кэлин ыаллара дьиэлэригэр суохтарынан туһанан, 25 киилэ убаһа этин уоран барбыт, барытын түргэнник батарбыт.
Горнайга. Эмиэ итиниэхэ маарынныыр түбэлтэ: биир оҕонньорго ыала киһи ыалдьыттыы киирэн баран, хаһаайын атын хоско сылдьарын көрөн, ону-маны хасыһан, хомуот ыскаатарын анныттан 30 тыһ. солк. булан, саҥата-иҥэтэ суох тахсан барбыт уонна онон арыгы атыыласпыт. Оперативниктар бу уорууну эмиэ суукка иһинэн арыйбыттар —42 саастаах уорбаланааччы урут эмиэ уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт эбит.
Бүлүүгэ. Балыыһаттан 12 тыһ. солк. сыаналаах суотабай төлөпүөнү уорбуттар. 46 саастаах уорбаланааччы балыыһаҕа сытар ойоҕор кэлэн баран, балаатаҕа ким да суоҕунан туһанан, туумбаҕа сытар төлөпүөнү ылааччы буолбут.
Мирнэйгэ. Биир дьахтар 29 саастаах урукку кийиитэ кини счетуттан 50 тыһ. солк. харчытын «личный кабинет» нөҥүө 15 күн устатыгар кыра-кыралаан устан, арыгы атыылаһа сылдьыбыт.
Уус Алдаҥҥа. Биир киһи дьиэтин хоспоҕуттан түүн 15 тыһ. солк. сыаналаах электроинструменнарын уорбуттар. Уорбаланааччы тутуллубут — урут уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт 47 саастаах киһи.
Бу чахчыларынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыалалар тэрилиннилэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1