Уоруйах билиниитэ (КЭПСЭЭН)

Ааптар:  Виталий СЛЕПЦОВ
18.10.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Силиэдэбэтэл кэпсиир

Идэ идэттэн атыннааҕын курдук, уоруйахтар эмиэ бэйэ-бэйэлэриттэн тус-туспа буолаллар. «Үлэлиир» ньымаларынан, албастарынан «щипачтар» (хармаанньыттар), «домушниктар» (дьиэттэн уорааччылар), «барсеточниктар» (массыына салонын иһиттэн сойботооччулар), «майданниктар» (буойаска уорааччылар), «медвежатниктар» (сейфэлэри, анал тимир ыскааптары арыйааччылар), «ювелирдар» (күндү тааһы, көмүһү кыбааччылар) диэннэргэ уонна араас аферистарга, массыанньыктарга арахсаллар.

«Щипач» диэн дьон хармааныттан, сиэбиттэн эбэтэр тута сылдьар суумкатыттан харчыны, докумуону уонна да атын сыаналаах малы-салы биллэрбэккэ ылар дьону ааттыыллар. Уоруу бу албаһа былыргы үйэлэртэн үөдүйбүт. Хармаанньыттар биирдиилээн эбэтэр иккиэ-үһүө буолан «үлэлииллэр», сороҕор бөлөҕүнэн сылдьаллар. «Үлэлэрин» чэпчэтэр сыалтан араас сэби-сэбиргэли булуналлар. Холобур, сиэби хайа быһарга скальпеллары илдьэ сылдьаллар эбэтэр тимир харчы кытыытын дэлби сытыылаан бириитибэ оҥостоллор, тугу эмит хам туттаран ыларга кыра пинцеттэри тутталлар.

Киһи майгытын-сигилитин, уйулҕатын туругун үчүгэйдик билэр уонна ону табыгастаахтык туһанар идэлээхтэр. Ордук элбэх киһи мустар-тоҕуоруһар, аалсар-анньыһар сиригэр: ырыынактарга, баксаалларга, маҕаһыыннарга, оптуобуска, улахан уочараттарга тиийэ сатыыллар. Дьон болҕомтотун тарпакка кыһаллаллар, көннөрү атыылаһааччы, дьаарбайа сылдьар эбэтэр ааһан иһэр киһи эбэтэр туох эмит тырааныспары күүтэ турар курдук кубулунар үгэстээхтэр.

«Идэлэрин» баһылаабыт буоланнар, кинилэри тутан эппиэккэ тардар судургута суох. Уорар кэмигэр илиититтэн харбыы эбэтэр видео-киинэҕэ уста иликкинэ, «туттум» диэн санаммаккын. Сойбоппут малын эбэтэр харчытын ыһыктан кэбистэ да, холуобунай эппиэтинэстэн куотар аакка барыан сөп, туох да буруйа суоҕун туһунан дьэ, сатаан саҥарыа. Ол да буоллар, син тутуллан, суут-сокуон иннигэр эппиэккэ тардыллыбыттара баар буолар. Оттон уоруу тахсыбыт сиригэр халбаҥнаабат чиэһинэй туоһулар, видеонан устуу эбэтэр чугас полиция үлэһиттэрэ баар буоллахтарына, хармаанньыты харытыттан харбыыр дөбөҥ.

1990-с сыллар саҥаларыгар биир оннук уоруйах тутуллубута. Мин дьыаланы сиһилии билсэн бараммын, ол уоруйаҕы кытары сирэй көрсөн кэпсэтэргэ быһаарыммытым.

Сэбиэскэй Сойуус биир өрөспүүбүлүкэтигэр, билигин Россияттан арахсан тутулуга суох судаарыстыба буолбут дойдуга төрөөбүт киһи буолан биэрдэ. Урут хаста да сууттана сылдьыбыт, сааһын тухары ханна да түптээн үлэлээбэтэх, наар сиртэн сиргэ көһө сылдьан («гастроллаан») уоруунан дьарыктаммыт. Дьон сиэбиттэн, суумкатыттан харчыны уонна сыаналаах малы уорар идэтийбит хармаанньыт, бэйэтин үчүгэй «профессионал» быһыытынан сыаналанар эрдьигэн буолан биэрдэ.

— Босхоломмутум сылын туола илик да буоллар, үгүс сиринэн сырыттым. Уонна бу «Бермут үс муннугар» кэлэммин чаардаан хааллым, — диир.

Ити «Бермут үс муннуга» диэн Иркутскай, Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар икки ардынааҕы түбэни ааттыыр эбит. Бу эргин үгүстүк тиэстэр, соҕотоҕун сылдьан «үлэлиирин» ордорор үһү. Туох иһин буруйданарын билэр, билинэр уонна ону соччо улахаҥҥа уурбат курдук туттар-хаптар. Сэһэргэһиибит сыыйа хаһан, ханна уонна хайдах быһыылаахтык уорбутугар иэҕилиннэ, ону сиһилии, сороҕор туустаан-тумалаан кэпсээтэ. Үгэс курдук, уоруйахтар ортолоругар устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, кэпсэтинньэҥ киһи элбэх буолар. Кэлин уһугар букатын да уутугар-хаатыгар киирэн, үлүһүйэн туран олоҕун-дьаһаҕын аһаҕастык барытын ууран биэрдэ. Мин да киниттэн элбэҕи истэ-билэ сатаатым.

– Босхоломмутум уон биир эрэ ый буолла, — диэн кэпсээтэ. – Бу кэм устата арааһа сүүһүнэн киһи хармааныгар киирэн таҕыстым быһыылаах, дьиҥинэн ону отой ааҕааччым суох. Дьон олус дьалаҕай буолла, урукку курдук буолбатахтар, сэрэхтэрин сүтэрдилэр. Ол биһиэхэ халлаантан түспүт бэлэх кэриэтэ. «Бермут үс муннугар» ордук Дьокуускай куорат халыҥ көһүлүөктээх дьонунан баай эбит. Онно саамай табыллыбыт «булдум» (нууччалыыта: «улов») 40-тан тахса тыһыынча солкуобайы аҕалан турар.

Бу Нерюнгрига сүрүннээн уулуссаҕа, болуоссакка туран эргинэр кэммэрсээннэр малларын, табылыннаҕына, харчылаах суумкаларын «бултаһабын». Хайдах диигит дуу? Үгэс курдук, атыы барар сиригэр күнүс эбиэт кэнниттэн тиийэбин. Маҥнай уопсай балаһыанньаны билсэбин, хантан ас тахсыан сөбүн сибикилиибин.

Биирдэ кэргэнниилэр, дьахтардаах эр киһи, микрооптуобуһунан араас сыаналаах маллары аҕалан атыылыы туралларын көрдүм. Чугаһаабытым арай доҕоор, харчыларын угар суумкалара массыына иһигэр, аһаҕас аантан чугас соҕус сытар! Миигин эрэ көһүтэр курдук. Хаста да чугаһаан бараммын сатаан ылбатым, тоҕоостоох түгэн көстүбэтэ. Бүтэһикпэр эр хааммын ылынан, дьэ сорунуох курдук буолан эрдэхпинэ, биир биэнсийэлээх иллэҥ оҕонньор, атыылааччыларга туох да сыһыана суох киһи, туох абааһыта имнэммитэ буолла, хаһыытаан дэлбэрийбэт дуо?!

— Суумкаҕыт тоҕо маннык аантан чугас сытарый, хайа, киһи ылан бараарай?

Онуоха атыылааччы дьахтар тибигирэйэн кэлэн, ол сордоох суумканы массыына иһигэр ыраах кыыратан кэбистэ. Силбин эрэ быһа ыйыстан хааллым. Ити кэнниттэн хас да түүнү быһа кыайан утуйбатаҕым, наар табаахтаан тахсыбытым.

Маннык кэпсээннээх «уйан» хармаанньыт тугу оҥорбута барыта ыһаайын бэскитигэр ууруллубута. Алта сыл кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа барбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
4
+1
0