СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, спорт тэрилтэлэрин дьиэлэригэр уоруу хам-түм тахсар. Онно, сүрүннээн, эмсэҕэлээччилэр бэйэлэрэ болҕомтолоро суоҕуттан, көтүмэхтэриттэн киирэн биэрэллэр — суумкаларын, атын да малларын аһаҕас сиргэ хаалларан кэбиһэллэр.
Ол курдук, Дьокуускай куорат полициятын 2 №-дээх отделыгар биир күн иһигэр икки сайабылыанньа киирбит. 34 саастаах киһи тренажернай саалаҕа дьарыктанан баран, суунар тээбириннэрин ылан, дуустана барбыт. Маныаха сыгынньахтаммыт ыскаабын аанын хатаабатах. Ол түмүгэр, 27 тыһ. солк. сыаналаах суотабай төлөпүөнүн уордарбыт.
Иккис түбэлтэ сөтүөлүүр бассейнҥа буолбут. Манна 28 саастаах киһи эмиэ ыскаапка малларын хаалларан барбыт, кэлбитэ — 75 тыһ. солк. сыаналаах кыһыл көмүс сыабын уоран барбыттар.
Бу чахчыларынан «Уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыалалар тэриллибиттэр.
Полиция сүбэлиир: спорт тэрилтэлэригэр дьарыктана бараргытыгар, сыаналаах малларгытын ылымаҥ эбэтэр илдьэ сылдьар буоллаххытына, үчүгэйдик көрүҥ-истиҥ.
Бу түбэлтэлэртэн сылтаан маныаха маарынныыр биир дьыаланы санаан кэллим. Ол туһунан сайтпытыгар былырыын саас, 2017 сыл муус устар 13 күнүгэр, «Кэрийэ сылдьан, сылы быһа уорбут» диэн матырыйаалбар суруйбутум.
Санатар буоллахха, быр-бааччы олохтоох толору дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт 17 саастаах оҕо сыл устатыгар уоруунан дьарыктаммыт. 2015 сыл сэтинньи ыйын 23 күнүттэн 2016 сыл сэтинньи 4 күнүгэр диэри кэм иһигэр Манчаары Баһылай аатынан «Модун» спорт национальнай көрүҥнэрин киинин, «Олимп» спортивнай-чэбдигирдэр кулууп, «ProFit», «Sta-Fit Gym», «Statika», «Fresh» фитнес-кииннэрин, «Спартак», «KACHOK GYM», «Athlete» тренажернай саалаларын, «Эллэй Боотур» спортивнай комплекс, «Мыльня», «Дядя Баня», Сайсары уонна Аппа Уҥуор баанньыктарын, «Чолбон» бассейнын сыгынньахтанар сирдэригэр 20 уорууну таһаарбыт.
Дьон сыгынньахтанар сиргэ кабинкаларын аанын саппакка хаалбытынан туһанар эбэтэр бэйэтэ сөп түбэһэр күлүүһүнэн аһан уорар эбит. Харчылаах портмонеттан саҕалаан, суотабай төлөпүөнүгэр, таҥаска тиийэ.
Уоруйах дьайыыларыттан барыта 22 киһи эмсэҕэлээбитэ, хоромньу уопсай суумата 527 тыһ. солк. тахсыбыт этэ.
Урут да уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт уолга эдэрин, буруйун толору билинэрин, үөрэнэр сириттэн үчүгэй характеристикалааҕын, биир буруйун бэйэтэ билинэн кэлбитин учуоттаан, суут 4 сыл 6 ыйга усулуобунай миэрэни анаабыта.
Баҕар, бу уоруйах урукку суолун тутуһан, кини уора сылдьара буолаарай?
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.