УОРДААХ (ҮҺҮЙЭЭН)

Ааптар: 
26.04.2018
Бөлөххө киир:
— Уу-уу, тоҕо сүрэй! Халлааммыт! — саҥа аллайбытынан Мургун Ньукуус, таһырдьа ытыллар тыалтан куоппуттуу, сүр түргэнник балаҕанын аанын саба тардан иһирдьэ дьырас гына түстэ, аан аһылларыгар таһырдьаттан үтүрүйсэн киирбит салгын сабылларыгар, балаҕан иһигэр баппакка, оһох ураатынан төттөрү таһырдьа таласта, ол онтон көмүлүөк иһигэр оргууй умайа турбут хардаҕастар кыымынан ыһыахтанан үөрэн бычыгырастылар, сандаарыс гынан балаҕан иһин сырдыгынан толордулар.
— Тыал да тыал, дьиҥнээх буурҕа! Иирбит курдук! Ойуун төрөөтө дуу? Өллө дуу? — айылҕа тэбиэһирэр күүһэ Ньукууска эмиэ бэриллэн омуннурда, күө-дьаа буолла.
— Бу да киһи тылын, мээнэ-мээнэ, аны истэллэрэ буолуо, сөбүлүөхтэрэ суоҕа, айылҕа уларыйар кэмигэр бэйэтэ булкуллар буоллаҕа… — кэргэнэ Наҕыл Аана үс атахтаах, киһи хараҕа быраҕыллар сиэдэрэй оҥоһуулаах сандалытын үрдүттэн ииһин хомуйа туран налыччы куолаһынан киһитин буойда.
— Эмээхсиэн, дьон эрэ тыллаһар тыла буолбаат, — Ньукуус, буойуллан дуу, кэргэнин налыччы саҥатыттан дуу, өрүкүйбүтэ ааһа быһыытыйан, мүчүк гынан мичээрдээн ыла, буруйа суоҕун быһаарса турда. — Уонна төрүүргэ-өлөргө туох да аньыыта суох, оҥоһуу-ыйаах буоллаҕа, онон, истибиттэрин да иһин, буруйдуур кыахтара суох.
— Ньукуус, чэ, ити хааллын, аһыахпыт, күөскүн илдьэ кэлээр, — Аана таҥаһын ыйыы турар оҕонньорун соруйда.
Ньукуустаах Аана күрэҥсийэн эрэр баттахтаах, сааһыра барбыт дьон. «Оҕонньор», «эмээхсин» дэспиттэрэ ыраатта, оҕонньор-эмээхсин буолар туһунан санаабакка да сылдьан, итинник ыҥырсаллара бэйэ икки  ардыгар ордук истиҥ уонна кэргэннии буолалларын чиҥэтэн биэрэр туоһу курдуга.
Ньукуус, турбут-олорбут, кэлбит-барбыт, түргэн туттуулаах эр бэрдэ сааһыран эрэр. Майгытынан тутта-хапта сылдьарын курдук ыллам-дьэллэм, кыраттан да сүргэтэ көтөҕүллэн күө-дьаа кэпсэтэн, оҕону кытта оҕо,оҕонньору кытта оҕонньор буолар, кыыһыра-тымта сылдьыбат, санаабытын барытын таһыгар таһаарар аһаҕас майгылаах. Үлэҕэ-хамнаска кыайыгас, «сатаммат, алдьанна-кээһэннэ» диэн санаата түһэн тохтоон туран хаалбат, төттөрүтүн, дьэ, тугу эрэ толкуйдаан-тобулан, ууран-тутан оҥорбута, кыһалҕаттан тахсыбыта баар
буолар. Мургун диэн аатын Ньукуус оҕо эрдэҕиттэн илдьэ сылдьар, кыра эрдэҕиттэн, аҕатын батыһан, сайын балыкка туулаһара, күһүнүн куобахха тэптиргэ иитиһэрэ.
Уонугар бэйэтэ туу көрөр, дьиэ чугаһыгар аҕатын тэптиргэлэрин бэрийэр буолбута. Ол күһүн, муҥха саҕана, аҕатын кытта балыкка сылдьыһаары, олоҥхоһут, сэһэнньит, «сир түннүгэ» аатырар Ырыа Дьаакып диэн оҕонньор хас да хонуктаабыта. Биир киэһэ муҥхалаан кэлэн, балыктарын дьаһайан балаҕаҥҥа киирбиттэрэ, уоллара Ньукуус уот кыһыл саһылы көтөҕөн утары көрсүбүтэ, аҕата аах ону көрөн муҥура суох үөрүү-көтүү буолбуттара, оһох уотун күөдьүппүттэрэ, ол кэннэ Ырыа Дьаакып кырдьаҕас уот иннигэр сөһүргэстээн олорон, Эһэкээҥҥэ махтанан аал уотун, сирин-дойдутун, алаһа дьиэлэрин иччилэрин үөрүүгэ кыттыһыннаран айах туппута, кэлэр да өттүгэр уолларын умнубакка илии тутуурдуу, өттүк харалыы сылдьалларыгар көрдөспүтэ. Онтон Дьаакып кырдьаҕас, аал уотун инниттэн туран, олох маска олорбута, Ньукууһу ыҥыран ылбыта, утары турар уолчааҥҥа хаҥас илиитин уҥа санныгар уурбута уонна Ньукуус «улуу булчут» буоларыгар алҕаан тойук туойбута. Балыксыт Ньукулай балаҕаныгар дьоро киэһэ үүммүтэ, ырыа-тойук, сэһэн-тэппэн сөҕүрүйбэтэҕэ,
хойукка диэри оһох ураатыттан үөрбүт-көппүт кыымнар сулустаах халлааҥҥа дьулуспуттара. Бүтэһиккэ, Ырыа Дьаакып кырдьаҕас Ньукуус дьонугар туһаайан: «Оҕоҕутун харыстааҥ, кэнэҕэһин кэнэҕэс уол оҕо мургуна буолуоҕа», — диэбитэ.
Дьэ, онтон ыла Мургун Ньукуус аатыра сылдьар уонна ол аатын толору толуйар, мээнэ киһи тэҥҥэ сылдьыспат киэҥ ыырдаах сорсуннаах булчут, чахчы, уол оҕо мургуна.
Аана, Ньукууска холоотоххо, налыччы туттуулааҕа, ханна да ыксаан өрүкүйбэтэ, лоп бааччы саҥалааҕа, дьоно үөрэн-көтөн суугунаһан киирдэхтэринэ минньигэс-минньигэстик
мичээрдээн, алаас-сыһыы намчы хатыҥыныы уоскулаҥынан угуттуу,  тапталынан сыдьаайа наскылдьыйа көрсөрө. Аана оҕо эрдэҕиттэн көрсүө, кимиэхэ да иирбэ-таарба буолбакка, бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьар, чөкө олорон оонньуур майгылааҕа. Туоһунан, таҥас кырадаһынынан араас оонньуурдары оҥорорун сөбүлүүрэ, онтукалара, туохха майгыннаппытынан, үүт-үкчү буолара, ханнык да оҕону тардаллара, ымсыырдаллара. Айылҕаттан бэриллибит дьоҕура бэйэтин кытта улаатан-сайдан испитэ, кыптыыйы-иннэни сатаан тутар буолуоҕуттан
кырыйар, иистэнэр буолбута. Билигин чугас эргин суох тупсаҕай, сиэдэрэй, киһи көрө ымсыырар кэрэ оҥоһуктаах иистэнньэҥ бэрдэ. Сүктэр кыыс, кэргэн кэпсэтэр уол таҥастарын, онтон да атын мааныга кэтиллэр таҥас арааһын торҕоттон, тирииттэн, түүлээхтэн баай даҕаны, дьадаҥы даҕаны дьон ыраахтан-чугастан үлэһэн тиктэрэллэр. Кыһын буоллун, сайын буоллун, Аана хаһан да ииһэ суох буолбат. Ньукуус бултаабыт булдуттан түүлээҕин, тириитин таҥастаан таҥас эгэлгэтин, ону ааһан, араас өҥнөөх тириилэри ойуулуу кыбытан,  көрүөхтэн кэрэ бэйэлээх тэллэхтэри, олбохтору тигэн мэнэйдэһэр.
Бэйэлэрэ сүөһүлэрэ суох буолан, хамнаһын үксүгэр үрүҥ аһынан, арыынан ылар. Аана көрдөххө наҕыл, бытаан курдук эрээри, үлэтин барытын кэмигэр бүтэрбит-оһорбут, ситэрбит буолар. Ньукуустаах Аана төрөппүттэрэ доҕордуу, мэлдьи бэйэ-бэйэлэригэр ыалдьыттаһар, көмөлөсүһэр этилэр, инньэ гынан, оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн бииргэ оонньоон улааппыттара. Сүүрбүт-көппүт, элбэх саҥалаах уолчаан лоп бааччы тыллаах-өстөөх, нарын-намчы, дьоһуннук туттубут кыыс таһыгар кэллэ да, дуоспуруннанан, кыыс тугу эппитин толорон налыччы оонньоһон барара, дьоно ону көрөн сөҕөн эрэ кэбиһэллэрэ. Улаатан истэхтэрин аайы, бэйэ-бэйэлэригэр тардыһыылара күүһүрэн, кэнникинэн ыраас таптал
иэйиитигэр кубулуйбута. Саастарын ситээттэрин кытта, баҕаларын толорон, төрөппүттэрэ үөрэ-көтө холбооттообуттара. Онтон ыла ыал буолан биир тылы киҥир-хаҥыр  аҥарсыбакка, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, ыарахан кэмнэргэ санааларын түһэрбэккэ, ыраас тапталларын харыстаан, ханан да хараардыбакка, кыыстаах уол оҕону төрөтөн, ыал гынаттаан, эһээ-эбээ аатыран, ыалдьыт сылдьыбатах, хоноһо хоммотох күнэ ахсааннаах ыал мааныта буолан уһун буруону унаардан, үүнэр күнү үөрэ көрсөн дьоһун саастарыгар тиийэн олороллор.
Сарсыарда Аана, урут туран, таһырдьа тахсан киирдэ.
— Оҕонньоор! Тур! Халлаан суһуктуйан эрэр… — тас таҥаһын устан ыйаата уонна уонна оттоору оһоҕун диэки хаамта.
— Тыалбыт астыбыт дуу? Сиксийэн да биэрдэ.  Дьэ, кытаанахтык утуйбуппун, эн тураргын билбэтим ээ, киирбиккэр биирдэ уһугуннум… — Ньукуус хап-сабар суорҕанын тиэрэ быраҕан, оронугар олорон таҥныбытынан барда.
— Уурайан, ып-ыраас хаар түспүт уонна, ханнык да ойуун буолбакка, ытыҥ Чээкэ төрөөбүт быһыылаах, ыҥыран көрдүм да уйатыттан тахсыбата, иһирдьэ ыҥырҕыыр саҥа баарга дылы.
— Һэ-һэ-һээ, — бэҕэһээҥҥи кэпсэтиини санаан, Ньукуус күлэн лэһигирэттэ. — Барахсаны, ити айылаах тыалга туох тулуйуой, кураанахтан да тахсыах курдук сүрэ бэрдэ дии, һэ-һэ-ээ, — дьээбэлээҕи тыллаһан, Ньукуус эмээхсинин диэки үөннээх  харахтарынан көрөн күлэн мүчүҥнээтэ.
— Чэ-чэ, дьээбэтэ бөҕө. Кытаат, түргэтээ, ойуургар хойутуоҥ… — Аана билигин да хойуу баттаҕын кэннин диэки сыҕайа анньан, оҕонньорун диэки таптаабыт харахтарынан көрөн мичээрдээн мичилийэ турда.
Аҕыйах хонон баран, Ньукуус ытын аһата таарыйа уйа иһигэр илиитин уган, соҕотох оҕо баарын хостоон таһаарда.
— Биир эрэ дуу? — өрө ыйаан туран эргитэ сылдьан сыныйан көрдө. — Атыыр эбит, чэ, улаат… — диэтэ уонна төттөрү укта, кэнниттэн ийэтэ дьылыс гынна.
Эмиэ аҕыйах хонук ааста. Чээкэ барбах хааман бадьаалыыр оҕотун батыһыннаран таҕыста. Ону көрөн, Аана оҕолуу үөрэн:
— Ии-ии, үчүгэйиэ-иэн, ыт үтүлүк курдук бөп-бөкүнүк, барахсаныа. Бөкүнүк! Бөкүнүк! — диэн таптаан ымманыйда.
Ыт оҕото ийэтин үүтүнэн соҕотоҕун эмсэхтэнэн, кырдьык, ыт үтүлүк курдук кэп-кэтит, моп-модьу этэ. Итинтэн ыла Аана ытын оҕотун таптаан: «Бөкүнүк! Бөкүнүк!» — диэн ыҥырар буолбута, онто аат буолан иҥэн хаалбыта.
Ньукуус утарсыбатаҕа, кэргэнэ ытын оҕотун таптыырын көрөн, сүргэтэ көтөҕүллэн, тэҥҥэ үөрэн, илин-кэлин түһэн күө-дьаа буолара.
Дмитрий ПОНОМАРЕВ.
Уруһуй: интэриниэттэн
* * *
                                                   «Кут уйбат алҕаһа» кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар. Сэһэни сиһилии бу кинигэҕэ ааҕыҥ.
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0