УОРДААХ

Ааптар: 
30.04.2018
Бөлөххө киир:
Сайын барахсан итиинэн илгийэн, сылааһынан сыдьаайан, чээл күөҕүнэн чэлгийэн, үөрдэн-көтүтэн элэс гынан хаалла. «Оо, өссө кыратык тохтуу түспэт буоллаҕа…» диэн санаа үлэҕэ үтүрүйтэрэн сайын үтүөтүн билбэккэ хаалбыт үлэһит дьон баҕа санаата буолла.
Уордаах сайын устата улаатан, түүтэ-өҥө тупсан, кутуруга эриллэн, ыт киэбин толору ылан, атын ыттар урукку курдук аһын былдьаан, бэйэтин хадьырыйа түһэн ааспат ыттара буолла. Иннэ курдук сытыы аһыылара, өһөс-хадаар майгыта, кырыктаах харахтара барыларын салыннартаата. Бэйэтэ айаҕын булунар, онно эбии иччилэрэ маанылыыр буолан аһылык былдьаспат, төрүкү да тоҥкуруун майгылаах буолан атыттарга бааспат.
Булуус этэ бүппүтэ балай да буолла. Куһунан, балыгынан сылдьан, отторун үлэтин үмүрүтэн, Киргиэлэй быыс булбучча тыаҕа таҕыста. «Эт сиэхпит!» — дэһэн дьоно үөрсэ хааллылар.
Бастакы хаһыҥнар түспүттэрэ эрээри, от-мас хотторо илик, айылҕа барахсан бүтэһик күөҕэр сууланан наскыйа-нуоҕайан иһийэн турар. Бөөлүүн сис былыт кэлэн халлааны бүтүннүү бүрүйбүт, улаханнык илиппэттэр даҕаны, тохтоон ыла-ыла, барбах саппарахтыыр. «Арааһа, уһун самыыр налыччы кэлээри оҥостор дуу?..» Киргиэлэй халлаанын сылыктыы оргууй хаамтаран истэ. «Ыт оҕотун үөрэтэр курдук бултуйар киһи бэрт буолуо этэ, Эһэкээн мүчүк гыннар…» санаата аны ытын оҕотугар салалынна.
Уордаах оту-маһы сытырҕыы, эмиэ да тохтоон төбөтүн чолох гыннаран, салгыны сытырҕаан муннун мунньарыҥнатан ыла, атын ыттартан хаалбакка истэ. Сиикилэрдээх,  араҥдалардаах барыта дулҕа буолан хаалбыт от үрэҕи батыһа үрдүк сирин талан баран истилэр. Тайахтар эргэ суоллара онно-манна көстүтэлээн ааһаллар. Киргиэлэй, суолларыттан көрөн, «Тайах элбэх эбит!» диэн үөрэ саныы истэ. Ыттара көстүбэтэхтэрэ балачча буолла.
Уордаах муннун билбэт аһыы сыта толорбута ыраатта, тугун-ханныгын, хайдах кыыл итинник сыты таһаарарын билиэн баҕардар да, ыттарыттан быстан барыан санаата буолбакка батыһан истэ. Барбахтыы түһэн баран, бэс чагда тэллэҕэр били сыты таһаарар кыыл суолугар кэтиллэ түстүлэр — тула кулаачыктанан хайа диэки барбытын быһаарыы буолла, ол
кэнниттэн, дьэ, хайысхаларын ылан харса суох түһэн, ойуолаан уунаҥнаатылар. От үрэҕи батыһа оргууй хааман испит хорой ыттар ситэн кэлбиттэригэр соһуйан ходьох гынна, онтон

эргичис гынан көрбөтөх кыылларын көрөн таныылара тартайан, хараҕын муҥунан көрөн чиккэллэн турда. Ыттар саба сүүрэн кэлэн, тула көтө сылдьан харса суох үрэн, сыыһа-халты хабыалаан бардылар. Уордаах ыттарга көҕүйэн, кыыла туран тэҥҥэ түһүөлэстэ. Хорой муоһун тоһуйан тула эргичиҥнээтэ. Онтон, «Туран биэрдэххэ сииһилэр!» диэбиттии, икки кэлин атаҕар өрө хололоон төттөрү эргийдэ, түһүүтүгэр кэлин атахтарынан өрүтэ тэбэн кылбаҥнатта уонна иннин диэки хантаччы туттан атара сэлиинэн түһүннэ.

Оргууй хааман испит Дьолуолаах ыттар саҥаларыттан тохтуу биэрэн хонос гынна, кулгаахтара чөрбөстүлэр, иччитэ: «Бардыбыат!» — диэн саҥа таһааран, тэҥҥэ тиҥилэҕинэн имнэммитигэр киэҥ-киэҥник атыллаан сиэлэн сэгэлдьийдэ.
Саҥа барбалаан эрдэхтэринэ ыттар саҥалара ньим барда. «Сулбу ойуттулар, ханна тиийэн тохтотоллор дуу?..» Киргиэлэй уһун сырсыыга бэлэмнэннэ. Ыттар икки төгүл тайах иннин күөйэн тохтото сырыттылар эрээри, тутан кээһиэх айылаах дохсуннара бэрт буолан налыппакка сулбу ойуттулар. Уордаах ыттар тугу гыналларын сыыска түһэрбэккэ үтүктэ истэ. Үсүһүн ойуур ортотугар сытар дүөдэ үрдүгэр тохтоттулар. Ханна да барар сирэ суох буолан, хорой утары эргийдэ, муоһунан түһүөлээтэ, туйахтарынан табыйталаата. Кыыллара турбут ыттар тохтоло суох муннун-уоһун сыыһа-халты хаптылар. Эдэр кыыл тулуйбата, дүөдэ үрдүк сыырыттан ууга ыстанна, сөрүүн уу этин сайа охсон сүр үчүгэйдик «дьар!» гынна.
Ыттар, аллара түһэн, уу иһэн чалымнаттылар уонна, дьэ, эргийэ сүүрэ сылдьан налыччы үрдүлэр. Хорой уоскуйа быһыытыйан дүөдэ ортотугар оргууй уста, сөрүүкүү
сырытта…
Уордаах уос-тиис салаһан, тайах хаайсан, кэтэспитэ-күүппүтэ дьэ туолбуттуу дуоһуйбута. Сииккэ сиэлэр, хаарга хаамар, үөрүүлээх-көтүүлээх, уйан-хатан быһаарыллар мүччүргэннээх
сырыылардаах, аар тайҕа арҕаһын тыырар абылаҥнаах Байанай тойон Эһэкээн аартыгын арыйан иһирдьэ атыллаабыта. Итинтэн күһүн Киргиэлэй улахан булка быыс булан тахсыбатаҕа. Уордаах уолаттары кытта чугас эргин тииҥнээн, солоҥдо суоллаан күһүнү аһарбыта. Кыһын, онтон саас анаммыт кэмнэрэ баранан, санаа киэҥ дуолугар өйдөбүл эрэ
буолан сиэттиһэн ааспыттара. Кинилэр оннуларын күөх сайын барахсан ситэн-хотон, симэнэн-киэргэнэн, долгулдьуйан кэлэн толору баһылаабыта. Уордаах сиһин этэ
ситэн, быччыҥнара туолан, иҥиирдэрэ күүрэн, уҥуоҕунан өссө улаатан, чугас эргин суох улахан ыт буолбута, кытарымтыйар өҥө баһыйан, көхсө кутуругар тиийэ кыһыл саһыл уорҕатыгар дьүөрэлии өҥнөммүтэ, күөмэйэ модьураабыта, үгэһинэн хонууга-сыһыыга кутуйахтыыра, ойууру-тыаны кэрийэрэ.
От үлэтэ саҕаланан, дьон бары күргүөмүнэн ходуһаҕа таҕыстылар. Уордаах дьонун кытта отууга сылдьыһар. Биир күн мэниктээн сүүрэлии сылдьан, алаас ортотугар турар булгунньах үөһэ тахсыбыта муннугар биллэр-биллибэт тайах сыта охсуллубута. Тохтуу биэрэн, хайа диэкиттэн кэлэр хайысхатын быһаарбыта, былырыыҥҥытын санаан сүрэҕэ өрүкүйбүтэ, булт абылыыр күүһэ умсугута угуйан, күөх кырыстан күүскэ тирэнэн иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Тохтоло суох биир тэҥник сүүрэн элэстэммитэ, намыһах сирдэргэ сыта сүтэрэ, оччоҕо төхтүр сир үөһэ тахсан хайысхатын быһаарынара.
Аҕыйах биэрэстэ сири өр гымматаҕа, мараҥда саҕатыгар ыарҕа талах быыһыгар утуйа сытар тыһаҕаһы соһутан туруорбута. Тутан сиэх курдук быһыыламмыта, биирдэһэ, ол үлүгэртэн өмүрэн, оту-маһы тоҕо кэһэн куотар аакка барбыта. Уордаах, тайах иннин ыла сатаан, хаалсыбакка ойон испитэ. Анарааҥҥыта хайа да түгэҥҥэ тохтообокко мүччү түһэн ньылбы ойоро. Төһө сири барбыттара буолла, сайыҥҥы куйаас күн сэниэлэрэ эстэн, утары көрсөн аҕылаһа турбуттара. Ити кэннэ тайаҕа тохтоон суоһурҕанан, сынньанан ыла-ыла, барар буолбута, бүтэһигэр обургу күөлгэ киирэн түспүтэ. Уордаах түүн хойукка диэри манаһан баран, ким да кэлбэтэҕиттэн бырда быстан төннүбүтэ.
Биир күн дохсун самыыр кэнниттэн Уордаах, буоларын курдук, ойуурга «Тугу эмит бултуйдарбын!» диэн тула өттүн сытырҕыы, кэтэнэ, ыркый саҕатынан ыллык устун баран испитэ. Самыыр кэнниттэн от-мас илийэн, хаамарга адьас тыаһа суоҕа. Ыркый иһигэр сыппыт куобах ардах кэнниттэн маһын уута таммалаан, ону сөбүлээбэккэ, тыа саҕатыгар тахсан сугун абаҕатын быыһыгар баар ырааска салгылыы сыппыта, ыт кэлэрин билбэккэ хаалбыта, үрдүгэр барыс гыммытыгар ойон турбута да, хойутаабыта. Уордаах бастакы ойуутугар саба баттаан, сүнньүттэн хабан ылан, биирдэ быһа хадьырыйбыта. Урукку өттүгэр куобаҕы тута илигэ, тыастаахтык сиэлэ сылдьар буолан эрдэ туран куоталлара. Сырса сатыыра да, чугаһаатаҕына туора-маары ойуолаан син биир куоталлара. Сµµрэн иһэр омунугар, куобаҕы кытта тэҥҥэ туора ойбокко, утары турар маска сааллан ыйылыыра.
Ити күнтэн ыла куобаҕы бултууругар, тыаһаабакка, ыркый саҕатын, куобах сытыа диэбит оттоох, сугун абаҕалаах, ойорго туох да мэһэйдээбэт ыраас сирдэрин талан сылдьара. Ити албаһа туһалаах буолбута: куобах бастаан туруутугар икки-үс ойуунан саба баттыыра. Онно сиппэтэҕинэ куоттарара, онон салгыы сырса да сатаабата. Куобах тутан, дьонугар аҕалар дьарыктаммыта. Иччилэрэ көрөн ылыахтарыгар диэри иннигэр уурунан сытара. Утуйа сытар кэмнэригэр аҕаллаҕына сарсыарда дьоно туралларын кэтэһэрэ. Атын ыттар ымсыыра көрөллөрө эрээри, Уордаахха сааранар суоҕа. Күһүөрү куобах алаас саҕатыгар, өтөххө охсуллубут хадьымалга кэнчээрилээн аһыыр кэмэ кэлбитэ. Уордаах өтөхтөр, алаастар кэриилэрин кэрийэрэ, түүн аһаан баран ырааппакка чугас сыппыт куобахтары бултаһара. Кэнники күннэргэ самыыр түспэккэ от-мас, сэбирдэх куура хатаннар үктэннэҕин аайы тыаһа сүрдээх, инньэ гынан бултуйара аҕыйаата.
Биир киэһэ күн киириитэ кыараҕас өтөххө чугаһаата, сэрэнэн үктэнэн киирэн истэ. Өтөх эҥэлдьийэр буолбутугар улахан, бэйэ куобах сылдьара көһүннэ. Уордаах, тохтоон, тугу гыныан билбэккэ турда. Куобаҕа, тыаһырҕаан, аһыырын тохтотон, икки атаҕар хороллон иһиллээн олордо. Онтон туох да биллибэтин иһин эмиэ аһаан барда. Уордаах оргууй үктэнэн аҕыйах хаамыыны оҥордо. Куобаҕа чөрбөс гынна, тохтуу биэрдэ. Эмиэ күүттэ. Ити курдук сэрэнэн-сэрэнэн, куобаҕа аһаары төҥкөйдөҕүн аайы сир ылан, өтөх саҕатыгар кэллэ. Салгыы үөмэр кыаҕа суох. Сытаары, хаппыт сэбирдэҕи хачыгыратта. Куобаҕа ону истэн, куттал суоһаабытын сэрэйэн, биирдэ ньылбы ойон тилэхтэрэ хараара турдулар.
Сарсыныгар, өйүүнүгэр анаан-минээн кэлэ сырытта да, бастакы күннээҕи быһыы хатылана турда. Үһүс киэһэтигэр эмиэ куобаҕын күрэтэн баран, ханна эрэ өйүн-санаатын түгэҕэр саһа сылдьыбыт майгы уһуктубута дуу, оргууй сири сытырҕаан өтөҕү эргийбитэ. Куобах тахсар сирэ түбэһиэх этэ, улахан сыты хаалларбата. Эргийэ хааман иһэн киирэр ороҕун булан
ылбыта, ыраахтан кэлэн кыра ычыкыны курдары ааһара. Уордаах ороҕу батан испитэ, куобаҕа ычыкыны тахсан тохтоон олорон иһиллиир эбит. Онтон салгыы баран, өтөххө киириэн
иннинэ силистэрэ адаарыйа сытар, төбө өттө эрбэммит дүлүҥү санаа курдук ааһа түһээт, эмиэ олорон өтөҕүн чуҥнуур эбит.
Уордаах, турбалыы түһэн баран, кэлбит сирин диэки оргууй сиэлэ турда. Сарсыныгар, эрдэ кэлэн, дүлүҥ кэннигэр сытынан кэбистэ. Кулгаахтара чөрбөһөн кыра да тыаһы иһиллии сытта. Куобах киирэр кэмигэр атахтарын тыаһа иһилиннэ! Уордаах тыыммат да курдук буолла, куобаҕа ханна сылдьарын хараҕар оҥорон көрө сытта: «ычыкыны ааста!», «тохтоон олорон иһиллиир!», «билбэтэ, төннүбэтэ!», «кэлэн  иһэр!» — сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээтэ. Куобах хараҕа өтөх эрэ диэки буолан истэ, кыра-кыратык, өкөчүк-чөкөчүк ойуолаан,
дүлүҥү ааһан, мэлдьи тохтуур сиригэр хоройо биэрэн, икки атаҕар өндөйөн өтөҕү одууласта. Уордаах ону эрэ кэтэһэ сыппыта, сытар сириттэн ойон кэбиспитэ, куобах хараҕын
кырыытынан көрөн хамсыах буолан эрдэҕинэ күөнүнэн түҥнэри көппүтэ, куобаҕа төкүнүс гыммыта. Уордаах аһары түһэн куоттарыах курдуга, ол эрээри, күүстээх иҥиир, ньымса хамсаныы санаатын толорбута, эргичис гынан туран эрэр куобаҕы кэтэҕин диэкиттэн өҥүс баһыттан хабан ылбыта, күүскэ-күүскэ тэбинэр куобаҕы өрө ыйаан тыраадытан таһааран, хаҥас өттүнэн бэйэтин үрдүнэн бырахпыта, куобаҕа арҕаһын үөһэ тиийиитэ күүскэ төттөрү тардыбыта, куобах сүнньэ быстан «хырк!» гыммыта уонна налыс гынан сиргэ түспүтэ.
Куобаҕын иннигэр ууран, тыын ылан уоскуйбута, тулатын көрүммүтэ, ол кэннэ булдун сиһиттэн туора ытыран кыайбыт-хоппут быһыынан бара турбута. Ити курдук, өссө биир бултуур албаһы тобулан ньыматын хаҥаппыта. Сотору Уордаах булчут ыт буоларын бигэргэтэр, төрүттэрин суолларын баппытын туоһулуур тургутууну ааһар күнэ тиийэн кэлбитэ.

Киргиэлэй, эрдэттэн толкуйдуу сылдьыбыт санаатын толорон, тайахха Уордааҕы соҕотохтуу илдьэ барбыта. Улахан булт иннинэ ытын тугун-ханныгын, сырыытын үөрэтиэн, соҕотох түбэлтэтигэр хайдах быһыыланарын билиэн-көрүөн баҕарбыта. Киэһэ эрдэ соҕус сир үүтээнигэр кэлэн хоммуттара. Кэлэн иһэн, эргэ тайах суолун элбэҕи көрбүттэрэ. Булт элбэҕэ үөрдэрэ, улуус кытыы сирэ буолан бүччүм этэ уонна кыылы аймыыр Киргиэлэй курдук сэптээх-сэбиргэллээх, анал ыттардаах булчут киһи чугас эргин суоҕа. Инньэ гынан, Киргиэлэй кэмнээн, кэнэҕэс өттүн толкуйдаан бултуура.

Сарсыныгар ыраас халлааннаах чэмэлкэй күн буолла, салгына ырааһа-чэбдигэ тыынарга чэпчэкитэ. Киргиэлэй күүстээх үлэ кэнниттэн аар тайҕатыгар субу курдук бултуу сылдьарын
туохтааҕар да ордорор, эт-хаан өттүнэн сынньанан, араас сырдык санаалар киирэннэр инникигэ эрэлин күүһүрдэллэр, айар-тутар баҕата күүһүрэр. Чэйдээн бүтэн, өтөххө өртөөн хоннорбут Дьолуолааҕын аҕалан ыҥыырдаан, бэрэмэдэйин мииннэрэ быраҕан, сүгэтин төргүүлэнэн, үүтээнин аанын маһынан баттатан, атын миинэн барыахтаах сирин диэки салайа тутан баран:
— Чэ, бардыбыт! — диэн дуораччы саҥарда.
Ону эрэ күүппүттүү, Уордаах, иннилэригэр киирэн, төбөтүн хоноччу туттан сүүрэ турда. Дьолуолаах чэпчэки атахтарын  ууннары быраҕаттаан, киэҥ-киэҥник атыллаталаан ытын батыста. Итинтэн ыла үс арахсыбат доҕордуулар: киһи, ат, ыт кэпсээҥҥэ киирэр, уос номоҕо буолар соргулаах сырыылара саҕаламмыта. Күн орто салгын сылыйан сахсырҕалар сааҕынастылар, айылҕа уһуктан от-мас суугунаата, чыычаахтар саҥалара хойунна, тула туох баар барыта күннээҕи дьарыгын толорон хамсыырга дылы буолла. Уордаах, кэмиттэн-кэмигэр көстөн ыла-ыла, иннилэригэр сырытта, арҕаһы туораан, уҥуоргу үрэх тардыытыгар киирдилэр. Урутаан иһэр Уордаах, үрэххэ киирэн иһэн, тайах сытын ылан иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ.
Киргиэлэйдээх үрэҕи туораан барбалаан иһэн, үрэх тардыыта сиикини саҥатык тайах туораабыт суолун булбуттара. Муохха батары үктээбититтэн көрөн, Киргиэлэй «улахан, тыһы  баайтаһын ааспыт…» диэн быһаарбыта. Уордаах үрэҕи туораан балай да өр сүүрбүтэ, ыраас бэс чагдаҕа тахсыбыта, олоотоон, сыт кэлэр сирин одууласпыта — мараҥда уҥуор
сүүнэ улахан тайах күн уотугар хараара килбэлдьийэ хаама сылдьара. Уордаах тохтоон турда, бу сырыыга тоҕо эрэ харса суох саба сүүрэн тиийбэтэҕэ, мараҥданы эргийэ тайахха утары барбыта. Налыччы сылдьар кыылга, ойуппат курдук, тэйиччи элэҥ-сэлэҥ сылдьан көстүбүтэ. Ол кэннэ оонньоһордуу утары киирэн, налыччы саҥа таһааран аралдьытан, хаайан барбыта. Уордаах ити майгытын «урукку сырыыларга быстыар диэри сүүрэн кэһэкэнэ буолбут дуу…» диэххэ сөбө, баҕар, ол да күһэйбитэ буолуо. Быһата, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ удьуордаан, хаантан хааҥҥа бэриллэн кэлбит, били аҥаар атаҕа суох ыт үгүс эрэйтэн, бултуур баҕаттан иитиэхтээн таһаарбыт албаһа, ньымата Уордаахха уһуктубута. Ити күнтэн ыла Уордаахтан төлө көтөн барар тайах биир эмит буолбута. Киргиэлэй ытыттан улаханнык астыммыта, урукку өттүгэр турар сиригэр үрдэрэр тайаҕы көрбөккө кэлбитэ. Итинтэн ыла Уордааҕы соҕотохтуу илдьэ сылдьар буолбута. Кырдьаҕас ыттары уолаттара дьиэ таһыгар батыһыннараллара. Күһүн устата Уордаах булт арааһын көрбүтэ-билбитэ, ол эрээри биир дьикти сыты ханнык кыыл таһаарарын быһаарбатаҕа, ол сыт кутун-сүрүн баттыы сатыыр, сэрэхэдийэр санааны үөскэтэрэ. Уордаах ол кыылы көрүөн олус баҕарбыта эрээри, саҥатык суолугар түбэспэтэҕэ, барыта сыта сүппүт эргэ суоллар этэ, арай өтөҕөлөөбүт сириттэн, сүтэн эрэр да буоллар, арҕас түүтүн адаарытар, уйулҕа тыҥыыр амырыын сыта кэлэрэ — ити хара тыа адьырҕата эһэ этэ. Эһиилигэр, тайахтыы сылдьан, субу аҕай лэппэрдээн ааспыт суолугар кэтиллэ түспүтэ, арҕаһын түүтэ адаарыс гынан, аһыыларын килэтэн ырдьыгынаан ылбыта, тобулу көрбүт харахтара өссө тыйыһырбыттара, «тугун-ханныгын» быһаарар санаа киирэн салгыны олоотоон сыт ылбыта. Ол кэннэ отон угун тоҕута силэйэн оҥостон баран, ыраах-ыраах кыыралдьыйа ойон эккирэтэ турбута. Сугуннаан аһыы сылдьар эһэ кэнниттэн ыт кэлэн «һар!» диэбитинэн сиирэ-халты хаппытыгар соһуйан иннин диэки ойбута, «һөө!» диэн саҥа таһаарбыта, соһуйбут омунугар саҥатын кытта тэҥҥэ кэнниттэн убаҕас отонунан «пырк!» гыннарбыта, Уордаах чуут туора ойон биэрэн сирэйгэ түһэртэрбэтэҕэ. Хара тыа адьырҕата соһуйбута ааһан, кини бэйэлээҕи хайалара кэлэн аймаабытын билээри, сабырҕаҕыттан ылан сахсыйа түһээри, харахтара хаанынан туолан, араҕас аһыылара килбэһэн, арҕаһын түүтэ адаарыйан, часкыйбытынан эргичис гыммыта. Уордаах кини иннигэр кэлэн хаптас гынан үрэн баргыйбыта, тиистэрэ-тиистэригэр охсуллан лаһырҕаабыттара, кыйахаммыт эһэ икки баппаҕайынан охсуолаан куһурҕаппыта. Уордаах туора ойон аһаран биэрээт, эргийэ көтөн кэннигэр тиийээт, көп сирин аһыытынан хайа
тардыбыта. Кулгаах кулукута уһулу ыстаныах сүрдээх хаһыытын түһэрэн, эһэ эмиэ эргичис гыммыта. Олоҥхо боотурдарын дуолан охсуһуута манна буолбута. Эһэ эккирэтэ сылдьан
охсуолуура, айаҕынан түһэрэ. Уордаах таптарбакка эргийэ көтө сылдьан сиирэ-халты хабыалаан улаханнык кыынньаабыта. Кыра мас, талах сорҕото туура тардыллан, сорҕото үлтү кумаланан онно-манна ыһыллыбыта, сугун уга, абаҕата тоҕута кэһиллэн тэпсиллибит тиэргэн буолбута. Биир түгэҥҥэ Уордаах, туора ойоору, хойуу умнастаах сиһиккэ кыбыллан, ардай аһыы аһылыга буола сыспыта, хата, ол сиһигин модьу умнаһа бөһөйдөөн, эһэ айаҕын туорайдаабыта.
Киргиэлэйдээх ыт саҥатын истэн тиэтэйэ-саарайа кэлбиттэрэ. Уордаах урут маннык үрэрин истэ илик буолан Киргиэлэй сэрэхэдийбитэ, «Кырдьаҕаска түбэстэ быһыылаах, охсуһа сылдьар саҥа…» диэн эрдэттэн бэйэ бодотун тардыммыта. Чугаһаан иһэн, атыттан түһэн саатын ылан үөмпүтэ. Хата убаҕас мастаах сискэ сылдьаллара. Тохтоон, ыраахтан ханан киирдэҕинэ ордук буоларын үөрэппитэ. Уҥа диэкинэн төхтүр сир баара, онон күлүктэнэн киирэргэ быһаарынан төннөн тахсан ырааҕынан эргийэн, били төхтүрүн кэтэх өттүгэр кэлбитэ. Оргууй нүксүччү туттан үөһэ диэки үөмпүтэ. Сонос мас төрдүнэн хаххаланан өндөс гыммыта — субу отучча хаамыылаах сиргэ сылдьаллара. Чохчос гынан тыын ылан
уоскуйан олорболуу түстэ, онтон саатын туһулуу тутан сыыйа өндөйбүтэ. Эһэ ыты сырса сатаан сиппэккэ, сылайан, харса суох түһүөлэнэр ыттан аны кини чугуруҥнаан, сонос  титириккэ көхсүнэн өйөнөн олорунан кэбиспитэ. Эмискэ түөһүн тылынан сүр күүстээх охсуу, ыарыы даҕаамырдаах сааллыбыта, сүрэҕэ хам тутан тыына бобуллубута, ону тэҥҥэ ыарыы сиһин тоноҕоһугар тиийбитэ…
Уордаах «эсэһит» диэн ааты ылар бастакы сүрэхтэниитэ итинник этэ. Аҕыйах сыл иһигэр Уордаах хас эмит тыатааҕыны ойуурга сылдьарын үрэн, арҕахха даҕаны сытарын булан биэрэн бултаппыта. Инньэ гынан, аата-суола ыраахха диэри иһиллибитэ. Киргиэлэй Эһэкээннээх булчуттар ахсааннарыгар киирбитэ. Бу эрээри биир түгэн хайаларын даҕаны өйүгэр-санаатыгар хаһан даҕаны сүппэт өйдөбүлү хаалларбыта, ол маннык этэ.
Дмитрий ПОНОМАРЕВ.
Уруһуй: интэриниэттэн
   Сэһэн «Кут уйбат алҕаһа» кинигэттэн ылылынна
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0