УОРДААХ

Ааптар: 
01.05.2018
Бөлөххө киир:
Биир күһүн дьыл хойутаан, сылаас күннэр тураннар, хаар түһэн биэрбэккэ сонор буолбакка кэтэһиннэрбитэ. Барбах кыраһалыыра утары уулла турара. 
Киргиэлэй тыаҕа тахсыбакка үүтээнин сэрбиммитэ, далын сиэрдийэтин саҥардыбыта, «хата, туһалааҕынан дьарыгырдым!» диэн бэйэтин хайҕаммыта. Үлэтин бүтэрээт, сарсыныгар сир хаама диэн ааттаан, атын миинэн, ытын батыһыннаран тыатыгар тахсыбыта. Сытар үрэхтэрин туораан, нөҥүө үрэх тардыытыгар киирэн өрө батан тахсыбыттара. Күн орто хара мастаах сискэ тиийбиттэрэ, чүмэчи курдук дьылыгыраспыт көбүс-көнө тиит мастар хойуутук үүнэн тураллара көрүөххэ үчүгэйэ бэрдэ. «Халлааҥҥа харбаһан тоҕо үрдүктэрэй, көнөкөлөрөй, биир тэҥнэрэй!»
Киргиэлэй, бэргэһэтин түспэтин диэн илиитинэн кэтэҕиттэн өйөөн, үөһэ хантайан мастары одуулаһа, сөҕө-махтайа истэ.
Оргууй хааман иһэр Дьолуолаах чөрбөс гына түспүтэ. Киргиэлэй, кэтэҕэр өйөөн испит бэргэһэтин сэгэс гыннаран, ыт саҥатын иһиллээбитэ. Уордаах саҥата иннилэрин диэки тэйиччи иһиллэрэ.
Үгэһинэн: — Чэ, бардыбыт… — диэбитэ.
Иччитин билэрэ бэрт буолан, Дьолуолаах хайыы-үйэ±э атылын кэҥэппит этэ. Барбалаан иһэн, ыт саҥата үчүгэйдик иһиллэр буолбутугар, Киргиэлэй атын тохтотон чочумча  иһиллээтэ.
— Сэрэйбитим курдук. Чэ, бардыбыт… — иһиллэр курдук саҥарда.
Ыта ханнык булду хайдах быһыылаахтык үрэрин билэр буолан, сыыстарбатаҕа. Уордаах арҕахтаах эһэни булан үрэ сытара. Киргиэлэй аһара чугаһаабакка, сонос маска туомтуу тардан атын баайбыта. Тас сонун устан чарааһатыммыта, ис өттүнэн чараас торбос тириитэ хаҕыдахтааҕа. Хамсанарга таҥас ньымсата ордук. Саатын, сүгэтин ылан, оргууй, үөмэр курдук хааман ытын саҥатын диэки барбыта. Хайдах сиргэ сытарын билээри, тэйиччиттэн, биллибэт буола сатаан сэмээр кыҥастаспыта: уолбут күөл урукку оннун көрдөрөр курдук туруору сирэйдээх кэрдиис төхтүр сир, дьирбии буолан, ыраахха диэри көстөрө. Тыатааҕы ол туруору сирэйгэ хастан сытара, үөһээ өттүгэр сиһик, сиэрдийэ маһа хойуутук үүммүтэ көстөрө, арҕах айаҕа аһаҕас, иннэ маһа суох ыраас этэ. Киргиэлэй «баҕар, быгыалаарай…» диэн кэтэһэн олорболуу түстэ эрээри, туох да биллибэтэ. Ыта мэһэйдээн, аһаҕас айаҕынан туох да көстүбэт. «Оҕолоох кыыл сыттаҕа дуу?..» дии санаата, арҕах айаҕа улаханын сөхтө, төннөн тахсан тугунан бүөлүүрүн толкуйдаата. Чугас соҕус, хотон маһын курдук модьулаах мас түөрүллэн силистэрэ адаарыйа сытарын булла, арҕах иһигэр тургуллаабат, сүгэргэ сөп буоларын курдук кээмэйдээн силистэрин үөһээ өттүнэн быһа оҕуста. Уҥа санныгар сүктэ, хаҥас илиитигэр саатын ылла уонна арҕах диэки хаамта. Уордаах, арҕах сыҥаһатыттан тайанан, иһирдьэ киириэхчэ үрэн дьүккүҥнүүр, ол быыһыгар төттөрү тэйэн ылар. Ону көрөн, дугдуҥнуур быһыылаах…» диэн Киргиэлэй таайа истэ.
Ыраас сир устун сулбуччу хааман, арҕах айаҕар тиийэрэ аҕыйах хаамыы хаалбытын кэннэ, сүр суостаах көөҕүнээһин арҕах айаҕынан төлө көтөн таҕыста! Ону кытта айаҕын кытарчы атан, өһүөннээх харахтара чоҕулуһан күтүр бэйэлээх эһэ курданарыгар диэри биирдэ былтас гына түстэ, илин атахтарынан тайанан түллэх гынан, кэлин атахтарын хостоон таһаарда. Батан тахсыбакка, арҕах айаҕын үөһээ сиксигин тоҕо көтөн, буорун бурҕас гыннарда. Уордаах туора ойбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Хара тыа адьырҕата, арҕах сыҥаһатыттан тирэнэн, киһи диэки ойон кэбистэ. Барыта кыл түгэнэ буолла, итинник эрэ буолуо диэбэккэ испит Киргиэлэй сүгэн испит бүөтүн кыл түгэнэ баттаһа сиргэ элиттэ. Кыыла адаарыйан кэлэн күөнүнэн түҥнэри көттө. Киргиэлэй кэннинэн эһиллэн тиэрэ кэлэн түстэ, бэргэһэтэ ыраах уһулу ыстанна, эһэтэ, батыһа, үрдүгэр сабардыы хорус гынна. Киргиэлэй саатын
иһигэр туора тутан, эһэ икки илин атахтарын ыккардыгар кыбыллан хаалла, өлөр-хаалар күнэ ыган кэллэ. «Быһаҕым!.. » диэн санаа төбөтүгэр охсулунна. Саатын тута сылдьар хаҥас илиитин ыһыктан, уҥа илиитинэн тутта, хаҥас илиитинэн быһаҕын көрдөөтө. Хаҕыдаҕын тэллэҕэ быһаҕын кыыннары саба бүрүйэ сылдьар буолан биэрдэ, эбиитин онто туохтан эрэ иҥнэн тиирэ тардыллан аһыллан биэрбэккэ эрэйдээтэ. «Оо, абаккам!..» санаа сорҕото өйүгэр киирэн таҕыста.
Ити кэмҥэ адьырҕа кыыл өстөөҕүн өһөрөр күнэ үүнэн, үрдүгэр саба барыйан өрөгөйдүү турда. Киһи сыгынньах төбөтүттэн көлөһүн аһыы сыта таныытыгар киирэн киҥин-наарын эбии хойуннарда. Ол дьаардаах төбөнү хампы ыстыыр тиһэх бэлэмнэниитин оҥостон, кыҥнары туттан, үөһэ хантайан ис-иһиттэн кыйыттан куйаха күүрэр, иэн кэдэҥниир дьулаан хаһыытын түһэрбитэ. Киргиэлэй ол хаһыыттан хантас гыммыта, сирэйигэр адьырҕа сыраана бырдаҥалаабыта, хараҕар сөмүйэ саҕа аһыылар килбэҥнэһэн көстүбүттэрэ. Быһаҕын
хаста сатыы сытар буолан дуу, ол ардай аһыылар тустарынан тугу да толкуйдаабатаҕа, көрөн эрэ кэбиспитэ.
Ити түгэҥҥэ Уордаах арҕаһын түүтэ адаарыйан, утары бэлтэллэн турар хараара чэрдийбит эһэ тилэҕэр сытыы тиистэринэн хатааста түспүтэ. Хаппыт хатыс быа курдук хараара муостуйбут тилэхтэргэ бүргэс тэҥэ аһыылар кыычыгырыы хатаммыттара. Хантан ылбыт күүһэ киирбитэ буолла, түөрт атахтарынан тирэнэн, тиэрэ түһэн харса суох тардыбыта, сыаҕа олоро сылдьар тилэх тириитэ саралыы тардыллан үп-үрүҥ, ыраас хаар курдук сыа туналыйа түспүтэ, ол үрдүгэр, иннэнэн тэһитэ аспыт кэриэтэ, онон-манан хаан оҕуолаан бычыгыраһан тахсыбыта. Уот салаабытыныы абытай ыарыы эһэ мэйиитигэр тэһэ кэйэн, харахтара дьиримнэстилэр, тугу оҥороору толкуйдуу турбутун умнан, хайа бэйэлээх
ыарыппытын көрөөрү, өлүөр атаҕар тирэнэн эргичис гыммыта. Ону эрэ кэтэспиттии, Уордаах эһэ хабарҕатыгар аһыыларын туһаайбытынан түспүтэ. Онуоха биирдэһэ икки
илин атахтарынан кууһан ылан баран хам баттаары төкүнүс гыммыта.
Киргиэлэй сол да быһаҕын хостооботох этэ, босхо барбычча олоро биэрээт, иитиилээх саатын үҥкүрүҥнүү сылдьар эһэ диэки туһаайбыта. Хайа эрэ түгэҥҥэ Уордаах адьырҕа баппаҕайдарыттан мүччү туттаран ньылбы ойон тахсыбыта, кэнниттэн эһэтэ туран кэлбитэ. Оо, күтүр өстөөх улаатар да буолар эбит! Дуул сылгыны тобугунан быһан кэбиспит курдук арҕаһа үллэн, самыыта кэтирээн сымарыттан турдаҕыан!
Ол турдаҕына Уордаах иннигэр сырытта, Киргиэлэй кэннигэр олордо. Хайаларыгар барыан мунаахсыйан, Киргиэлэйгэ ойоҕолуу туран биэрдэ. Өлүү үктэллээх, иэдээн эҥээрдээх, субай хаан олбохтоох диэххэ дуу? Эбэтэр үрүҥ тыыны өллөйдүүр, өлөр-хаалар күҥҥэ эрэнэриҥ эрэ кини диэххэ дуу? Сибиниэс буулдьа саа уоһуттан төлө көтөн тахсан соругун толоро супту түстэ, кыл түүнү быһа көтөн, ньуолах түүнү суулуу тутан, быһа тардан, иннигэр уктан иһирдьэ дьулуруйда, ойоҕос уҥуоҕун тосту биэрэн, өрөһөнү хайа көттө, ол кэннэ харса суох
хадаар хааны саамылаан уус күөрдүн курдук үллэҥниир, хапсыҥныыр сүрэҕи ойоҕоско сааллан тэллэйбит төбөтүнэн хайа көтөн киирдэ, тэлэ көтөн таҕыста, бүтэһигэр, оҥоруохтаахпын оҥордум!» диэбиттии, ньыгыл эккэ батары сааллан тохтоото. Тыын былдьаһыгын, сүрэх бүтэһик тэбиитин күүһүттэн бу үлүгэрдээх эт хайа турар сиригэр сиһэ бөгдьөх гынан, харыс курдук үөһэ ойон тахсан баран, күтүр улахан балбааҕы бырахпыттыы, сүр күүскэ «күс!» гына өлөн түстэ. Түспүт күүһүттэн сир ньиргийэн, Киргиэлэй анныгар биллибитэ, салгыныттан тула өттүгэр бөх-сыыс ыһыллыбыта.
Ол дьулаан хапсыһыыттан Уордаах сиһин ороҕуттан хаҥас буутун ортотугар диэри уһун-кылгас үс тыҥырах суола баастаах тахсыбыта, дьолго, баастара чычаас этилэр. Эһэ хабаҕар
баар иигинэн Киргиэлэй ытын баастарын кичэллээхтик сууйбута, сотору кэминэн килэччи оһон хаалбыттара. Эһиилигэр чэрин оннугар маҥан түү үүнэн, ити түбэлтэ умнуллубат бэлиэтэ үс сурааһын хаалбыта. Киргиэлэй тугун да таарыйтарбакка бүтүн тахсыбыта эрээри, киниэхэ да оройуттан сүүһүн үрдүгэр диэри уһун-синньигэс маҥан дьураа баттах үүммүтэ.
Дмитрий ПОНОМАРЕВ.
Уруһуй: интэриниэттэн
   Сэһэн «Кут уйбат алҕаһа» кинигэттэн ылылынна. 
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0