Уопсастыбанньык ийэлэртэн сонун этиилэр киллэрилиннилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев куйаар ситиминэн өрөспүүбүлүкэ дьахталларын уопсастыбаннай хамсааһыннарын бэрэстэбиитэллэрин — ийэлэри кытары көрүстэ.

«Ийэ сылыгар анаммыт тэрээһиннэри оҥорууга биһиги үрдүнэн, куолутунан эрэ сыһыаннаһыа суохтаахпыт. Мин ийэлэртэн бэйэлэриттэн — өрөспүүбүлүкэ дьахталларын уопсастыбаннай хамсааһыннарыттан манна этиилэр киириэхтэрин баҕарабын. Былааҥҥа кинилэр көҕүлээһиннэрэ, интэриэстэрэ, этиилэрэ көрүллэн учуоттаныан наада«, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Кэпсэтиигэ дьахталлар хамсааһыннарын бэрэстэбиитэллэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр олохторун хаачыстыбатын үрдэтии, ийэлэр социальнай статустарын, дьахталлар доруобуйаларын харыстааһын, социальнай чэпчэтиилэр, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүү боппуруостарыгар тохтоотулар, уо.д.а. долгуйар сүрүн тиэмэлэрин бэлиэтээтилэр.
Көрсүһүү кыттыылаахтара, түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сыла биллэриллибитигэр, 2022 сылга төрөөбүт оҕолорго 100 тыһ.солк. кээмэйдээх «100 сыл оҕолоро» диэн тус сыаллаах хапытаал олохтоммутугар Ил Дархаҥҥа махтаннылар.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүҥҥү күн туругунан 260-тан тахса оҕону көрө-истэ, иитэ сылдьар элбэх оҕолоох 130-ча ыал олорор. Сыаллаах-соруктаах социальнай бэлиитикэ ыытыллар буолан, кэнники үс сылга оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэлэр биллэрдик кэҥээтилэр. Элбэх оҕолонуу салҕанарын туһугар демографическай бэлиитикэни утумнаахтык  салгыыр, үс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр наада«, — диир «Большая семьЯ» элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр эрэгийиэннээҕи түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Туйаара Васильева.
Эдэр ыалларга туһалаах буолуоҕа диэн «QR — брошюры для молодых родителей» оҥорорго Ыччат бырабыыталыстыбатын салайар Надежда Прудецкая этии киллэрдэ. Онтон уопсастыбаннас доруобуйатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһа Алена Никитина нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарарга, оҕо төрөөһүнүн элбэтэргэ уонна дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөргө «Сертификат молодоженов» диэни киллэриэҕиҥ диэтэ.
«Ыал буолан сэртипикээти ылбыттар сыл устатыгар перинатальнай киин үрдүк квалификациялаах быраастарыттан уонна олорор сирдэринэн мэдиссиинэ көрүүтүнэн, чинчийиитинэн  босхо сүбэ-ама ылар кыахтаныахтара этэ«, — диир кини.
Уһуйааннарга сылдьар оҕолор ыалдьалларын намыратар туһуттан «Росатом» корпорация уонна стратегическай көҕүлээһиннэр ааҕыныстыбалара «Здоровым быть здорово» диэн бырайыагы оҥорбуттар. Бу бырайыагы «Лингва» оҕо саадыгар киллэрэнхолонон көрүүлэрин түмүгэр, оҕолор ыалдьаллара намыраабыт. «Сосновый бор» оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр, бөҕөргөтөр киин дириэктэрэ Яна Иванова бу быраактыканы  Ийэ сылын иитинэн, өрөспүүбүлүкэ атын уһуйааннарыгар тарҕатарга эттэ. Салгыы Ньурба улууһун урбаанньыттарын өйүүр киин дириэктэрэ Ньургуйаана Михайлова улуустарынан көһө сылдьар куурустары тэрийдэххэ, дьахталлар үөрэнэн баран бэйэлэрин дьыалаларын саҕалыыр кыахтаныахтара этэ диэн этиитин сэргии, кэрэхсии иһиттилэр.
«Мантан элбэх тэрээһини Ийэ сылыгар былааннаан саҕалаабытынан барыахпыт. Биллэн турар, дьоһуннаахтык ылсан үөрэтэн көрүүнү ирдиир этиилэр эмиэ бааллар. Ол гынан баран, ол этииттэн аккаастаныы буолбатах«, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. Түмүккэ кини куйаар ситиминэн ыытыллыбыт мунньахха кыттыыны ылбыт, санааларын үллэстибит ийэлэргэ махтанна.
Андрей Сорокин (СИА) хаартыскаларга түһэриитэ
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0