Ааспыт нэдиэлэҕэ Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэригэр айдаан тахсан, уопсастыбаннас болҕомтотун тарта. Элбэх бэрэбиэркэ ыытылынна. Буоларын курдук, бу айдаан өрөспүүбүлүкэ иһиттэн тахсан, дойду үрдүнэн “аатырда”. Элбэх федеральнай сайтар таһаардылар.
Соторутааҕыта ГосДума дьокутаата Сергей Шаргунов Арассыыйа генеральнай борокуруора Юрий Чайкаҕа ыйытык ыытта. Онон бэрэбиэркэ өссө да салҕанан барар чинчилээх.
Туохтан барыта саҕаламмытай?
Интэринээт-дьиэ олохтоохторо Владимир Путиҥҥа, Егор Борисовка уонна Госдума дьокутааттарыгар сурук ыыталаабыттар. Бу сурук бастаан “Коммунист” хаһыакка уонна КПРФ Саха сиринээҕи рескомун сайтыгар бэчээттэммитэ.
Кэлин биллибитинэн, суругу Людмила Степанова диэн бу сайын саҥа олохсуйбут, 72 саастаах биэнсийэлээх дьахтар суруйбут. Атыттар кыттыспатахтар да курдук. Сурукка этиллэринэн, интэринээт-дьиэҕэ аһынан-таҥаһынан хааччыйыы быстар мөлтөх. “Биһиги мэлдьи аччыктыыбыт, топпоппут, саҥа таҥаһы көрбөппүт даҕаны, наар эргэ таҥаһы биэрэллэр” диэн ис хоһоонноох. Ону тэҥэ, сурукка “үгүс кырдьаҕас ыалдьан, кырдьан буолбакка, аччыктааһынтан өлөр”, “манна нууччалары туораталлар” диэн буруйдааһыннаах.
Интэринээт-дьиэ иитиллээччилэрэ биэнсийэлэрин 75%-нын туттараллар. Степанова бу бырыһыаны кыччатарга туруорсар. Кини этэринэн, биэнсийэтиттэн 1 тыһыынчаны эрэ тутан хаалар үһү. Онтон интэринээт үлэһиттэрэ 17 тыһ. солк. биэнсийэттэн 4,5 тыһ. солк. илиитигэр ылбыта диэн квитанцияны көрдөрөллөр. Онон бу сурук олоҕо сатамматах, бары өттүнэн атаҕастаммыт курдук сананар киһи кэлтэй көрүүтэ буолуон сөп.
Тутулуга суох анкета ыытыллыбытын түмүгэр, кырдьаҕастар үгүстэрэ “олорор усулуобуйабыт үчүгэй” диэн эппиэттээбиттэр.
Роспотребнадзор бэрэбиэркэтэ улахан кэһии баарын булбата. Билигин Үлэ, социальнай көмүскэл министиэристибэтин анал хамыыһыйата тэриллэн, үлэ бара турар.
Нуорматтан тутулуктаах
Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэрэ 2009 сыллаахха тэриллибитэ. Бу сыл илин эҥэр улуустарга интэринээт-дьиэлэр сабыллыбыттара, олор иитиллээччилэрэ манна көһөн киирбиттэрэ. Билигин бу тэрилтэҕэ 151 киһи олорор, мантан 40 киһи – сытар ыарыһахтар.
2016 сылга бу тэрилтэҕэ судаарыстыбаттан 5,8 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Ол гынан, интэринээт үлэһиттэрэ аҥардас бүддүөт харчытыгар сэлээннэммэттэр. Хаһаайыстыба тэринэн, оҕуруот аһын үүннэрэн эбинэллэр. Иитиллээччилэртэн кыанар өттүлэрэ тэпилииссэҕэ үлэлииллэр. “Алаас” диэн култуура-сынньалаҥ киинин тэрийэн, саалатын куортамнаан, эбии дохуот аахсаллар. Ону тэҥэ интэринээт олохтоохторо биэнсийэлэрин 75 %-нын туттараллар. Бу мантан бүддьүөтү таһынан барыта 4,4 мөл. солк. киирбит.
Биир киһи аһыырыгар күҥҥэ 205 солкуобай көрүллэр. Дириэктэр Анна Слепцова быһаарарынан, бу суума нормативтан тутулуктаах. Күҥҥэ 2500 калорийдаах меню нуорма быһыытынан бэриллэр. Ас бородууктатынан тендергэ кыайбыт тэрилтэ хааччыйар. 2500 калорийдаах аһы аһыыр кырдьаҕастар аччыктаан өлбөттөр ини диэн санаа үөскүүр.
Интэринээт олохтоохторо биир дьиэҕэ хаайтаран олорбокко, киинэҕэ, театрга сылдьаллар. Сайын чугас улуустарга сир астыы, балыктыы тахсаллар. Оннооҕор социальнай туризм чэрчитинэн, Кытайга, Францияҕа, Египеккэ, Москва аттыгар “Бэс чагда” санаторийга сынньаммыттара.
Куһаҕан да үчүгэйдээх
Билиҥҥи Интэриниэт үйэтигэр үчүгэй да, куһаҕан да сонун олус түргэнник тарҕанар. Социальнай ситимнэргэ, сайтарга дьон элбэхтик ырыталлар, кэпсэтэллэр. Ол эрээри, буоларын курдук, үксүгэр туораттан көрөн олорон кириитикэлииллэр. Кинилэри “дьыбаан экспердэрэ” диэн ааттыыллар. Ол аата бэйэлэрэ тугунан эмит кыттыһар, көмөлөһөр, кыһалҕаны быһаарар санаалара суох эрээри, хайаан да кириитикэлээн тэйэллэр. Үгүстэр “тэрилтэ үлэһиттэрэ сиэбиттэр-аһаабыттар” диэн туох да дакаастабыла суох кэлтэйдии буруйдаан кэбиһэллэр.
Ол биир сайт форумугар ырылыччы көһүннэ. Дьиҥнээхтии көмөлөһүөн баҕалаах, быһаарсар санаалаах киһи тарбахха баттанар.
Куһаҕан да үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, бу сурук уопсастыба араас кыһалҕатын арыйан көрдөрдө. Бастакытынан, маннык интэринээт-дьиэлэр, оҕо дьиэлэрин кыһалҕаларыгар болҕомто ууруллан, эбии үп-харчы көрүллэн, быһаарыллар кыахтаныахтарын сөп. Холобур, дьокутаат Виктор Губарев үбүлээһини улаатыннарары туруорсуом диэн этэр. Иккиһинэн, уопсастыба, дьон болҕомтото хатаныан, сыһыана уларыйыан наада.
Омук дойдуларыгар волонтерскай хамсааһын күүскэ сайдыбыт. Волонтердар кыаммат-тиийиммэт дьоҥҥо ис сүрэхтэриттэн көмөлөһөллөр, “шефтэһэллэр”. Тулаайах оҕону, эбэтэр кырдьаҕаһы өрөбүл күн дьиэлэригэр ылаллар, араас тэрээһиннэргэ сырытыннараллар. Биһиэхэ маннык уопут өссө тарҕана илик.
Онон “судаарыстыба көрүө-харайыа”, “биһиэхэ туох да сыһыана суох” диэн сэлээннэнэн кэбиспэккэ, уопсастыба эмиэ кыттыһыан, кыһалҕаны быһаарсыан наада.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА.
Эксперт санаата
“Подъемнигы туруорсуом”
Елена Голомарева, Ил Түмэн дьокутаата, ОНФ регионнааҕы штабын чилиэнэ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев уопсастыбаннай приемнайын салайааччы:
«Людмила Григорьевнаны кытары балтараа чаас устата кэпсэттибит. Кини уустук олохтоох киһи. Бу интэринээт-дьиэҕэ кэлбитэ аҕыйах ый буолбут, өссө да кыайан үөрэнэ илик көрүҥнээх.
Дьиэни-уоту, хостору кэрийтэлээн баран, барыта ыраас, олорорго табыгастаах диэн көрдүм. Социальнай тэрилтэ үлэһиттэрэ кинилэр кыһалҕаны билбэккэ олороллорун туһугар улахан үлэни ыыталлара көстөр.
Биир итэҕэһэ диэн – лифт суоҕа. Үс этээстээх дьиэҕэ лифт көрүллүбэтэх. Биир үөһэ таһаарар подъемник баара наар алдьанар эбит. Онон эбии икки подъемнигы оҥорторор туһунан Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр дьокутаат быһыытынан ыйытык ыыттым.
Астара-үөллэрэ бары ирдэбиллэргэ, нуормаҕа эппиэттиир».