… Биир күн командировкаттан кэлэн иһэн, өр көрбөтөх батсааппын көрө түспүтүм, билэр-билбэт дьоммуттан хас да айманыылаах сурук кэлбит: Оҕом уопсайга киирбэт кутталланна, көмөлөһүөҥ дуо?
Манна киһи соһуйара суох. Оччоттон баччааҥҥа диэри ыксаабыт дьон суруналыыһы көрдөһөр-эрэнэр тиһэх инстанция буоларын курдук саныыларыгар үөрэнэн хаалбыт киһи быһыытынан, бу боппуруоска үлэлэһэргэ сананным. Кырдьыга да, кэлиҥҥи сылларга устудьуоннар уопсайга киириилэрэ сытыырхайда эрээри, бу кыһалҕа биир да хаһыакка иҥэн-тоҥон ырытылла илик диэн санаалаах, ох курдук оҥостон, Сэргэлээх уопсайдарыгар тиийдим.
Устудьуон үксэ уопсайынан хабыллан эрэр
Уопсайга киирии үгэннээн турдаҕына, бастатан туран сырыыбын 17-с куорпустан саҕалыырга сананным. 39 сыл анараа өттүгэр арыллыбыт уопсайга сүрүннээн биолого-географическай факультет, билиҥҥинэн естественнэй наука институтун устудьуоннара олороллор. Миигин бэрт элэккэй майгылаах, киһини ис иһиттэн бэйэтигэр тардар уопсай комендана Матрена Ноговицына көрсөр.
- Матрена Андреевна, быйыл устудьуоннар уопсайга киириилэрэ олус уустугурбут үһү дии. Ол эйиэхэ, уопсай коменданын быһыытынан көрүүгэр, билиннэ дуо?
- Быйылгы үөрэх дьылыгар 17-с куорпуска естественнэй наука институтугар 380 миэстэ бэрилиннэ. ХИФУ историческай факультета 137 миэстэни ылан олорор. Урут хотугу улуустар устудьуоннара чэпчэтиинэн туһаналлара. Билигин аан бастакынан дьиэ кэргэн уопсай дохуота учуоттанар буолла. Оҕолортон ыйытылаһан биллэхпинэ, наһаа элбэх докумуон ирдэнэр буолбут дииллэр. Сырыы суох, сибээс мөлтөх нэһилиэктэриттэн оҕолор тустаах докумуоннары ыыттаралларыгар эрэйдэнэллэр быһыылаах. Барыта “оригинал” ирдэнэр буолан, факсынан ыытыллыбыт докумуон ылыллыбат эбит. Дьиҥэр эрдэттэн приемнай хамыыһыйаҕа докумуоннары ылалларыгар ирдэнэр докумуоннары кытта тэҥҥэ төрөппүт дохуотун туһунан ыспыраапканы көрдүүллэрэ эбитэ буоллар, оҕолор эрдэттэн бэлэмнээх буолуохтарын сөп этэ. Үөрэххэ ылыллыбыт бирикээстэрин кэнниттэн атырдьах ыйын 25-тэн уопсайга киирэр докумуоннары туппутунан бараллар. Онон оҕолор үспүөйдээн ыспыраапка хомуйбат түбэлтэрэ үгүс. Ол эрээри быйылгыттан ыла факультеттар бэйэлэрин профсойуустара туспа мунньахтаан “Иккис поток” диэн ааттаан уопсайдарга ылыы бэрээдэгин олохтоон, оҕо үксэ уопсайынан хабыллан эрэр. Онон улахан уларыйыы суох. Быйылгыттан үрдүкү куурустарга улахан чэпчэтии буолла. Урут баччаларга дуогабар эккирэтиһиитэ буолар этэ. Билигин уопсайга олорбут оҕолор дуогабардара уопсайдарга бэйэлэригэр баар. Ол иһин аттестацияны ааспыт оҕолор дуогабардарын мантан ылаат, докумуоннарын судургутук толорторор буоллулар. Бүгүҥҥү туругунан (балаҕан ыйын 2 күнэ) 17-с корпуска 262 устудьуон киирдэ (“иеннэр” — естественнэй наука институтун устудьуоннара — 196, историческай факультет – 65). Ону тэҥэ уопсай аайы баар “Эскулап” диэн медицинскэй институт устудьуоннарын биригээдэлэриттэн иккилии устудьуон олоро киирэр. Бу мединститут үрдүкү кууруһун устудьуоннара. Кинилэр уопсайга олорор оҕолор эмискэ ыарыйдахтарына маҥнайгы көмөнү оҥороллор, сүбэ-ама биэрэллэр. Быһата, кинилэргэ практика кэриэтэ.
- Сорох уопсайдарга хостор кураанах тураллар дииллэрэ кырдьык дуо?
- Аньыы даҕаны, оннук олох суох! Уопсай комендана ханнык хоско хас оҕо олорорун эндэппэккэ билэр. Сотору-сотору бэрэбиэркэлиир буолан, хоско ким эмэ хас да хонукка суох түбэлтэтигэр хайаан да билсэ олоробут: “Бу оҕо тоҕо суоҕуй?” – диэн. Онон кураанахсыйан турар хостооҕор буолуох, кураанах орон да суох.
- Уопсайга бэрээдэк хайдаҕый?
- Билигин аныгы үйэ буолан, ураты бэрээдэктээх оҕолор көлүөнэлэрэ кэллэ. Барыны бары билэр ыччат буолан,олоххо көхтөрө, актыыбынайдара да сүрдээх.
Ыччат бэйэтин быраабын туруулаһар
17-с куорпус коменданын кытта кэпсэтэн баран, уопсай сып-сырдык көрүдүөрүн устун хааман иһэн: «Дьэ, олох уларыйар да буолар эбит! Отучча сыллааҕыта номнуо эргэрэн эрэр уопсай олох саҥатыгар түспүт. Бу килэйэн-халайан турарын көр», — дии санаан, аны устудьуоннар куораттарын дирекциятын туһаайытын тутустум.
Петр Шамаев — устудьуоннар куораттарын дириэктэрэ. Киһи кинини омос көрөөт, устудьуон уол олорор диэх курдук. Ол эрээри кэпсэтэн бардахха, эн иннигэр дьыаланы төрдүттэн билэр, уопуттаах салайааччы буолан, киһи санаатын табар.
- Петр Витальевич, уопсайга киирии, ордук бастакы куурустарга, быйыл олус сытыырхайбыт курдук этэллэр. Бу төһө оруннааҕый?
- Сыл аайы устудьуоннар уопсайга киириилэрин хайа кыалларынан чэпчэтэ сатыыбыт. Арай докумуон хомуйуутугар уустугурбут буолуон сөп. Кэлиҥҥи кэмҥэ сорох ыспыраапка чахчылара сөп түбэспэт түбэлтэтэ элбээн, төннөрүллэр докумуон үгүс.
- Ол сыыһа чахчы тахсыбыта хайдах биллэрий?
- Дьиэ кэргэн састаабыгар эбии киһини киллэрэр түбэлтэ элбэх. Устудьуон төрөппүттэрин дохуоттара дьиэ кэргэн ахсааныгар үллэриллэр. Онно саастарын сиппит оҕолоро кытта киирбит буолааччы. Эбэтэр дьоҕус бизнестээх дьон ханна үлэлииллэрин ыйбаттар. Оччотугар бу киһи төһө дохуоттааҕа биллибэт. Сүрүннээх көрдүүр докумуоммут – “Форма-2”. Бу докумуону улуустааҕы социальнай управлениелар эрэ биэрэллэр. Кыаммат дьон ахсааныгар киирбэт устудьуоннар бэйэлэрэ бэйэлэригэр ыспыраапка суруйар чахчылара тахсааччы.
- Тыа сиригэр улахан дохуоттаах да киһи аҕыйах ини. Ол ирдэниллэр дохуот кээмэйэ төһө буолуохтааҕый?
- Тиийинэн олоруу кээмэйэ – 15 тыһ. солк. Онтон кыра баар буолла да, “Форма-2” ыспыраапка бэриллэр. Онтон үрдүк буоллаҕына, чэпчэтии көрүллүбэт.
- Ол аата бу докумуону ыларга дохуот хайдах ааҕылларый?
- Холобура, биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ ийэлэрэ 30 тыһ. солк., аҕалара 20 тыһ. хамнастаахтар. Бу сууманы 7 киһиэхэ түҥэттэххэ, дохуот кээмэйэ тахсан кэлэр.
- Уопсайга киириини сыл аайы ырытан, тэҥнээн көрөҕүт дуо?
- Бу боппуруос сытыы буоларын быһыытынан, өрүү хонтуруолга турар. Былырыыҥҥы чахчыны холобурдаатахха, икки эрэ институкка (“горнай”уонна “автодорожнай”) уочарат баара. Атын устудьуоннар бары уопсайынан хааччыллыбытара.
- Бу маны хайдах ситиспиккитий?
- Оҕолору тус бэйэлэрин кытта ыкса үлэлэһэн. Холобура, үстүү буолан олорооччулартан: “Өссө биир киһини киллэрэргэ сөбүлэһэбит” диэн сайабылыанньа ылабыт. Үксүгэр устудьуоннар бэйэлэрин бииргэ үөрэнэр оҕолорун балаһыанньатын өйдүү сатыыллар. Бу эбии киирбит оҕо бу хоско киирдэ да, бастайааннай олорор диэн буолбатах. Миэстэ таҕыста да, атын хоско көһөн биэрэр.
- Академтан кэлбит устудьуон оннугар олорбут оҕо быйыл уопсайга кыайан киирбэт кутталламмыт чахчыта баар эбит…
- Суох, оннук хайдах да буолбат. Уопсайга киирии бирикээһэ факультет деканатыгар оҥоһуллар. Ол бирикээс устудьуон уопсайга киирэригэр биирдэ эрэ оҥоһуллар. Ол эбэтэр эн уопсайгар киирэргэр бирикээскэр эйиэхэ дуогабар бэриллэрин туһунан этиллэр. Ол дуогабар устудьуон үөрэҕин бүтэриэр диэри күүһүгэр сылдьар. Оннук дуогабардаах оҕо үөрэҕин бүтэриэр диэри уопсайынан хайаан да хааччыллыахтаах. Билигин устудьуону уопсайтан таһаарыы олус уустук. Үс эрэ биричиинэҕэ олоҕуран уопсайтан таһаарыллар, өскө: үөрэҕиттэн уһулуннаҕына, бэйэтэ баҕатынан сайабылыанньа суруйан таҕыстаҕына, куһаҕан түбэлтэ (өлөр) таҕыстаҕына. Коменданныын кыыһырыстаҕына дуу, дириэктэрдиин тапсыбата дуу, экзаменын туттарбата дуу диэн биричиинэ буолуо суохтаах. Сорох төрөппүт оҕото уопсайга киирбэтэҕинэ, ханна да баран кырдьыгын булбатын курдук саныыр, айманар. Устудьуон уопсайга киирэрин киирбэтин биир эрэ киһи быһаарбат. Манна юрист кыттыылаах уонтан тахса киһилээх анал хамыыһыйа үлэлиир.
Билигин бэйэлэрин бырааптарын үчүгэдик билэр, олоххо толору бэлэмнээх ыччаттар көлүөнэлэрэ кэллэ. Кинилэр уопсайга ылыы, олоруу быраабылатын олус үчүгэйдик билэллэр.
Бэлиэтээн эттэххэ…
Бу курдук уопсайга киирии саамай үгэнин саҕана Сэргэлээххэ тиийэн, тустаах дьону кытта сирэй көрсөн кэпсэттим. Уопсайга киирбэккэ сылдьар оҕону анаан көрдөөн көрдүм. Булбатым. Көрсөн кэпсэппит ыччаттарым бары оннуларын булбуттар.
Биллэн турар, бастакы кэмҥэ төрөппүт барахсан: “Тоҕо мин оҕом уопсайтан матта?!” диэн айманара сөп курдук. Этэргэ дылы, тыаттан кэлбит оҕоҕо “буһуу-хатыы” бастакы этааба буоллаҕа. Онон бу күннэргэ бастакы айманыы ааһар түгэнэ үүннэ. Үгүс устудьуон деканаттара быһаарар “Иккис поток” диэн кэтэһиилээх быһаарыыларын эрэнэ күүтэр.
Елена ПОТОЦКАЯ