“Уопсай сүбэнэн оҕолору үллэрбиттэр…”

20.01.2020
Бөлөххө киир:

Бу маннык олоххо буолуон сөп дуо? Саҥа төрөөбүт оҕону төрөппүттэриттэн, бииргэ төрөөбүттэриттэн арааран, дьылҕатын уларытар диэн, төһө да соруйан буолбатаҕын иһин, холуобунай буруйга тэҥнэһэрэ дуу? Төлкөнү түҥнэрии диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Төһөтүн да иһин, уустук дьыала.

Соторутааҕыта социальнай ситиминэн:Ити “Иза уонна Лиза” диэн киинэни көрөн баран, ийэм төрөппүт уолун, бииргэ төрөөбүт убайбын ирдэһэр са­наам хос күөрэ­йэн кэллэ.

1951 сыллаахха кулун тутар 21 күнүгэр Сунтаар оройуонун Сиэйэтигэр үс дьахтар оҕолорун балыйсыбыт. Онтон уопсай сүбэнэн оҕолору үллэрбиттэр. Мин ийэбэр, маҥан дьахтаргын диэн кубаҕай, төрүү ыарыһах оҕону биэрбиттэр. Биэс сааһыгар диэри хаампакка олорон баран, өлбүт. Туох ыарыылааҕа биллибэт. Ону ийэм, эһиэхэ майгыннаабат оҕо этэ, мин оҕобун атын дьахтар ылбыт диирэ. Биирин — Сиэйэҕэ олорор Афанасьевтар уолларын көрөн баран, миэнэ ­буолбатах диэбитэ. Үһүс дьахтар аата биллибэт. Аҥаардас дьахтар үһү, Сиэйэттэн барбыт. Онон ийэм оҕотун булан көрбөтөх.

Онон ити күн Сиэйэҕэ төрөөбүт эр киһини билэр буоллаххытына, эрийиҥ» диэн сурук тарҕаммыта.

“Убайгын булаар” диэн кэриэһин эппитэ

Бу сурук ааптарыгар эрийэ сырыттыбыт. Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгэр олорор Мария Матвеевна Данилова диэн эбит. Кини бу курдук кэпсээтэ:

— Ийэм сырдык хааннаах этэ эрээри, бииргэ төрөөбүттэр төрдүөн аҕабытын батан, кыа­һаан соҕуспут, хара харахтаахпыт, баттахтаахпыт. Онон ийэм ­“эһиэхэ майгыннаабат оҕо этэ” диирэ оруннаах. Ол оҕо хаартыската да хаалбатах. Аҕам ханна кистээбитин ийэбэр эппэтэх, онон ханна көмүллүбүтэ да биллибэт.

Иккис дьахтар: “Мин оҕолорум бары кэтэхтээхтэр, онон оҕом бу баар” диэн талан ылбыт. Кэлин ийэм ол оҕону көрөн баран, “миэнэ буолбатах” диэн билиммит. Оччолорго улуус кииниттэн тэйиччи сытар Сиэйэҕэ аттынааҕы нэһилиэктэртэн – Кутанаттан, Түбэйтэн, Түбэй-Дьаархантан, о.д.а. киирэн, дьахталлар төрүүллэр эбит. Онон төрүүр дьахтар элбэх, бэйэ-бэ­йэлэрин билсибэт үлүгэрэ эбит. Санитарка бутуйбута дуу, биркалара түһэн хаалбыта дуу? Билигин кэлэн, ону хайдах быһаарыаҥый?

Ол үһүс дьахтар Кутанаттан киирбит, онно да хантан эрэ кэлбит, аҥаардас дьахтар эбит. Сотору буолаат, оҕотун илдьэ көһөн барбыт, ханна барбыта, аата-суола биллибэт. Аҥаардас буолан, оҕону иитэрин ыарырҕатан, баҕар, ханна эрэ хаалларбыт буолуон сөп дииллэр.

Ийэм барахсан өлүөр диэри “оҕом тыыннаах, сүрэҕим сэрэйэр” диэхтиир этэ. Бачча сыллар тухары санаатыгар тута сылдьаахтаабыт. Өлүөн иннинэ “убайгын бу­­лаар” диэн миэхэ кэриэһин эппитэ. Урут эмиэ көрдөөн көрбүтүм да, мэлийбитим.

— Оттон ЗАГС, архыып докумуоннарын хасыһан, ол дьахтар, оҕо ааттарын-суолларын булар кыаллыбат дуо? Ааттарын биллэххэ, көрдүүргэ чэпчэки буолуо этэ. Оччотугар “Жди меня” биэриигэ да сурук ыытан, көрдөтүөххэ сөп буоллаҕа дии…

— Улуустааҕы  салааҕа бара сылдьыбыппын, чугаһаппатахтара, суут нөҥүө быһаарсаҕын диэбиттэрэ. Онон хайдах, ханна көрдүүрбүн да билбэппин.

Убайым баар буоллаҕына, 69 сааһын туолуохтаах. Баҕар, интэриниэт ситиминэн, хаһыат нөҥүө ааҕан, сүрэҕэ таайан, булан ылыа диэн эрэнэбин…

“Атын киһи олоҕунан олорор курдукпун…”

Соһуйуох иһин, аныгы да олоххо маннык түбэлтэ тахсара аҕы­йаҕа суох эбит.

Иллэрээ сыл биир маннык тү­­бэлтэ тахсыбыта биллибитэ. Ньурбаҕа 1985 сыллаахха биир күн икки уол оҕо төрөөбүт. Биир ыал, сотору буолаат, Орто Азияҕа көспүт. Онно өссө икки оҕоломмуттар.

Аҕалара иһэр-аһыыр, оҕолорун, кэргэнин кэһэтэлиир, куттуур эбит. Улахан уолун “мин оҕом буолбатах” диэн, төрүт сөбүлээбэтэ үһү. Ол иһин уол бу ыалга бэйэтин көмүс­кэллээх курдук санаммакка, абааһы көрүллэн улааппыт. 13 саастааҕар төрөппүттэрэ арахсыбыттар. Ийэлэрэ оҕолорун кытта Ньурбаҕа төттөрү көһөн кэлбиттэр. Уол улаатан баран, аҕатын аатыттан, араспаанньатыттан аккаастаммыт.

4 сыллааҕыта ийэтигэр “оҕолору бутуйбуттар” диэн биллэрбиттэр. Ол ыалга тиийэн, уол хаартыскатын көрөөт, “үүт-үкчү кэргэним курдук эбит” дии санаабыт. Бу ыал аҕалара эмиэ уолу бэйэтин оҕотунан билиммэккэ, кэргэнин күнүүлээн, арахсыбыттара ырааппыт эбит.

Онтон сылтаан, Орто Азияттан кэлбит ийэлээх уол ДНК-чинчийиини оҥорторбуттар. Уфатааҕы «ИНТО-Стил» лабораторията ийэлээх уол аймахтыы буолбатахтарын бигэргэппит (0%).

Онон бу эдэр киһи Ньурбатааҕы төрүүр дьиэни, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин суукка биэрбит. “Мин оонньооботох оҕо сааспын ким да төннөрбөт. Аҕабыттан абааһы көрүллэн улааппытым. Олохпор элбэх ыарахаттары көрсүбүтүм. Мин дьылҕам атын буолуохтаах этэ. Атын киһи олоҕунан олорор курдукпун”, — диэн кини этэр.

Бульмагалар ииппит уолларын кытта.

Молдоваттан – Саха сиригэр

Молдоваҕа Калараш куоракка олорор Николай, Виктория Бульмага диэн ыал 1992 сыллаахха уол оҕоломмуттар. Бу күн Мария Спыну диэн дьахтар эмиэ төрөөбүт.

Бульмагалар уолларын Андре­йы дьон “төрөппүттэригэр майгыннаабат” диэн сипсиһэллэр эбит. 16 сааһын туолбутун кэннэ, пааспар ыларыгар хаанын группата наада буолбут. Уоллара сөп түбэспэт хааннаах буолан биэрбит. Онтон сиэттэрэн, ДНК-анаалыһы оҥорторбуттара, кинилэр төрөппүт уоллара буолбатах эбит. Салгыы Марияны көрдөөбүттэр.

Виктория Бульмага төрөппүт уолун кытта.

Мария Спыну оҕотун илдьэ Саха сиригэр кэлэн олохсуйбут эбит. Уола улааппытын кэннэ, арыгы иһэ сылдьан, бытарҕан тымныыга тоҥон өлбүт. Онон уола Федор, ыраах Молдоваҕа дьиҥнээх төрөппүттэрэ баалларын билээт, онно көһөн тиийбит. Кини ордук ийэтигэр маарынныыр эбит. Бульмагалар икки уоллана түспүттэр. Төрүүр дьиэни кытары сууттаспыттар эрээри, 2,5 тыһыынча евроны тэрилтэ төлүүр кыаҕа суох буолан биэрбит.

Юлия Андрущак уонна Наймат Искандеров оҕолорун кытта.

Икки оҕону иитэр

Арассыыйаны, атын да дойдулары ылан көрөр буоллахха, хомойуох иһин, маннык түбэлтэлэр аҕыйаҕа суохтар. Сууттаспыт, тэлэбиидэнньэҕэ айдаарсыбыт түбэл­тэлэр элбэхтэр.

Элбэхтэн биир холобур. Челябинскай уобалас Копейскай куоратыгар олорор Юлия Андрущак кэргэниттэн арахсан баран, атын оҕону иитэ сылдьарын билбит. Кэргэнэ “мин оҕом буолбатах” диэн алимент төлүүрүттэн аккаастаммыт, ол иһин ДНК-анаалыс оҥорбуттар. Онно биллибит.

Көрдөөн булбута, кини кыыһа Таджикистаҥҥа баар эбит. Наймат Искандеров диэн киһи нуучча кэргэнэ арахсан барбыт, кыыһын ыла сатаабатах. Онтон Искандеров саҥа кэргэннэммит, өссө биэс оҕоломмуттар. Улахан кыыһы, мусульманнар үгэстэринэн, кытаанахтык иитэллэр эбит.

Айдаан тахсан, сууттаһан, эмсэҕэлээбит төрөппүттэр үстүү мөлү­йүөн солкуобайы ылбыттар. Ол харчынан Искандеров дьиэ туттубут, Юлия кыыһыгар анаан иккис кыбартыыратын атыыласпыт.

Билигин Юлия кыргыттары иккиэннэрин иитэр. Төрөппүт кыыһын, хаан-уруу оҕотун 16 сааһыгар эргэ биэрэн, үөрэттэрбэккэ, дьиэҕэ хаайан олоруохтара диэн санааттан, сууттаһан, төрөппүт ийэтэ буоларын дакаастаабыт. Төһө да соҕотоҕун икки оҕону иитэр, үөрэттэрэр ыараханын иһин, ийэ кэмсиммэт.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0