Уопсай абааһыта

Ааптар: 
07.11.2019
Бөлөххө киир:

Хас да сыллааҕыта Олимпийскай дэриэбинэ диэн аатырар устудьуоннар олорор саҥа уопсайдара үлэҕэ киирбитэ. Онно абааһы баар үһү диэн устудьуоннары уонна куорат олохтоохторун  тилийэ көппүт.

Буоларын курдук, этэрбэс араадьы­йата үлүннэрэ-үлүннэрэ эбэн, сурах тэнийдэр-тэнийэн испит. Атын куор­пустарга олорор устудьуоннар: «Кырдьык  үһү, түүлээх барабашканы  көрөн баран, хас да оҕо түннүктэн ыстаныталаабыттар үһү, ону уотунан ыраастыы сатаабыттар», — диэн кэлэн кэп­сээбиттэр. Саҥа куорпус тутуллубут сиригэр соторутааҥҥа диэри эргэ ­дьиэлэр турбуттара, оттон сорохтор кэпсииллэринэн, кылабыыһа баар дииллэрэ. Ол чуолкайдамматах. Былыргы дьыллар быыллаах сабыыларын бүрүнэн, өссө туох-ханнык кистэлэҥнэрин эппэккэ тураллара буолуой?

Тыала суохха мас хамсаабат. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ хайдаҕын, төһө сымыйатын-чахчытын билээри, саҥа куорпуска тиийэ сырыттыбыт.

Бу куорпуска 255 оҕо олорор. Ахсынньы саҥатыттан киирбиттэр. Манна кэрийэн көрө сылдьан, гостиницаҕа  сылдьар курдук сананаҕын. Секционнай блоктарга иккилии буолан олороллор. Маннык уопсайга киһи эрэ олоруон курдук.

Устудьуоннар бэйэлэрин истэригэр араас санаа баар. Уолаттар: «Сымыйа буолуо, бэйэлэрэ санааларыгар оҥорон көрөн, итэҕэйэн кэбиспиттэрэ буолуо. Көрбөтөхпүт, абааһы суох», — дэһэллэр.

Оттон иккис этээскэ ол «абааһыны көрбүт» секцияларыгар түһэ сырыттыбыт. Билигин ол айдааннаах хоско олорор кыргыттары кытта кэпсэттибит. Дьиҥнээҕэ маннык эбит. Аан бастаан оҕолор көһөн кэлэллэригэр, биир уол утуйа сыттаҕына, сирэйин түүлээх илии таарыйбыт диэн буолбут. Онтон кэнники ИФК бастакы кууруһун уолугар көстөр буолбут, кинини аһаҕас харахтаах дииллэр эбит. Ол уол биир киэһэ ньиэрбинэйдээн арыгы иһэ сылдьыбыт. Кыргыттар иһиттэхтэринэ, эмискэ хос иһигэр айдаан, хаһыы-ыһыы бөҕөтө буола түспүт. Сүүрэн тахсан көрбүттэрэ, уоллара көрүдүөргэ охто сытан, тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ: «Ол сылдьар! Абааһы сырса сылдьар!» — диэн хаһыытыыр эбит. Ойон туран, көрүдүөр түннүгүн аһа сатаабыт. Оҕолор олус диэн куттаммыттар. Уолаттар уоскутан, хоһугар аҕалан хатаан кэбиспиттэр. Онно дьэ, ол түүн, абааһыттан куотабын диэн, иккис этээс түннүгүттэн ыстанан кэбиспит. Ойоҕоһун тосту түһэн балыыһаҕа киирбит. Хос кураанах турдаҕына, магнитофон быатыгар проводтара хатыһан, уот туран, баһаар буола сыспытын умуруорбуттар. Кураанах хоско ким магнитофон холбообута өйдөммөт. Уопсайынан, бу түбэлтэҕэ киһи ылбычча итэҕэйэрэ кыаллыбат. Тоҕо диэтэргит, биир киһи көрөрүн галлюцинация диэн этиэхтэрин сөп.

Бу курдук оҕолору кытары кэпсэтэн баран, туох диэн санааҕа кэлэбитий? Илэ көрбүт киһи соҕотох. Үгүстэр: «Сымыйа, үлүннэрэн кэпсииллэр. Куттуу сатыыллар», — диэн санаалаахтар. Ол да буоллар, маннык түбэлтэлэри чинчийэр дьон кэлэн билсэн, көрөн, ­ыраастаан барбыттар. Ааннар чанчыктарыгар уруһуй (схема) хаалларбыттар. Этэргэ дылы, итэҕэй-итэҕэйимэ диэбит курдук…

Ангелина Васильева, Феодосия Саввинова.

“Эдэр саас” хаһыат, 2001  сыл, тохсунньу.

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0