«1992 сыллаахха матасыыкылынан айаннаан иһэн, төбөбүнэн маска охсуллан, улахан эчэйиини ылан, аҥар өттүм аккаастаан, күн бэҕэһээ сүүрэ-көтө сылдьыбыт эдэркээн дьахтар суорҕан-тэллэх киһитэ буолар кыһыытын-абатын эппинэн-хааммынан билбитим. Бэйэм күүстээх санаалаах эрэ буоламмын атахпар туран, бу бачча сааспар диэри этэҥҥэ сылдьабын», – диэн Кэбээйи улууһун Арыктаах нэһилиэгин олохтооҕо Маргарита Ноговицына кэпсээн турардаах.
Олох олоруу хонууну туорааһын буолбатах диэн, кырдьык даҕаны, мээнэҕэ эппэттэр. Олохпут баҕабыт хоту эриэ-дэхситик устан ааспат. Маргарита Анхоновна оллурдаах-боллурдаах кэпсээнин истэ олорон, ама ити барыта бу орто омурҕанын саҥа ааспыт дьахтарга сыһыаннаах дуо дии саныыгын. «Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа сыттахпына салгыы эмтииртэн аккаастанан, Медцентрга атаарбыттара. Онтум баара, Медцентр быраастара сыыһа эмтээннэр, олох даҕаны анараа дойдуга аттана сыспытым. Бу дойдуга сытан киһи-хара буолар кыаҕа суохпун өйдөөн, төттөрү өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа көһөрөллөрүгэр көрдөспүтүм. Саҥа дьыл чугаһыгар быраастар консилиумнаан баран, бу дьахтар уһаабыта үс ыйга эрэ барыаҕа диэн быһаараннар, балыыһаттан таһаарбыттара. Истэргэ олус ыарахан этэ. Ону ол диэбэтэҕим. Уонча хонугунан бэйэм күүспүнэн, кимтэн да өйөбүлэ суох мас баттыгынан хааман бастакы хардыыларбын оҥорбутум», – диэн Маргарита Анхоновна олоҕу кытары охсуһуутун бастакы түгэнин туһунан кэпсиир.
1996 сыллаахха «Саха сирэ» хаһыат ыам ыйын 8 күнүнээҕи нүөмэригэр 74824 нүөмэрдээх байыаннай чаас 324-с мотострелковай полкатыгар сулууспалыыр рядовой Ноговицын Николай Егорович 1996 сыллаахха муус устар 24 күнүгэр Грознайга буолбут ытыалаһыыга сырдык тыына быстыбытын туһунан кутурҕаннаах сурух бэчээттэммитэ. Ноговицыннар дьиэ кэргэн утуйар ууларын көтүппүт, олохторун аймаабыт телеграмманы Маргарита Анхоновна бу сыллар тухары сыа-сым курдук тутан, дьоҕус блокнотугар кистии-саба уга сылдьар. Алдьархай соҕотоҕун кэлбэт дииллэринии, аны аҕыйах сыллааҕыта кыра уола Бүлүүттэн үөрэнэн кэлээтин кытары, төрөөбүт дойдутугар ыттыы кырбаан өлөрөннөр, ийэ барахсан муунтуйбут дууһата уоскулаҥы күн бүгүнүгэр диэри була илик.
Аны түөрт сыллааҕыта Маргарита Анхоновна массыына саахалыгар түбэһэн, алта пассажиртан кини эрэ улахан эчэйиини ылбыта. Биир дойдулааҕа эмчит Анастасия Эверстова көмөтүнэн итиэнннэ араас оту-маһы хатаран эмтэнэн, 3,5 ыйынан атаҕар турбут.
«Бастатан туран, ханнык да балаһыанньаҕа, санааны түһэриэ суохха наада. Иккиһинэн, эмкэ эрэ эрэнэр сыыһа. Салгыы доруобуйаҕын чөлүгэр түһэрэриҥ аҥардас бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Эмтэнэн тахсан баран, доруобуйаҕын чөлүгэр түһэрэргэр бэйэҥ кыһаллыахтааххын. Эмтээх оту-маһы көдьүүстээхтик туһаныы билиҥҥи кэмҥэ ордук суолталанна. Мин Дьааҥыга үүнэр бөрө сиир отунан настойка оҥорон иһэбин. Биир сэбирдэҕи биир ыстакаан оргуйбут ууга кутан көөнньөрөн, остолобуой ньуосканан күҥҥэ үстэ иһэбин. Аччык искэ иһэн баран, чаас аҥаарынан биирдэ аһыыгын. Маны таһынан Тааттаҕа үүнэр оҕонньор отун (Вероника Серая) туһанабын. Бу от алаас сиргэ үүнэр, 15-20 см үрдүктээх. Биир утаҕынан үүнэр. Бороҥ сэбирдэхтээх. Көөнньөрөн баран күҥҥэ биирдэ чаайынай ньуосканан иһэр киһи доруобуйатыгар туһалаах. Оттон иммунитеты бөҕөргөтөргө туохтааҕар да дөлүһүөн ордук. Саамай эмтээҕэ аһа. Дөлүһүөнү хомуйан аҕалаат сууйуллар. Сиидэлээн баран хаһыакка суулан уураҕын. Олус түргэнник куурар. Киэһэ утуйаргытыгар биир остолобуой ньуоска дөлүһүөнү уонна икки ыстакаан оргуйбут итии ууну тиэрмэскэ кутуллар. Сарсыарда күн устата онтукаҕын иһэҕин», – диэн Маргарита Ноговицына ыарахан ыарыыны утары тулуурдаахтык охсуһан, дьоҥҥо-сэргэҕэ сүбэлиир.
Анивера АКИМОВА.