Уон ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Авиалесоохрана иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 28 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр.

Кэнники биир хонукка 18 370 гектар иэннээх сиргэ 10 ойуур баһаара умуруоруллубут. Уоту умуруорууга 229 киһи, 54 тиэхиньикэ үлэлиир.

Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа баһаар уота суоһаабат. Бүлүү улууһун сиригэр-уотугар 10 км сиргэ бохсуллубут биир баһаар күөдьүйэн салҕанар. Уус Маайаҕа алта сиринэн уот көрдүгэнниирин авиабааза иһитиннэрэр, уоту умуруорууга оройуоҥҥа күүстээх үлэ ыытыллар. 124 киһилээх бөлөх, 18 тиэхиньикэ үлэлиир.

«Бүлүү оройуонугар Күбэйиндэ нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабатын туһугар Арассыыйа ЫБММ исписэлиистэрэ үлэлэһэллэр. Мониторины оҥорорго суукка устатыгар РСЧС (биир кэлим судаарыстыбаннай систиэмэ) алта көтөр аала үлэлээтэ. Бүгүн «Полярные авиалинии» авиахампаанньа көтөр ааллара (6) үлэни салгыыллар, Хабаровскайдааҕы авиационнай-быыһыыр киин Ми-8 бөртөлүөтэ Дьокуускайга бэлэм турар», — диэн ЫБММ Саха сиринээҕи сүрүн управлениетын салайар Павел Гарин иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0