Уолум кэлиэ диэн күүппүтэ баара…

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу маннык түбэлтэ хам-түм тахсааччы — уоруйахха ааны киһи бэйэтэ аһан биэрээччи. Сэрэҕин умнан.

edersaas.ru

Дьокуускай куорат полициятын дьуһуурунай чааһыгар куорат олохтооҕо эрийэн, кыбартыыратыгар уоруу тахсыбытын туһунан иһитиннэрбит. Кини кэпсээбитинэн, уолун кэлэрин күүтэн, аанын хатаабатах. Уонна ол күүтэ сытан, утуйан хаалбыт.

Онтон уһуктубута — түүлээх бэргэһэтэ уонна кумааһынньыга мэлигирдэр. Кумааһынньыгар баанын каартата уонна 20 тыһыынча солкуобай харчыта бааллара үһү.

Полиция оперативниктара бу уорууга уорбаланааччыны туппуттар — ханна да үлэлээбэт, урут холуобунай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт 20 саастаах уол.

Уорбаланааччы билиммитинэн, кини итирик сылдьан, ити дьиэ подъеһыгар иттэ диэн киирбит. Ол киирэн көрдөҕүнэ, биир кыбартыыра аана «киир, баһаалыста» диэбит курдук, аһаҕас турар эбит.

Оччолооҕу көрөн баран, өр толкуйдуу барбакка, кыбартыыраҕа киирбит уонна харах далыгар сытар бэргэһэни кытта кумааһынньыгы ылан тахсыбыт.

Дьиэттэн тахсан, түүҥҥү баарга барбыт, онно ылбытын барытын уорбут баанын каартатынан төлөөбүт. Оттон харчыны талбытынан туттубут-бараабыт, бэргэһэни буоллаҕына, ол түүҥҥү баарга хаалларан кэбиспит.

Бу чахчынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибитин туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0