Ил Дархан Уол оҕо күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ үс сыллааҕыта тэриллибит Уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр.

Суолталаах бырааһынньыгынан Саха сирин олохтоохторун Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ. Аҕа баһылык бу бырааһынньык «Арассыыйа ийэлэрэ» Бүтүн сойуустааҕы уопсастыбаннай хамсааһыннарын Саха сиринээҕи салаата көҕүлээн тэриллибитин бэлиэтээтэ. Төһө да «эдэр» бырааһынньык ахсааныгар киирэрин иһин, Уол оҕо күнэ үүнэн эрэр көлүөнэни Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ уонна Аҕа дойдуну көмүскээччи оруолун үрдэтиигэ сүҥкэн суолталаах.

«Бу бырааһынньык бары төрөппүккэ, учууталга уонна настаабынньыкка өбүгэ саҕаттан бэриллэн иһэр үгэстэри тиэрдиигэ, уол оҕоҕо эппиэтинэс, туруоруммут тус сыалы ситиһии, чиэһинэй буолуу, дьиэ кэргэҥҥэ, төрөөбүт дойдутугар убаастабыллаах сыһыаны иҥэриигэ туһаайылларын өйдөтөр. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ дойду үрдүнэн биллэрбит Өйдөбүнньүк уонна албан аат, Саха сиригэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар биһиги аҕа саастаах көлүөнэни – дьоруойдар көлүөнэлэрин кытта ыччаппытын ыкса сибээстииргэ улахан болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Биһиги сүрүн сорукпут — оҕолорбут кэнэҕэс ситиһиилээх буолаллара уонна бэйэлэригэр эрэллээх буолан, олоххо таба суолу булуулара. Уол оҕо күнэ үгэс быһыытынан хас биирдии дьиэ кэргэни уонна өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун ил-эйэ бырааһынньыга буолан сомоҕололоотун!», — диэн бэйэтин эҕэрдэтигэр анаан бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0