Уолбаҕа биэс харахтаах харысхалы оҥордулар

Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Уолба нэһилиэгэр Боппосовтар диэн талааннаах уус дьон олороллор.

Сыл ахсын Михаил Боппосов балбаахтан оҥоһуга бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанар, дьон биһирэбилин ылар. Саҥа дьыл кэнниттэн Михаил Боппосов аймахтарын, оҕолорун кытта нэһилиэктэрин эбэтигэр «биэс харах» харысхалы оҥорбуттар. Дьаҥтан, ыарыыттан, бары куһаҕантан бар дьону харыстыыр харысхал эбэ нэлэһийэр хаар туонатыгар оҥоһуллубута үөһэттэн  көрүүгэ ураты көстүү.

Михаил Трофимович бу харысхал дьаҥтан харыстыыр диэн быһаарда.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0