Аныгы дьон “кэмчилээһини” олохторугар хото киллэрэн туһанарга дьулуһаллар. Үгүстэр олох-дьаһах хомунаалынай өҥөтүн төлөбүрүн көҕүрэтиэхтэрин баҕараллар. Булгуруйбат төлөбүрү таһынан, сөптөөх тэриллэри туһанан уот харчытын балачча кэмчилиэххэ сөп эбит. Хайдах? “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр «Якутскэнергосбыт» Уһук Илиҥҥи энергетическэй хампаанньа” ПАУо исписэлиистэрэ сүбэлээбит судургу эрээри көдьүүстээх ньымаларын билиһиннэрэбит.
Сүрүн быраабылалар
- Хостон-хоско бараргытыгар уоккутун умуллара сылдьыҥ. Хаамыы сылааһынан сирдэтинэн бэйэлэрэ умайар-умуллар датчиктары (тепловые датчики движения) холбооҥ, оччотугар лаампалар бэйэлэрэ арахсыахтара.
- Чопчу миэстэҕэ тыгар тэрили туһаныҥ: сырдатыы (подсветки), торшер, бра. Холобур, хас сырыы аайы сүрүн уоту холбообот инниттэн, хоско светодиоднай лиэнтэнэн сырдатыыны туруоруҥ.
- Ыраастык туттуу экэниэмийэни мэктиэлиирин умнумаҥ. Кирдээх түннүк уонна быыллаах лаампа (плафон) хос сырдыгын 35% мөлтөтөллөр.
- Дьиэҕитин өрөмүөннүүргүтүгэр сырдык истиэнэ уонна миэбэл сырдык тыгыытын 80% диэри төттөрү тэйитэрин учуоттааҥ, оттон хараҥа – баара-суоҕа 12% эрэ.
- Уоту кэмчилиир (энергосберегающие) уонна светодиоднай лаампалары туруоруҥ. Маннык биир лаампаны туруоруу сылга ортотунан 1 000 солкуобайы кэмчилиэҕэ.
- Икки тарыыптаах счетчигы (двухтарифный счетчик) туруоруҥ.
Дьокуускай куорат үгүс дьиэлэригэр маннык аныгы счетчиктар номнуо холбонон тураллар, ол эрээри, эһиэхэ билигин даҕаны эргэ турар түгэнигэр икки тарыыптаахха уларытыҥ. Бу счетчиктар түүнүн уоту кэмчилииллэр. Киэһэ 23.00 чаастан сарсыарда 7.00 чааска диэри түүҥҥү тарыып күнүскүтээҕэр үс гыммыт биирин саҕа чэпчэки. Маннык счетчиктар дьиэ кэргэн киэҥ киэлилээх бытовой прибордары туттарыгар барыстаахтар: иһит уонна таҥас сууйар массыыналары, килиэп буһарар оһоҕу.
Электрическай прибордар
- Стабилизатордары (стабилизаторы напряжения) туһаныҥ. Маннык стабилизатордары көмпүүтэргэ эбэтэр тэлэбиисэргэ холбоон, уокка ороскуоту биллэ кыччатыахха сөп.
- Икки тарыыптаах счетчиккыт суох түгэнигэр, түүнүн сүрүн туһаныллыбат электрическай прибордары барытын араарыҥ, онтон сэрээттиир тэрили – тиэхиньикэ толору сэрээттэммитин кэнниттэн.
- Тиэхиньикэни, ол курдук микроволновканы, тэлэбиисэри, көмпүүтэри, сканеры, принтеры, модемы холбоон хаалларымаҥ (режим ожидания). Бу сылга 200 кВт кэмчилиэҕэ. Уокка холбонон турар, ол эрээри үлэлээбэт дьиэтээҕи прибордар элэктэриичистибэни сиэбэттэр, онон төлөбүр сууматыгар дьайбат диэччилэр сыыһаҕыт. Прибор үлэлээбэккэ көннөрү холбонон (“спящий режим”) эбэтэр приборга кыһыл уот (“красный глазок”) холбонон турар да түгэнигэр уот туһаныллар. Бу уокка уопсай ороскуот быһа холуйан 10% ылар. Ол курдук, тэлэбиисэр күҥҥэ ортотунан түөрт чаас үлэлиир. Онтон атын бириэмэҕэ уот ситимигэр көннөрү холбонон туран күҥҥэ 1,1 кВтч, ыйга 33 кВтч сиир. Микроволновай оһох күҥҥэ — 0,4 кВтч, ыйга — 12 кВтч ороскуоттуур.
- Дьиэҕэ саамай элбэх элэктэриичэстибэ уотун сиир тэрил – холодильник. Өскөтүн холодильниккыт No Frost систиэмэтэ суох буоллаҕына, кэмиттэн-кэмигэр арааран ириэрэр ирдэнэр. Холодильник төһө кыалларынан ититэр прибордартан тэйиччи туруохтаах, кэннинээҕи эркинигэр салгын оонньуура (естественная вентиляция) хааччыйыллыахтаах.
- Электрическэй билиитэ конфорката үлэлиирин-үлэлээбэтин кэтээн көрүҥ уонна тэҥ түгэхтээх кээмэйигэр сөп түбэһэр эрэ иһити ууруҥ.
- Көстүрүүлэни уонна хобордооҕу хаппахтыы сылдьыҥ, хаппах сылааһы үс төгүл тутар. Аһылыгы хаппахтаах буһарардааҕар, хаппаҕа суох буһардахха, уот үс төгүл элбэхтик ороскуоттанар.
- Таҥас сууйар массыынаны наһаа ноҕуруускалаабакка (олус элбэх таҥаһы уктахха ороскуоту 10% диэри үрдэтэр) уонна орто сылаас ууга сууйа сатааҥ. Холобур, 60° кыраадыс сылаас уутааҕар, 90° кыраадыстаах ууга 35%-нан аҕыйах эниэргийэ барар.
- Кондиционергыт вентиляторын уонна фильтрин кэмиттэн-кэмигэр ыраастааҥ.
- Таймердаах электрическай розеткалары туһаныҥ.
Уоту кэмчилиир бытовой тиэхиньикэ
- Бары электрическай прибордар A+++ G диэри латинскай буукубанан бэлиэтэнэллэр. Кыра уоту сиир, А буукубанан бэлиэтэммит тиэхиньикэни атыылаһыҥ.
- Уоту кэмчилиир аныгы технология туһаныллар прибордарын атыылаһыҥ. Холобур, индукционнай буһарар панель туһалаах дьайар коэффициена 95%-ҥа диэри тиийэр.
Сылааһы харыстааҥ
- Оҥорон таһаарааччы туһаныллыан сөп диэн ыйбыт буоллаҕына, сылытар тэрил оннугар сылытар эрэсиимнээх кондиционеры туһаныҥ.
- Инфракраснай сылытар тэрил атыттардааҕар уоту 30-80% кэмчилиир.
- Киин ититэр ситим батарыайаларын кэннигэр сылааһы тэйитэр экраны туруоруҥ. Оччоҕо сылааһа таһырдьа барбакка, дьиэҕэ киириэҕэ.
Күннээҕи олоххутугар уоту кэмчилиир сүбэлэри туһанан, эһиги ороскуоккутун аччатаргыт таһынан, айылҕаҕа биллэр улахан көмөнү оҥороҕут. Дизельнэй оттукка салгыҥҥа углекислай гаас (С02) уонна диоксид азота (М02) курдук компоненнар тахсаллар. Углекислай гаас салгыҥҥа мунньуллан парниковай дьайыыны оҥорон, сир сыыйа ириитигэр (глобально потепление) тиэрдэр. Парниковай дьайыы ордук хотугу айылҕаҕа, сиргэ улахан хоромньуну оҥорор. Диоксид азота харах салыҥыгар, муруҥҥа, тыынар уоргаҥҥа дьайар, эт-хаан инфекцияҕа утарсар кыаҕын намтатар. Өскөтүн өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо уоту кэмчилиир сүбэни туһаннаҕына, углекислай гаас сылга 120 туоннаҕа, диоксид азота 130 туоннаҕа диэри салгыҥҥа тарҕаныыларын намтатыаҕа.
Түмүк оннугар
Омос көрдөххө, ыйдааҕытыгар таһаардахха кыра харчы кэмчилэнэр курдук эрээри, сылга балачча элбэх суума буолан тахсар. Оттон үс, биэс сылга төһө сууманы кэмчилиэххэ сөбүн ааҕааччы бэйэҥ суоттаан көр. Якутскэнергосбыт биэрбит сүбэлэрэ да судургулар. Маҕаһыыҥҥа көҥүл атыыланар тэриллэр, прибордар. Сыаната арыый үрдүк соҕуһун иһин, номнуо аҕыйах ыйынан бэйэтин ороскуотун сабынар.
“Якутскэнергосбыт” Уһук Илиҥҥи энергетическэй хампаанньа” ПАУо исписэлиистэрэ.
Хаартыска: led-obzor.ru