УОҺУКАБЫС СҮРЭҔЭ

Ааптар: 
09.04.2021
Бөлөххө киир:

Редакцияттан. Бүгүн номоххо киирбит үөрэх инспектора, педагогика наукатын кандидата, ССРС уонна РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР үтүөлээх учуутала, «Бочуот знага» уордьан кавалера, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Иосиф Иосифович Чарин төрөөбүтэ 100 сылын туолла.

Кини 1921 сыллаахха муус устар 9 күнүгэр уруккута Байаҕантай улууһун (билиҥҥи Таатта) Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрэн физика учууталын идэтин баһылаабыта. Ленскэй, Таатта оройуоннарыгар учууталынан, норуот үөрэҕириитин салаатын инспекторынан, Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын эрэдээктэринэн, ССКП Саха АССР обкомун оскуола отделын инструкторынан, ордук уһуннук уонна таһаарыылаахтык Саха АССР Үөрэҕириигэ министиэристибэтин инспекторынан үлэлээбитэ. Өр сыллаах инспектордыыр үлэтигэр олоҕуран, 1981 сыллаахха Алма-Ата куоракка  диссертациятын көмүскээн педагогика наука кандидата аатын сүкпүтэ.

Саха интеллигенэ, дьоһун ыал аҕата Иосиф Иосифович 1983 сыл тохсунньу 20 күнүгэр соһуччу суох буолбута. Педагогика эйгэтигэр үлэтин сэргэ, кини өссө тылбаасчыт, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн, көрдөөх уонна иитэр-үөрэтэр кэпсээннэр ааптардара этэ. И.И. Чарин туһунан «Саха сирэ»  хаһыакка суруналыыс  Прокопий Караканов 1992 сыллаахха от ыйын 11 күнүгэр тахсыбыт суруйуутуттан быһа тардыыны бэчээттиибит.

УОҺУКАБЫС СҮРЭҔЭ

<…> Иосиф Иосифович Чарин үтүөкэннээх олоҕу олорбут, үлэни да үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ. Өрөспүүбүлүкэ кырдьаҕас көлүөнэ үгүс учууталлара кини аатын умнубат буолуохтаахтар. «Инспектор Чарин иһэр үһү», – диэн буоллар эрэ оскуолаларга тардыныы, урукку этиллибити, ыйыллыбыты толоруу, хайдаҕын ыйыталаһыы буоларын үгүстэр билигин да өйдүүллэр. Ол кини суостааҕыттан, ыһыытаан-хаһыытаан киирэриттэн буолбатах: ирдэбиллээҕиттэн, урукку алҕаһы, урукку сыыһаны көннөрүүгэ, туоратыыга туох үлэ барбытын иҥэн-тоҥон бэрэбиэркэлиириттэн итинник дьаһаныы буолара. Учуутал идэтин чахчы баһылаабыт, өр үлэлээбит баай үөрүйэхтээх киһи, Иосиф Иосифович, оскуола олоҕун, үлэтин-хамнаһын иҥэн-тоҥон билэрэ. Ол да иһин буолуо, ханнык да оскуолаҕа кэллэр эрэ туох сыыһа, туох көтүтүү баарын чопчу ыйан уонна ону туоратарга сүбэлээн-амалаан барара. Кини ханнык боппуруоһунан дьарыктаныахтааҕыттан тутулуга суох, оскуолаларга сырыттар эрэ эдэр учууталлары быһа ааспат идэлээҕэ. Саҥа үлэлээн эрэр дьоҥҥо Иосиф Иосифович сүбэтэ, аҕалыы кыһамньыта хайдах да тиийэрэ. Кинини билигин да үгүстэр, оччотооҕу тылынан эттэххэ, дьиҥнээх наставнигынан ааттыыллар.

Педагогика наукатын кандидата, өр сылларга үлэлээбит үтүөлээх учуутал, өрөспүүбүлүкэ педагогикаҕа коллективыгар «инспектор Чаринынан» биллибит Иосиф Иосифович Чарин туһунан балачча элбэх суруллубут буолуохтаах. Киһи кэрэхсиирэ, киһи биһириирэ баар, кинини үлэһит быһыытынан учууталлар эрэ буолбакка, доҕотторо, табаарыстара, көннөрү билэр да дьон үрдүктүк сыаналыыллара. Өтөрдөөҕүтэ «Кыым» хаһыакка суруналыыс В. Федоров И.И. Чарин туһунан суруйуутугар: «Бэйэтин билиитин дьаныардаахтык үрдэтинэр, ол кини үлэтин биллэрдик чэпчэтэр. Хас күн аайы үлэ чааһын кэнниттэн баччаны дьиэбэр оҥоруохтаахпын диэн сорудах ылынан илдьэ барар уонна онтун сарсыарда эрдэ туран толорор үгэстээх», – диэн этиитэ кини кыһамньылааҕын, тустаах үлэтигэр ордук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарын, дьаныардаах үлэһитин чаҕылхайдык көрдөрөр. Итини суруналыыс киэргэтэн, оҥорон көрөн эппэтэх: кини Иосиф Иосифович табаарыстарын, бииргэ үлэлиир доҕотторун кытта кэпсэтиһэн, ыйыталаһан баран, итинник сыананы биэрбит. Оттон М. Дьячковская итиннэ эбэн өссө: «Кини …айылҕаттан айдарбыт алыс амарах дууһалаах, ураты эйэһэс-сайаҕас майгыннаах, дьоҥҥо үтүөнү оҥорортон бэйэтэ үөрэр эрэ киһи этэ», – диэн суруйар. Үтүөкэннээх үлэһити, киһи киһитинэн, учууталлар учууталларынан аатырбыт Иосиф Иосифович Чарины, мин итинтэн атыннык сыаналыыр да, суруйар да кыаҕым суох. Арай бииргэ эрэ тохтуом этэ. Ол доҕотторугар, табаарыстарыгар кыһамньытын, бэһиэлэй кэпсээннээх-ипсээннээх, көрү-нары тэрийээччи быһыытынан кини туһунан тугу истибиппин ааҕааччыларбар иһитиннэриэхпин баҕарабын. Кэргэнэ Марфа Егоровна да, кинини көннөрү билэр дьон да этэллэринэн, Иосиф Иосифович доҕотторугар, билэр-билбэт да дьонугар көмөлөһөр, тугу эмэ үчүгэйи оҥоро сатыыр идэлээх эбит.

Фроҥҥа баран иһэн тымныйан улаханнык ыалдьан хаалбыт. Бэрт өр эмтэммит. Кэлин тиһэҕэр иккис группалаах инбэлиит буолбута. Бука, дойдутугар тиийэ кэлэр кыаҕа суоҕа эбитэ буолуо: табаарыһыгар, казах уолугар, Ташкеҥҥа баран сынньанан, күүс-уох мунньан баран дойдулуурга быһаарыммыт. Онтон кини Мэҥэттэн сылдьар Захаров диэн уол ыалдьан балыыһаҕа сытарын булан, бэйэтэ төһө да арыычча сырыттар, сайыны быһа ас таһан ыарыылаан, ол киһини күһүөрү дойдутугар илдьэ кэлбит. Аара Уус Кут станцияҕа фроҥҥа баран иһэр бэрт элбэх саха дьонун көрсүбүттэр, ирэ- хоро кэпсэтиспиттэр. Онно кини төрөөбүт-үөскээбит Тааттатын дьонун көрсөн кэпсэтиспит, убайа Иван Иосифович баран иһэрин билэн, көрдөөн булан ылбыт. Онон ол түүн убайын кытта бииргэ хоммуттар, бэрт элбэҕи сэһэргэспиттэр. Сарсыарда убайа уоттаах сэрии толоонугар, оттон кини ити толоонтон инбэлиит буолан дойдутугар айаннаабыттар. Төһө да кини ити фронтан инбэлиит буолан эргилиннэр, санаатын түһэрбэтэҕэ, сытан-олорон хаалбатаҕа. Этэргэ дылы, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Оҕону иитии, оҕону үөрэтии умсулҕаннаах, унньуктаах аартыгын эрэллээхтик дабайбыта. Кини ити аартыкка туруору тахсыыны, араас моһоллору даҕаны көрсүбүтэ буолуо да, ону инникигэ, үтүөҕэ тардыһыыта күүстээҕинэн, көрүнэн-нарынан аралдьытан симэлитэн иһэрэ. Иосиф Иосифович оскуола олоҕун, учууталлар тустарынан өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар үгүстүк суруйарын аахпыттар аҕыйаҕа суох буолуохтаахтар. Итиннэ кини чахчы сөбүлээбит, идэтин баһылаабыт учууталлар тустарынан астынан өрө көтөҕүллэн туран суруйарын ол ыстатыйалары аахпыт эрэ билиэн сөп. Холобур, бу «Учууталлар учууталлара» диэн Андрей Николаевич Анисимов туһунан суруйбут оригинала баар. Манна кини Андрей Николаевиһы учуутал уонна киһи быһыытынан олус итэҕэтиилээхтик суруйбут. Ити кырдьаҕас, баай үөрүйэхтээх учуутал олоҕун, үлэтин көннөрү кэпсээн суруйуу эрэ буолбатах: бу туох ханнык иннинэ оҕону иитии проблемаларын быһаарыы, эдэрдэргэ үлэ үөрүйэҕин кэпсээһин. Итинник суруйуулар Иосиф Иосифовичка элбэхтэр.

И.И. Чарин биир идэлээхтэрин эрэ туһунан суруйар, сэһэргиир буолбатах эбит. Кини табаарыстарын, доҕотторун тустарынан араас көрүдьүөстээх кэпсээннэри кэпсиирэ, түмсүүлэргэ көрү-нары тардара. Ардыгар ол кэпсээннэрин бэйэтэ кумааҕыга тиһэн хаалларар да эбит.

Истиҥ дууһалаах, эйэҕэс майгыннаах Иосиф Иосифович билигин суох. <…> Кини баҕата, кини дьулуура – оҕолоро, сиэннэрэ дьон ытыктыыр, сөбүлүүр үлэһит дьон буолуулара. <…> Онуоха кинилэри Иосиф Иосифович үтүө-мааны майгыта, дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ сыһыана, сүрэҕин сылааһа угуйар, кынаттыыр. Үтүөҕэ, кэрэҕэ дьулуспут Уоһукабыс сүрэҕэ дьоннорун, доҕотторун олохторугар, үлэлэригэр тэбэр, кинилэри таһаарыылаах үлэҕэ көҕүлүүр.

Прокопий Караканов,

СӨ суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0